14.05.2021 | 15:28

Николай Кульбертинов баһылык сүбэһитинэн ананна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Николай Кульбертинов «Дьокуускай куорат” куораттааҕы уокурук баһылыгын сүбэһитинэн ананна.
Николай Иванович Кульбертинов 1960 сыллаахха атырдьах ыйын 22 күнүгэр Саха АССР Өлүөхүмэ оройуонугар төрөөбүтэ. 

Милииссийэҕэ сулууспатын 1983 сыллаахха Өлүөхүмэ райисполкомун Ис дьыалаҕа салаатыгар ОБХСС оперуполномоченнайынан саҕалаабыта. 
1982 сыллаахха Одессатааҕы политехническай институт автомобильнай хаһаайыстыбаҕа салаатын, 1995 сыллаахха Хабаровскайдааҕы милииссийэ үрдүкү оскуолатын, онтон 2004 сыллаахха РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин салайар каадырдары бэлэмниир Академиятын бүтэрбитэ.
Николай Кульбертинов оперуполномоченнайтан саҕалаан Дьокуускай куораттааҕы уопсастыбаҕа куттал суох буолуутун милииссийэтин (МОБ) начаалынньыгар тиийэ үүммүтэ. 
2009 сыл от ыйын 8 күнүттэн Дьокуускай куорат Ис дьыалаҕа управлениетын начаалынньыгынан анаммыта. 
2015 сылтан полиция полковнига Николай Кульбертинов РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Өймөкөөн оройуонугар салаатын начаалынньыгынан үлэлээбитэ. 
2017 сыл атырдьах ыйыгар РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы Межмуниципальнай управлениетын начаалынньыгынан анаммыта. 
РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтин мэтээллэринэн, түөскэ иилинэр бэлиэлэринэн, Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...