Николай ПОПОВ: “Музей историяны ханалыппакка тиэрдэр”
Биһиги хаһыаппытыгар «Саха сирин политическай сыылката» Чөркөөхтөөҕү историко-мемориальнай музей (музей комплекса) сэбиэдиссэйэ Николай Ефимович Попов ыалдьыттыыр. Кини эдэр эрдэҕиттэн Суорун Омоллооннуун бииргэ алтыһан, эллэһэн үлэлээбит уонна ытык кырдьаҕас баҕа санаатын барытын олоххо киллэрбит киһи. Николай Ефимович курдук музей дьыалатыгар баай уопуттаах, бэриниилээх үлэһит өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарбахха баттанар аҕыйах.
Олоҕум сырдык кэрчиктэрэ
– Николай Ефимович, олоҕуҥ сүрүн кэрчиктэрин кэпсээ диэтэхпинэ, тугу ахтан-санаан ааһыаҥ этэй...
– Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгэр улааппытым. Үөрэҕэ суох холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт оҕобун. 1 саастаахпар аҕата суох хаалбыппын, онон 5-тээхпиттэн маачаха аҕаҕа иитиллибитим. Уус Баһылай Баһылайабыс Седалищевка күөрт күөртээччинэн сылдьыбытым. 6 саастаахпар 100 үлэ күнүн толорон дохуоттаммыппын өйдүүбүн. Ийэм: “Бу оҕом үлэлээбит арыыта, этэ”, – дии-дии сыарҕалаах ас кэлбитигэр үөрбүтэ. Оччолорго эн кыахтааххын дуу, суох дуу диэбэттэр. Килиэп сиир буоллуҥ да үлэлиэхтээххин дииллэр. Үчүгэйдик үлэлээтэххинэ хайҕыыллар, кыайбатаххына – таһыйыахтарын да сөп. А.А.Павлов-Ачыкы Охонооһой диэн холкуос бэрэссэдээтэлэ мунньахха миигин “100 үлэ күнүн өлөрдө” диэн хайҕаабытын эт кулгаахпынан истибитим.
Дойдубар 4 кылааһы бүтэрэн баран, Игидэйгэ 8 кылааһы бүтэрбитим. Дьиҥнээхтик үөрэххэ тардыһыыны Игидэй оскуолатын учууталлара биэрбиттэрэ. Төрүт мэник-тэник киһини тэһииннээн иитэн таһаарбыттара. Бастаан кэлээт, интэринээккэ 3-4 хоноот, бэрээдэги кэһэн үүрүллэн хаалбытым. Онон сыл аайы 5-6 ыалы кэрийэн олорон, дьиэбиттэн өйүөбүн сүгэ сылдьан үөрэммит киһибин. Сүрүн биричиинэтэ – олус мэник эбиппин. Оҕолору уруоктарын аахтарбакка, тыаҕа илдьэн сэриилээх оонньууну тэрийэрим...
Оскуола кэнниттэн дойдубар холкуоска үлэлээбитим. Икки сыл Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабытым. Онно комсомольскай үлэҕэ тардыллыбытым – рота эркин хаһыатын эрэдээктэрэ этим. Сылтан ордук суулуспалаабытым кэннэ Тиксииттэн Читаҕа хамандыырдар куурустарыгар ыыппыттара. Үөрэнэн бүтэн чааспар төннөн истэхпинэ, Дьокуускайга тутан ылан дембеллээбиттэрэ. Аҕаҥ сүрэҕинэн ыалдьар, дьиэ кэргэҥҥин иитэр киһи наада диэн дойдубар таһаарбыттара. Аармыйаҕа сылдьан Кыайыы 20 сылыгар үчүгэй сулууспам иһин мэтээлинэн наҕараадаламмытым – онтукабын туох баар наҕараадаларбыттан барыларыттан күндүтүк сыаналыыбын.
Төрөөбүт нэһилиэкпэр кутум-сүрүм таласпатаҕа. Дьоммун хара үлэнэн кыайан иитиэ суохпун диэн санааҕа кэлбитим. Хайдах эрэ гынан ойуур авиациятыгар үлэҕэ киирбитим. Парашютист-пожарник идэтин ылан Дьокуускайга ойуур хаһаайыстыбатын харыстыыр авиацияҕа үлэлээбитим. 2 сыл устата Саха сирин бары улуустарынан көтөн, парашютунан ыстанан, баһаар бөҕөҕө сылдьыбытым. Үлтү тэптэрээччи идэлээх этим, ол иһин командировкаҕа элбэхтик ыыталлара.
