Николай Бандеров-Дьулуур: Хаамар диэн үчүгэй да эбит!
“Бу оҕоҕут хаһан да хаамыа суоҕа” диэн быраастар эппиттэрин үрдүнэн, 31 сааһыгар хаампыт, онтон алаһа дьиэ тэринэн оҕоломмут, ситиһиилээх ырыаһыт уонна спортсмен буолбут Николай Бандеров “Дьулуур” диэн сахалыы ааты ылынан, чахчы да, билиҥҥи кэм геройа.
– Мин Орто Халыма улууһун Ойуһардаах бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Ийэм Зоя Прокопьевна Лаптева диэн этэ, биһиги кэккэбититтэн барбыта. Аҕам Алексей Иннокентьевич Бандеров билигин дойдутугар олорор. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн 7-ис оҕолоробун, онон элбэх эдьиийдээх-убайдаах киһибин. Игирэм аҥаара 3 ыйдааҕар бараахтаабыт. Мин буоллар хара төрүөхпүттэн босхоҥ буолан сыппыт киһибин. Диагноһым ДЦП диэн.
Ойуһардаахха оскуоланы бүтэрбитим. Дьиэҕэ олордон үөрэтиэхтэрин баҕарбыттарын ийэлээх аҕам буолуммаккалар, оскуолаҕа бэйэлэрэ илдьэн олордон кэбиһэллэр этэ. Төттөрү-таары сосуһан да биэрэллэрэ. Онтон улахан кылаастарга кылааһынньыктарым соспуттара. Оннук дьонтон дьоҥҥо состорон, сүктэрэн, көтөхтөрөн, 2001 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрбитим.
Оскуола кэннэ, биллэн турар, ханна үөрэххэ киириэхпиний. Санаммаппын даҕаны буоллаҕи дии. Халыма куоратыгар аҕабар кэлбитим.
14 сааспыттан ыллыыбын. Оскуола кэнсиэртэриттэн саҕалаабытым. Манна кэлэн Алексей Потаповка дьарыктана сылдьыбытым. Билигин ырыаттан спортка көһөн хааллым.
– Бу сайын Мэҥэ Хаҥаласка Аркадий Алексеев күрэҕэр ыллаан, номинацияҕа тиксибитиҥ. Аны спортсмен эбиккин.
– Сатаннаҕына, барыта бэйэтэ ыпсан иһэр эбит. Адаптивнай спорт диэни сөбүлээтим. Көрүҥнэрим: пауэрлифтинг (сытан эрэ штанга анньыы) уонна харбааһын. Тренердэрим анал бырагырааманан дьарыктыыллар. Барытын оҥорон биэрэллэр. Үрдүнэн да, таһынан да барбаккын. Доруобайаҕа буортута суох.
Былырыын баара-суоҕа 5 ый дьарыктанан икки көрүҥҥэ 3-с миэстэ буолбутум. Сытан эрэ штанганы анньыыга 3 м., харбааһыҥҥа эмиэ 3 м. Штанганы анньыыга быйыл эмиэ үһүстээтим. Аны харбааһыным күрэҕэ буоларым кэтэһэбин.
Харбааһыҥҥа тренерим Элеонора Андреевна Устинова. Тренажердарга Андрей Петрович Ноев дьарыктыыр. “Самородок” спорткомплекска биһиги курдук дьоҥҥо аналлаах адаптивнай физкультура салаата баар. Дьылҕам бэйэтэ онно сирдээн аҕалбытыттан үөрэбин.
Үрдүк үөрэхтэниэхпин баҕарабын
– Оскуола кэнниттэн үөрэммэтэххиттэн кэмсиэнэр эбиккин дии...
– Тренербиттэн, дьээбэҕэ диэн, биһиэхэ аналлаах спортка сыһыаннаах үөрэх баар дуо диэбиппэр, ХИФУ-га 2 сыллааҕыта арыллыбыт адаптивнай физкультура салаатын ыйан биэрбитэ. Эр ылбычча онно бара сылдьыбытым, хата, үөрэ-көтө көрүстүлэр. Быйыл сайын кэлээр диэтилэр. Онон дьэ кэлэн үрдүк үөрэхтэнээри сылдьабын. Олохпор өссө биир ыра санаам туолар буолбутуттан үөрэбин.
Онно тиийээт да, кинилэргэ быһаччы эппитим: “Үөрэхпэр соччото суох этим, “вспомогательнай” диэнинэн үөрэммитим. Босхоҥ эрдэхпинэ элбэх бириэмэни куоттарбытым, ол эрэн үөрэнэр баҕа баһаам”, – диэн.
