02.08.2020 | 15:07

Николай Новгородов: “Биэс ый хаайтаран, сааһыланан, иэйиим уһугунна”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахабыт эстрадатыгар сылтан сыл саҥа ааттар, сонун ырыалар тахса тураллара олус үөрдэр. Бүгүн кэпсиир ырыаһытым киэҥ эйгэҕэ биллибитэ хас эмэ сыл буолла. Николай Новгородов ырыалара киһи санаатын, ис туругун таарыйар уонна дьиҥ олоххо баары этэр  буолан, истээччилэр араадьыйаҕа сотору-сотору  сакаастыыллар. Чуолаан “Халлаан аҕалаахпын”, “Дойдубар”, “Ийэбэр” диэн ырыаларын эдэр да, эмэн да сөбүлүүр.

  • Николай, дорообо! Ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан, төрүччүгүн кэпсии түс эрэ.– Мин сахаҕа муударайынан аатырбыт Сэһэн Ардьакыап сириттэн Уус Алдантан төрүттээхпин. Дойдум, улааппыт, үөрэммит сирим Тумул нэһилиэгэ буолар. Билигин Дьокуускайга үлэлии-хамсыы сылдьабын. Сыанаҕа тахсан ыллыам, дьон махталын иҥэриниэм диэн санаам суох этэ. Оҕо сылдьан буолар тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттан, ыллаан, үҥкүүлээн иһэрим. 10 сааспыттан бэйэм ырыа, хоһоон уонна матыып айар талааным арыллыбыта.– Туох идэлээххин? – Орто үөрэхтээхпин. «Исполнитель художественно-оформительских работ» диэн идэлээхпин. Кылгастык уонна судургутук эттэххэ, кулууп үлэһитэ. – Ыллыыр талааныҥ кимтэн бэриллибитий?– Ийэм уонна аҕам өттүттэн бэриллибит дии саныыбын. Оҕо сылдьаммын эбэлээх эһэм оһох иннигэр олороннор сахалыы ыллыыллара, чабырҕаҕы толороллоро, олоҥхолууллара. Эһэм байааны биэс тарбах курдук билэрэ. Онуоха эбэм барахсан ыллыы-ыллыы, саҥа ырбаахытын кэтэн үҥкүүлүүрэ. Кинилэри көрөн  уонна бэйэм да испэр угуттана сылдьыбыт буоламмын, ырыаны чугас ылыммытым. “Ийэбэр” диэн аан бастакы ырыабын күн сирин үтүөтүн көрдөрбүт, мин тыыннаах таҥарабар анаан суруйбутум. Ол саҕана, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ ыарахан кэм кэлэн ааспыта. Аҕам мин үс саастаахпар бу күн сириттэн күрэммитэ. Санааҕа-онооҕо ылларан, олох да кыһарыйан буолуо, хоһоон суруйарым.
  • Ийэм билигин Уус Алдан Бороҕонугар баар, онно үлэлиир, сиэн көрөн олорор. Оҕо эрдэхпиттэн араас оскуолаларга үөрэммитим, интэринээттэринэн сылдьан киһи-хара буола улааппытым.

  • Дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
  • Кэргэним Анна Николаевна диэн, Гоэл уонна Эрэл диэн ааттаах уол оҕолордоохпут. Кэргэним нолуогабайга үлэлиир. Оҕолорбутун көрөн, субуруччу декреккэ олорбут буолан, уопсай сүбэнэн ийэбитин үлэтигэр таһаардыбыт. Билигин оҕолорбун кытта күммүн атаарабын, уол оҕону эр киһи иитиэхтээх диэн санааны кытта сөпсөһөбүн. Сөпкө, бириэмэтигэр көрдөххө-иһиттэххэ, такайдахха эрэ дьиҥнээх эр дьон буолан тахсаллар. Кыралаан, сакаас киирдэҕинэ, ыллыы-туойа тахсабын.