Авиацияҕа бэрт баҕайытык үлэлээбитим. Кыһын уоппуска кэмигэр дойдубар тиийэн хачыгаардыы сырыттахпына, нэһилиэк салалтата ыҥыран ылан, партияҕа киирэрим наадатын, дойдубар үлэлиэхтээҕим туһунан сүбэлээтилэр. П.Алексеев аатынан сопхуос босхоломмут сэкирэтээринэн анаатылар. Ол да буоллар ойуур авиациятыгар төннөр баҕалаах этим, ол иһин лүөччүк үөрэҕин кэтэхтэн бүтэрбитим. Ити кэмнэргэ өйбүн-санаабын табаарыстарым, кэллиэгэлэрим сүбэлэринэн Үрдүкү партийнай үөрэххэ барбытым, 3 сыл үөрэммитим. Ол сылдьан “Комсомольскай правда” Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин уордьанын ылбыппын уолаттары кытта сууйбут содулбар, партийнай миэрэ ылыллан, кэтэхтэн үөрэххэ көһөрүллүбүтүм. Онон үөрэхпин икки сыл хойутаан бүтэрбитим. Партийнай миэрэ диэн ол саҕана миэхэ улахан моральнай оҕустарыы кэнниттэн, син биир төрөөбүт сопхуоспар кэлэн үлэлээбитим. Бэрэссэдээтэли хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччы буолбутум. Хабаровскайга гааһы хайдах туһаналларын көрбүт буоламмын, хочуолунайга гаас киирэрин туруорса сатаабытым, убаҕас гааһы аҕалар баҕалааҕым. Онтубут кыаллыбатаҕа. Ол иһин, арааһа, Таатта эҥээр биир бастакынан хочуолунайбытын сэлээркэҕэ көһөрбүппүт.
Холкуостары бытарытыы кэмигэр Чөркөөххө рабочкомунан анаммытым. Наһаа интэриэһинэй үлэ этэ. Наар үлэһит дьону кытта алтыһыы. Үлэлиир усулуобуйалара олус мөлтөх этэ, ону тупсарарга кыһаллыбытым.
Суорун Омоллоон дьыалатын салҕаары
– Олох араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээн баран музейга хайдах кэлбиккиний?
– 1977 сыллаахха М.Н.Сибиряков райком сэкирэтээринэн барыан иннинэ, баҕарбатаҕым да үрдүнэн, Култуура отделын сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. 1984 сыллаахха диэри үлэлээбитим. Онтон Райсовет бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитим.
1985-1990 Райкомҥа сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Салайааччы быһыытынан бэйэбин көрдөрүөхтээх кэмим быһыылаах этэ. Сылайары-элэйэри аахсыбакка сүүрбүт-көппүт сылларым этэ. Сэбиэскэй кэминээҕи үлэҕэ-хамнаска кыттыспыппынан киэн туттабын, астынабын. Алдан өрүһүнэн дэлби бурдук тиэйэн аҕалтарбыппын, дьалхааннаах 90-с сылларга дьон аһаабыта. Бэл, чугас улуустар кэлэн тиэнэн бараллара. Дьон хамнаһын ылбат да кэмигэр, нэһилиэнньэҕэ инкубатордары аҕалаары, Чечняҕа тиийэ баран кэлбитим. Дойдум ыһыллыытын илэ харахпынан көрөн кэлбитим. Итинник санаатахха элбэх...
1995-98 сылларга Ытык Күөл баһылыгынан үлэлээбитим. Дьон сарсыҥҥыга эрэллээх буоларын туһугар элбэх үлэ барбыта. Хамнас, биэнсийэ кэлбэт этэ. Ол да буоллар М.Е.Николаев көмөтүнэн нэһилиэкпитигэр улахан таас оскуола тутуллубута. 100 киһилээх молдованнар биригээдэлэрэ кэлэн туппута. Мин онно өҥөм кыра – үлэни тэрийэр этим, үлэһиттэрбин олохтообутум. Нэһилиэнньэҕэ айдаан тахсыбатыгар кыһаллыбытым. Олохтоох дьон үлэтэ да, хамнаһа да суох олордохторуна туора дьон кэлбиттэриттэн айдаан тахсыан сөп диэн улаханнык куттанар этим. Оччотооҕу “Тааттастрой” салайааччыта Т.П.Варламов күүскэ үлэлээбитэ.