37 сааспын туолаары сылдьабын. Спорт өттүн син биллим-көрдүм, ханнык баҕарар көрүҥҥэ барсыам дии саныыбын. Оттон үөрэх өттүн оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ сырыттахпына, ыйыталаһан, көмөлөһүннэрэн, эрийсэн көрүөм этэ. Онно 4 сыл үөрэниэхтээхпин.
– Оҕо эрдэхпиттэн ДЦП-лаах этим диэтиҥ, медицина да көмөтүнэн эмтэнэ сатаатаҕыҥ дии.
– Эмтээбиттэрэ элбэх буоллаҕа. ДЦП-лаах оҕоҕо үксүн ыарыыны мүлүрүтэр укуоллар, битэмииннэр буолар. Санаторийдарга сылдьар этим. Билигин санаатахпына, наар ыарыыны тулуйа сылдьыбыт эбиппин. Укуол кэнниттэн ыарыым сүтэн хааллаҕына, “һуу” дии түһэрим. Ыалдьыбат буолан хааллаҕына, ыалдьарын кэтэһэҕин, ыарыы син биир кэлэрин билэҕин.
Билигин уруккубун санаатахпына, бэйэбин атын доруобай дьоҥҥо тэҥнээн көрбөт да эбиппин. Мин тоҕо маннык хаамабыный, атыттар тоҕо маннык хаамалларый диэбэт этим. Буолуохтааҕын курдук ылынарым. Билигин спордунан дьарыктанан уҥуоҕум көнөн баран көрдөхпүнэ, урут такыр да эбиппин. Өйдөнөр кэмим саҥа кэлбит быһыылаах...
Урут уҥа өттүм тугу да билбэт этэ. Быһахха быстахха да, “айа” диэбэккин. Билигин спортка кэлэн баран икки өттүбүн иккиэннэрин билэбин. Туохха эрэ кыратык да саалыннахпына, айакалыы түһэбин. Онтон наһаа үөрэбин.
Хаамарбын ыраланар этим
– Бииргэ төрөөбүттэрбиттэн кыра эдьиийбэр махатанабын. Бары үлэлэригэр барбыттарын кэннэ миигин оҕолуу олорон, “хайаан да хаамыахтааххын” дии-дии, ким да көрбөтүгэр мускуйар, хаамтарар үһү. Урут ыарыһах оҕону тыыппаккыт диэн өйдөбүллээхтэр, нэс сытыаран кэбиһэллэр буоллаҕа. Ону улахан дьон барбытын кэннэ, аанын хатаан баран, эдьиийим барахсан дьарыктыыр эбит.
Биир сааспыттан кырдьаҕас оҕонньор курдук саҥалаах үһүбүн. Олоҕум манныгыттан, этим-сииним итэҕэһиттэн буоллаҕа. Наадабын барытын этэн-тыынан эрэ ситиһээри. Хаампат буоламмын саҥам наһаа сайдан хаалбыт (күлэр).
Биир үтүө күн дьонум бары мустан эбиэттии олордохторуна, “Сурпириис” диэн баран аҕыйах хардыы оҥорон көрдөрбүтүм. Онтон ыла, охто-охто да буоллар, хаамар идэлэммитим. 4-5 хардыы оҥорон баран, эбэһээт охтон түһэрим, оннук гынан охтон иһэн илиибэр тирэнэр, тутуһан хаалар буолбутум. Аҕыйах хардыы аайы охтон түһэр этим. Оннук сылдьарга үөрэнэн хаалбытым.
“Хаамарбын кэтэһэр да этим. Наар ыраланарым. Син биир хаамыам диэн билэр этим.
Куоракка 2007 сыллаахха “Ай, ыллас, бииргэ” диэн инбэлииттэр күрэхтэригэр кытта кэлбитим. Ытаан-соҥоон, көрдөһөн-ааттаһан туран кэлбитим. Оччолорго бырайыас төлөнөрө ыарахана, эмкэ эрэ кэлэр буоллаххына төлүү сатыыллар эҥин этэ. Мин дьолбор барыта табыллыбыта. Онно Гран-при ылбытым. ЖК-телевизор биэрбиттэрин дойдубар илдьэн туттарбытым.