Улахан уолбут Гоэл 3 саастаах. Тоҕо дьикти, ураты ааты биэрдиҥ диэн бары интэриэһиргииллэр. Оҕобут бу орто дойдуга уратытык кэлбит киhи. Үрүҥ халааттаах аанньаллар, көрбүөччүлэр, эмчиттэр сатаан тыыннаах төрөөбөт диэн быhа саҥарбыттара, ол эрэн биhиги оннук этиилэргэ сөпсөспөтөхпүт, бэриммэтэхпит уонна эрэлбит хаһан даҕаны уостубатаҕа. 9 дуомнаах ойуун убайбыт Сөдүөккэ илдьэммит, үс түүн алҕатан баран, Санкт-Петербург куоракка айаннаабыппыт. Оҕобут тулуурдаах буолан, эпэрээссийэни этэҥҥэ ааспыта. Онтон ыла бу күн сиригэр ийэ уонна аҕа буолар дьолун билбиппит. Бу ойууҥҥа күн аайы 10 киhи тиийэн алҕанар, ыраастанар, эмтэнэр. Ньыыкан оҕонньор бэйэтин кэнниттэн хаалларбыт иитиллээччитэ. Күүстээх ойуун, барыта кини эппитин курдук... Туохтан да куттанымаҥ, барыта үчүгэй буолуо диэн эрэл кыымын сахпыта.

Санкт-Петербург куоракка олорон өр толкуйдаан, ырыҥалаан баран, уратытык кэлбит киhини уратытык ааттыахха диэбиппит. Хайа да омукка суох ааты биэриэм диэн санааттан Гоэл диэн ааттаабытым. Быһаарыыта маннык буолар: «Гордость отца, элитный лидер”.

Биһиги курдук эдэр дьоҥҥо этиэм этэ: ыарахаттартан толлубакка, туохтан да иҥнибэккэ, кими да истибэккэ, олоххут сүүрүктээх, араас долгуннаах даҕаны буоллун, утары устуҥ, дьолгут туhугар охсуhуҥ. “Бэйэҥ дьолуҥ – бэйэҥ эрэ илиигэр” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Кыра уолум – эрэлим. Эрэл диэн сахалыы аатынан сүрэхтээбиппит, икки саастаах, туһата баһаам буолан иһэр.

  • Артыыс быһыытынан бастакы хардыыларгын сэгэтэ түс эрэ.
  • Ырыаhыт буоларбар бастакы хардыыларбын оҕо эрдэхпиттэн саҕалаабыт эбиппин. Убайдарбын батыhан, омуктары үтүктэн, 80-90-с сыллардаах музыканы, кассеталары харандааhынан эргитэ-эргитэ ампаар үрдүгэр кэнсиэр оҥорбута буоларбыт. Өйдүүбүн ээ, матассыыкыл фааратын иннигэр ыллыы-ыллыы үнкүүлүүрбүн. Арааһа, онтон ыла ырыа эйгэтигэр ылларбыппын.

Бастакы улахан наҕараадам – «Хотугу сулуска» лауреат буолуум. «Азия оҕолоро» аһыллыытыгар ыллаабытым. Биллэн турар, оччо улахан тэрээһиҥҥэ талааннаах уонна сатаан ыллыыр дьону ыҥыраллар буоллаҕа. Оҕотук санаабар, бэйэбин кыайбыт-хоппут курдук этим. Билигин ахтан аастахха, олус да кэрэ кэм күөрэс гынан ааспыт эбит. Бу манна барытыгар ырыанан угуттаан илдьэ сылдьыбыт уһуйааччыбар, улахан сыанаҕа суолбун сырдаппыт Антонина Сергеевнаҕа махталым муҥура суох.

Киhиргээбэккэ эттэххэ, оскуоланы бүтэрэр сылбар ырыа күрэхтэригэр кыттыбыт наҕараадаларым 60-тан тахса этэ. Бу тухары улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ситиспит ситиһиим, ыллаабыт ырыам матыыба баһаам буоллаҕа.

  •  Инстаграмҥын көрдөххө, куруук гостуруолтан гостуруолга сылдьаҕын. Сири-сибиири барытын кэрийдиҥ быһыылаах. Саамай умнуллубат айан түгэннэрин саныахха эрэ.
  • Быйыл улахан, умнуллубат гостурол буолан ааста. Евгений Олёнов диэн ырыаhыт табаарыспыныын оруобуна коронавирус бириэмэтигэр Муома оройуонугар Улахан Чыыстай нэhилиэгэр гостуруоллуу  тиийэн баран, хаайтара сыппыппытын хаhан даҕаны умнубатым буолуо (күлэр).

Ол эрэн биэс ый устата олус үчүгэйдик сынньанан, хоту сир күүстээх, кэрэ айылҕатын кытта алтыhан, бултаан-алтаан, сааhыланан, иэйиибит уһуктан кэллибит.