1998 сылга улахан быыбардар буолбуттара. Биир дойдулаахпыт А.А.Томтосов дьокутаакка турда. Онно кыттыстым. Кыайтаран хааллыбыт. Бэрт аҕыйах куолаһынан. Аны сиэним дэлби ыарыйда, 9 эпэрээссийэни ааста. Моһуогуран бардым, дойдубар наадата суох буоллум диэн санаа үүйэ-хаайа туппута.
Онтон “сиргин уларыт, дойдугун сынньат” диэннэр, Алдаҥҥа профсойуус бэрэссэдээтэлинэн үлэлии барбытым. Алданнары наһаа үчүгэйдик ахтабын. 600-тэн тахса үлэһиттээх тэрилтэ мөлүйүөнүнэн хамнастарын ылбакка, улаханнык кыыһыран олорор кэмнэрэ этэ. Салайааччылара Москваҕа куотарга күһэллибит этэ. Алдан ойуурун маһын Японияҕа экспортаан үлэ бөҕө тэрийбиппит. Ити кэмҥэ маһы Кытайга сокуоннайа суох ыытыы наһаа баар этэ. М.Е.Николаевка маһы экспортааһыны официальнайдык көҥүллээн, дьону үлэлэтиэххэ диэн сурук суруйбутум. Уус Алданнары, чурапчылары, намнары, горнайдары ыыталаабыттара, үчүгэйдик үлэлээбиттэрэ. Оччолорго да ойуур баһаара наһаа тахсар этэ. Аны моҥкуруукка баран, тастан салайыыга көспүт тэрилтэ буолан, суукка сылдьарым элбэх этэ... Онно уһаарыллыым билигин үлэбэр туһалыыр.
2000 сылга Уолбаҕа баһылыгынан анаммытым. 3 сыл үлэлээн баран улууска Социальнай көмүскэл управлениетые салайбытым. 2006 сылга диэри үлэлээбитим. Кыаммат, кырдьаҕас араҥаны кытта ыкса үлэ этэ. Сэрии бэтэрээннэрин тиһэх суолларыгар атаарыы, бириэмэтэ кэлэн, элбэх этэ.
60 саастарыттан судаарыстыбаннай сулууспаҕа үлэлээбэттэр диэн сокуон үлэлиирэ. Онон уурайар санаалааҕым. 60-мун бэлиэтиирбэр аймаҕым Сардаана Платоновна Ойунская кэлбитэ. Эдьиийим, үбүлүөйүм кэннэ инники былааммын ыйытан баран, музейга баран Суорун Омоллооннуун ыкса алтыспыт киһи, кини дьыалатын салҕаа диэбитэ. Баһылыкка эрийэн кэпсэппитэ. Оннук дьылҕабын быһааран кэбиспиттэрэ.
– Уопсастыбаҕа туһалаах олоҕу олорорго дьиэ кэргэн өйөбүлэ баар буолуохтаах дии саныыбын.
– Кэргэммин кытта 50 сыллааҕыта билсибиппит. Эһиил атырдьах ыйын 15-гэр ыал буолбуппут 50 сылын бэлиэтиибит. Кэргэним Нижний Новгородтан төрүттээх, математика учуутала. Үлэтигэр бэриниилээх киһи, табаарыстарым этэллэринэн, Тааттаҕа миигиннээҕэр элбэх үтүөнү оҥорбут кэргэним буолар. Математикаҕа үөрэппит оҕолоруттан наукаҕа барбыт элбэх, салайааччы буолбуттар үгүстэр.
2 кыыстаахпыт, 4 сиэннээхпит. Уол оҥостон быраатым уолун ииппитим, эдэр сааһыгар сүрэҕинэн өлбүтэ. Онон уол оҕом суох, күтүөттэрбин уол гына сылдьабын. Кыра кыыһым урут мин үлэлээбит сирбэр Алдаҥҥа олохсуйан олорор.
Үп-харчы тиийбэт
– Эһиги музейгыт биир улахан уратытынан аһаҕас халлаан анныгар турара буолар. Үбүлээһин өттүнэн төһө кыаллаҕытый? Хас үлэһиттээххитий?
– Манна ытыы-соҥуу, сулана олорорум табыллыбата буолуо. 14 сыл устата үлэлээбитим устата көрбүппүнэн, өрөспүүбүлүкэбит музейга сыһыана, бүддьүөппүт тыырыллан кэлиитинэн көрдөххө, олох мөлтөх. Үчүгэйэ диэн, култуура эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдээтэ. Онон бу үлэбит былдьаһык буолла. Урут баҕалаах аҕыйах буолара.
Баҕа санаабытынан үлэлиир кыахпыт суох.
8 үлэһиттээхпит. Онтон 4-дэ – смотритель, 1 – фондохранитель, 2 – эспедиционнай-выставочнай специалист, 1 солбуйааччылаахпын. Дьиҥэ, харабыллар, сантехник, электрик, болуотунньук, оробуочай штата барыта наада...
– Экспонаттары көрүү-истии эмиэ уратылаах буолуохтаах. Баараҕай тутуулары, архитектура пааматынньыктарын харайыы хайдах барарый?
– Биһиги үлэбитигэр саамай наадалаах боппуруос. Өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн фондохранилище диэн суох, эгэ, Чөркөөххө кэлиэ дуо...
Экспонаттар буорту буолуулара бара турар. Киһи мөҕүллэр,үлэтиттэн уһуллар да боппуруостара элбэхтэр. Экспонаттар эргэрэллэр, буорту буолаллар. Барытын специалист оҥоруохтаах. Ол штата көрүллүбүтэ эрээри, үбүлэммэт.
Боростуой өрөмүөннэри оҥорууга дьиэ туттарбытым. Реставратор үлэлиэн сөптөөх сирэ тэриллибитэ. Коммунальнайга иэстэнэн ситимнэртэн быстара сырыттылар. Аны холботорбут эмиэ харчы.
Чөркөөх музейыгар реставрация сыаҕа аһыллара булгуччу наада дии саныыбын. Атын да улуустары кытта үлэлиэ этибит. Каадырдары бэлэмниэххэ, үүннэриэххэ наада.
Музейбыт уратыта диэн аһаҕас халлаан анныгар турар баараҕай тутуулар. Холобур, атын музейдарга дьиэ иһигэр турар эскпонаттар күндүлэр. Биһиэнэ тутуута барыта сэдэх экспонат. Киһи кырдьарын курдук сыл ахсын эмэҕирэн иһэллэр. Тэллэй буолууну күүскэ эмтээн кэллибит. Сахалыы сууйуунан-сотуунан ыраастаан кэлбиппит. Былырыыҥҥыттан анал раствордары туттабыт.
Сыл аайы эбийиэктэри өрөмүөннээһини туруорсабыт...
Кырдьаҕас баҕа санаатын олоххо киллэрэбит
– Суорун Омоллооннуун өр бииргэ үлэлээбит киһи буоллаҕыҥ. Ытык киһибит дьыалатын салҕыыгын, ситэрэҕин. Кырдьаҕас баҕа санаатын барытын олоххо киллэрбитэ дуо? Өссө тугу тутуон баҕарар этэй?
– Киһи кылгастык кэпсээбэт. Ол эрэн уһаппакка-кэҥэппэккэ эттэхпинэ, Дмитрий Кононович баҕата туолан иһэр. Кини былааннаабытыттан илиибитигэр тутан хаалбыппыт – политическай сыылка музейыгар дьиэ оҥоһуллуута буолар. Ити дьиэни В.А.Штыров оҥорторбута.
Иккис баҕа санаата – Ойуунускайга музей дьиэтин тутуу этэ. Киниэхэ бэйэтигэр тутуллубут икки этээстээх дьиэни, Ойуунускайга анаан музей гыныҥ диэн биэрбитэ. Ону Е.А.Борисов толорбута. Бараховка уонна Ойуунускайга саҥа дьиэ тутуллан музей буолбута. Бырайыактатан, сүүрэн-көтөн туттарыытыгар үлэлэспитим. Быйыл балаҕан ыйыттан туспа музей аатын сүктэ. Саҥа дириэктэри анаттым, үлэлэрин бэркэ саҕалаатылар.
Итинник икки улахан баҕа санаата туолла.
Үһүс баҕа санаата – хотугу норуоттар музейдарын тэрийии этэ. Тополинайга тэрийэр санаалаах эбит, кэпсэтиилэри ыыппыт. Кэнники көрө-истэ бара сылдьыбытым. Өймөкөөнү эмиэ көрбүтүм – хайа анныгар хастарбыт шахталарыгар муус музейын оҥорон өймөкөөннөр билигин инники иһэллэр. Өймөкөөҥҥө даҕаны, Тополинайга даҕаны хотугу норуоттар музейдарын арыйар кыах баар. Үчүгэй былаан уонна судаарыстыбаннай өйөбүл эрэ наада.