  • Ээ, үнүр суруйбуппар ол иһин даҕаны хоту баарбын диэбит эбиккин. Хаайтара сыттаҕа дии санаабатаҕым.
  • Оннук! Суолу-ииһи барытын сабан кэбиспиттэрэ, инньэ гынан биэс ый сыттахпыт дии. Онно тиийэммин 15 киилэ ыйааһын түһэрэн кэллим. Хата, эһиги хаһыаккыт нөҥүө биhигини сылаастык көрсүбүт доҕорбутугар Руслан Даниловка уонна кини дьиэ кэргэнигэр, халыҥ аймахтарыгар, чуолаан ийэлээх аҕатыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Биэс ый Эдуард уонна Ольга Даниловтар бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөн олортулар, хоннордулар. Биир дьиэ кэргэн курдук, убайдыы-бырааттыы сыһыаны олохтоон, олус бэркэ, тото-хана аһаан-сиэн сырыттыбыт.
  • Ырыа-хоһоон айаргар, суруйаргар дьыл кэмиттэн тутулуктанаҕын дуо? Иэйии хаһан киирэрий?
  • Күһүнү ордоробун. Бу кэмҥэ барыта ураты буолар. Тыынар салгынтан саҕалаан, айылҕабыт, мастарбыт араас өҥүнэн оонньууллар, түүнүн ыйдаҥа уота тыгар, сүүһүнэн сулус суһумнуур. Оннук кэмҥэ иэйии уһуктар. Хоһоон айарга самыыр, ардах сырдык куруһа, уопсайынан, айар куттаах, талааннаах дьоҥҥо олус үчүгэйдик дьайар буоллаҕа.

Мин айан ыллыыр ырыаларым барыта олохпуттан тиһиллибиттэр. Киһи эрэ барыта хоһоон, матыып айар диэни кэлин биирдэ өйдөөтүм. Мин санаабар, ырыа тыллара дьиҥ сирдээҕи олох оҥкулун ойуулууллар. Бэйэм ырыаларбар олоҕу хайдах сыаналыырбын, ойуулуурбун, ылынарбын этэбин. Тыла суруллан бардаҕына, матыыба бэйэтэ кутуллан кэлэр.

  • Николай, эйигин өссө тамадалыыр диэбиттэрэ.
  • Тамадалыы сылдьыбытым, билигин ырыаhыт эрэ быhыытынан сылдьабын. Оҕолордоох, дьиэлээх-уоттаах буолан, бириэмэ олус кырыымчык.
  • Култуураттан тэйдэххэ, атын туох интэриэстээххин?
  • Дьиҥэр, спорду сэргиирим. Араас көрүҥҥэ барытыгар холоммутум, ылсан дьарыктаммытым. Тустууттан саҕалаан, өбүгэ оонньууларыгар, многоборьеҕа тиийэ.

Ол эрэн миэхэ ордук бокса чугас эбит этэ: Тай-Кик бокса, Ушу-Сянда, онтон да атын көрүҥнэрэ. Кистээбэккэ эттэххэ, идэтийиэхпин баҕарарым. Эчэйбэккэ сылдьыбытым буоллар, билигин ырааппыт буолуом этэ дии саныыбын.

  • Дьон сүтэрэр, куоттарар кэмнээх-кэрдиистээх диэн өбүгэлэр этэллэрэ.
  • Сөпсөһөбүн! Эдэр киһи бэйэтин сүтэрэр кэмнээх эбит. Хата, мин испэр ырыам баар буолан, элбэх хараҥа суоллартан тэйэн, бэйэм ыллыкпын буллум. Култуураттан ураты спорт эрэ өттүн көрөр эбиппин, онно олоҕуран эттэххэ, хойутаан да буоллар, өссө биирдэ бэйэбин холонон көрүө эбиппин.
  • Инники былааннар, баҕа санаалар?
  • Хоту дойдуга олороммун элбэҕи ырыҥалаатым, сыаналаатым, ырыттым, толкуйдаатым. Истээччилэрим саҥа ырыалары, хомоҕой тыллары күүтүөхтэрэ. Орто олохтоох киhи үйэтин тухары алҕаhыыр, уһулуччу үчүгэй киһи диэн суох, ону өйдөөҥ. Олохпут халбархай. Хас биирдии күнү сыаналааҥ, аттыгытыгар баар дьолгутун харыстааҥ! Кыраттан мичээрдээҥ! Биирдэ кэлбит олоххутун чиэстээхтик, баай ис хоhоонноохтук олоруҥ диэн кылгас алгыспынан түмүктүүбүн.

Ити курдук биир талааннаах, айар дьоҕурдаах ырыаһыты кытта кэпсэтиим түмүктэнэр. Николай, айар үлэҕэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥэр доруобуйаны баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....