Биһиги музейбыт нуучча култууратын, итэҕэлин ытыктааһыҥҥа үөрэтиэхтээх. Бу Суорун Омоллоон адьас инники туруорар боппуруоһа этэ. Сахалар бу омугу кытта тэҥҥэ сайдыахтаахпыт диирэ. Биһиги Дмитрий Кононович этиититтэн туораабаппыт.
– Арай хааччаҕа суох үп көрүллэрэ буоллар, эн тугу оҥоруоҥ этэй? Туох ситэриллэ илигий?
– Наһаа үчүгэй ыйытыы. Музейдар бары манна санаабыт биир буолуохтаах. Биир бэйэм фантазиябын эттэхпинэ, хаһыакка элбэх миэстэни ылыахпын сөп. Нэһилиэктэр музейдарын үбүлээн, специалистарынан хааччыйан, экспонаттарын судаарыстыбаннай музей иһинэн учуокка ылан үлэлэтиэххэ баар этэ.
Билигин штаты сарбыйыы күүскэ бара утара – оптимизация. Нэһилиэктэргэ, оскуолаларга баар музейдар дьоно суохтар. Холобур, Чымнаайы музейын нэһилиэк баһылыга дьаһайан туттарбыта, музей буолан истэҕинэ штат сарбыллан хаалбыта.
Оскуолалар патриотическай санааттан наһаа үчүгэй музейдары тэрийэн баран үлэлэтэр кыахтара суох – эмиэ оптимизация буолан хаалла.
Таатта иһигэр уонча музей-уһаайбалардаахпыт. Бары “стихийно” үлэлии тураллар. Табаахырап, Пекарскай, Ойуунускай курдук улуу дьон олорбут дьиэлэрэ консервацияланан тураллар. Суол-иис суох, уот ситимэ тардылла илик. Суол суоҕуттан сөптөөхтүк көрбөт-истибэт буруйдаахпыт...
Холобур, биһиги нэһилиэккэ, Булгунньахтаах диэн алааска родовой управление дьиэтэ-уота бүтүн комплекс турар. Кыахтааҕым буоллар, итини реставрациялаан музей үлэлэтиэм этэ. Итинник ытык сирдэр наһаа элбэхтэрэ суох. Онон болҕомто ууруллара хайаан да наада. Бу дьиҥнээх история – Арассыыйа судаарыстыбатыгар Саха сирин киириитин көрдөрөр комплекстар.
Куолулаабакка эттэххэ, Ойуунускай музей уһаайбатыгар уоту, суолу-ииһи туруорса сылдьабыт. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан элбэҕи эрэйэбит.
Каадыры бэлэмнээһин туспа сыһыаны эрэйэр – специалистары соҕуруу ыытан үөрэттэриэхтээхпит. Бастыҥ уопуту көрө ханна да барар-кэлэр кыахпыт суох – харчы көрүллүбэт.
Ил Дархан саҕалаабыт үтүө дьыалата
– Меценаттар, спонсордар көмөлөрө диэн төһө баарый? Билиҥҥи элита култуураны төһө өйүүр дии саныыгын, холобур, историябытыгар кыахтаах дьон меценаттаабыт түгэнэ элбэх дии ...
– Былырыын Ил Дархаммыт дьиэ кэргэннинээн сүбэлэһэн, үп көрөннөр, миэлиҥсэбитин реставрациялаттылар. Инньэ гынан киэн туттуубут иккис тыынын ылла диэн үөрэбит. Быйыл Н.И.Бочонин салайааччылаах “Тааттаавтодор” үбүлээһининэн, Э.К.Пекарскай балаҕана ардах, хаар хотуппат гына оҥоһулунна, эмэҕириини утары суурадаһынынан ыстардылар. Р.В.Васильев салайааччылаах уопсастыбаннай тэрилтэ Трощанскай балаҕанын өрөмүөннээтилэр. Онон быйыл икки эбийиэги, холбоон 3 эбийиэги өрөмүөннээтибит.
Махтанарым диэн улууһум уонна өрөспүүбүлүкэм баһылыгар, ону тэҥэ нэһилиэнньэҕэ. Чөркөөх музейыгар оҥоһуллар көмө улахан өйөбүл буолар. Уопсастыбаннас өйөбүлүнэн тутуллубута, дьон көмөтүнэн даҕаны үлэлии турар.
Г.Н.Данчикова көмөтүнэн, Николаевскай таҥара дьиэтэ өрөмүөннэммитэ.
Биһиэхэ меценатствоны өрөспүүбүлүкэбит баһылыга бэйэтинэн саҕалаан турар диэн үөрэбит. 10-ча наар көмөлөһөр спонсор тэрилтэлэрдээхпит.
– Билиҥҥи уопсастыба сайдыытыгар, ыччаты иитиигэ музей туох-ханнык оруоллаах дии саныыгын?
– Ыччаты иитиигэ музей наһаа наадалаах. Музейдарга бу хайысхаҕа штат көрүллүөн да наада. Оскуолаларга краевед штата баар буолуон наада.
Биһиги олохтоох оскуоланы кытта ыкса үлэлэһэбит. Музей педагогиката диэн туспа суол баар. Музейы көрдөрөн эрэ буолбакка, биһиги ыччаппыт музей диэни иһиттэҕинэ сүрэхтэрэ сылаанньыйар гына иитэн таһаарабыт. Бу Суорун Омоллоон саҕаттан олохтоммута.
Музей хаһан да сүтүө суоҕа
– Барыта онлайн буолбут кэмигэр хайдах үлэлээтигит? Музей инникитин хайдах көрөҕүн, барыта онлайн халыыпка көстөҕүнэ музейга дьон сылдьыа дуо?
– Мин музей сүтүө, эстиэ дии санаабаппын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги олохпутугар маннык курдук көстүү баара. Телевизор кэлбитигэр киинэ, театр сүтүөҕэ диэбиттэрэ... Син оннук курдук. Төһө да саҥа технологиялар киирдиннэр, олохпут барыта онлайн халыыбынан барбытын да иһин, музей оруола намтыа суоҕа.
Цифровизациялааһын музейы өссө күүһүрдүөҕэ. Ол гынан баран, үбүлээһиммит суоҕуттан, билигин интэриниэтэ да суох олоробут.
Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ харчы көрүллүбэт. Оннооҕор күрдьэҕи, от охсору ылар кыахпыт суох. Киэҥ сиринэн турар комплекс сирин илиибитинэн охсобут эбэтэр чааһынайдары көрдөһөбүт...
“Харчыны бэйэҕит булунуҥ” диэн толкуйга киллэрии музей үлэтигэр барбат. Биһиги театрализованнай көрдөрүүнэн дохуот киллэринэр тэрилтэ буолуо суохтаахпыт. Сайдыылаах судаарыстыбаларга музейдар киириилэрэ босхо буолбута үйэ аҥаарыттан орто. Олохтоохтор бэйэлэрэ таҥмыт, оҥорбут музейдарыгар харчы төлөөн сылдьаллара диэн ыарахан.
Биһиги музейга сылдьар дьиэ кэргэттэри өйүөхтээхпит. Кэнники сылларга дьиэ кэргэнинэн музейга кэлэн барыы маассабай буолла. Ордук мэҥэлэр, аммалар, чурапчылар кэлэн бараллар.
Мин саныахпар, биһиги үлэбитин былаанныыр, сүрүннүүр Бырабыыталыстыбаннай чаас ыытыллыан наада. Туох барыта өйөбүллээх эрэ буоллаҕына тахсар. Нуучча судаарыстыбатыгар холбоспут сайдыыбыт суолун ыччакка биһиги эрэ кэпсиибит. Оттон билигин хаһаактар кэлбит харааабылларын көрөр-истэр да үппүт суох. Ил Дархан өйөбүлэ наада.
Кумааҕыга тугу баҕарар суруйуохпутун сөп. Олоххо киллэриитигэр үп-харчы наада.
– Историяны атыннык ааҕыы, уларытыы, барыстаах өттүнэн иэҕэн таһаарыы наһаа баар буолла... Биир историческай түгэни сэттэ историк сэттэ араастык кэпсиир буолла. Ыччат булкуллуон сөп курдук. Маны эн туох дии саныыгын, маныаха тыыннаах туоһулары мунньан турар музей суолтата улаатыан наада курдук...
– Оннук. Биһиги, музейдар, историяны ханарытар кыахпыт суох – биһиги дьиҥнээх архыыбынай, историческай докумуоннарынан эрэ кэпсиибит. Онон хайдах да сымыйалыыр кыахпыт суох. Музей специалиһа докумуоннарга баар чахчыларга эрэ олоҕуран үлэлиир. Историяны хайдах баарынан кэпсиир тэрилтэ – музей эрэ баар.
Историческай чахчыны тиэрдии, уруккуну билиҥҥини кытта силбээһин биһиги ытык иэспит. Ону кытта норуоттар доҕордоһууларын, дойдуга бэриниилээх буолуу өйдөбүллэрин тарҕатар кыһа буолабыт.