Жюри састаабыгар баар эстрада ырыаһыта Алексей Потапов миэхэ кэлэн дьарыктан диэн эппитэ-тыыммыта: “Биирдэ өйдөммүтүҥ, диискэҥ тахсыбыт буолуо, дойдугар гастроллуу сылдьар буолуохпут. Эн миэхэ көмөлөһүөҥ – мин эйиэхэ көмөлөһүөм”, – диэбитэ. Алексей этэн-тыынан уол оҕото. “Эс, бу киһи омуннуран түһэн”,- дии санаабытым. Букатын итэҕэйбэтэҕим. Онтон, кырдьык, оннук буолан хаалбытыгар, саҥата суох барбытым. Ырыа күрэхтэригэр кыттан барбытым, диискэм тахсыбыта, кырдьык, биирдэ өйдөммүтүм дойдубар гастроллуу тиийэ сылдьар этим. Онтон ыла Дьокуускайга олоробун.
– Онтон хайдах норуот эмчитин көмөтүнэн атаххар турбуккун кэпсээ.
– Ил Дархан дуоһунаһыгар Егор Борисов талылларын саҕана быыбарга үлэлэппиттэрэ. Амма Бөтүҥүгэр барыам диэн талбытым. Ол иннинэ Аммаҕа “Күөх ыллык” санаторийга сыта сылдьыбыт буоламмын, Бөтүҥҥэ хаала сатаабытым, хонор сир да булуом диир этим. Ону истибэккэ, агитбөлөх Аммаҕа хонноро илдьэ барда. Сарсыныгар Бөтүҥҥэ баран ыллыахтаах киһи такси булбатым. Суолтан такси тута таҕыстым. Ардах түстэ. Бадараан, ардах быыһынан муус маҥан көстүүмнээх киһи суолга турабын. Маҥан түүппүлэбинэн 12 км доҕолоҥноон ыаҕастанан нэһиилэ тиийбитим.
Онно кэнсиэр кэннэ “Күөх ыллыкка” үлэлиир фотограф Ыстапаан Афанасий Сергеев диэн эмчит баарын эппитэ. 31 сылы быһа охто-охто сылдьыбыт киһини ханнык эрэ эмчит эмтиэҕэ диэн эрэммэппин даҕаны. Оһолу эмтиир киһи миэнин хайдах кыайыаҕай дии саныыбын. Онтон Халыма курдук ыраах сиртэн мээнэҕэ кэлбэтэҕим буолуо диэн, сөбүлэһэн барар буолбутум. Ыстапаан эмчит дьиэтигэр сирдээтэ, мин хаһан ыаҕастанан тиийэрбин кэтэһэ-кэтэһэ, суол кытыытыгар турар. Оттон кэлэрбитигэр мин киһибин куота сүүрэн, кинини кэтэһэр буолбутум.
Эмчитим конструктор курдук уҥуохпун барытын “тыс-тыс” гынан киллэртээн, орун-оннугар туруортаан кэбиспитэ. 31 сыл сордоммут киһини баара-суоҕа 41 сөкүүндэ иһигэр туруору тардыбыта. Мүнүүтэни кыайбат кэм иһигэр киһи буолуом диэн төбөбөр оҕустарбат да этим. Билигин мээнэ охтубаппын, уруккубар холоотоххо, улаханнык доҕолоҥнообоппун. Хаамар диэн үчүгэй да буолар эбит. Билигин да икки атахпынан үктэнэн хаама сылдьарбар итэҕэйиэ суох курдукпун. Күн аайы сиэркилэҕэ көрүнэбин уонна ис-испиттэн үөрэбин.
“ Урут хаамар диэни түһээн да баттаппат этим. Хаамар чэпчэкититтэн наһаа үөрэбин. Атах диэн олус да туһалаах эбит.
– Ону официальнай медицина туох диирий?
– Манна быраастарга көрдөрүнэбин. Медицинскэй кииҥҥэ кэнники аҕабын көрдөрө сырыттахпына, уруккуттан билэр, эмтиир бырааһым көрөн дэлби соһуйда: “Николай, бу эн эпэрээссийэлэнниҥ дуо?” – диэн. Урут невролог кабинетыгар нэһиилэ сыҕастанан киирэр киһи, аны киһи арыалдьыта, сирдьитэ буолан сүүрэ сылдьарбыттан сөҕүү-махтайыы бөҕө.
Кэргэним – тахсар күнүм
– Саамай суолталаах ситиһииҥ ханныгый?
– Ырыа күрэҕэр кыттыыбын киһи аны ситэн аахпат да буолуохтаах. Саамай суолталааҕым Алексей Кириллович Калининскай күрэҕэ буоллаҕа. Кини тэрийбит күрэҕэр кыттан, Алексей Потаповтыын чугастык билсэн киһи буоллаҕым дии. Ситиһии амтанын билэбин. Ырыаттан кынаттанан, онон сирдэтинэн, аны спортка кэллэҕим.
Былырыын спортка сыстан, сыл аҥаара буолан баран, миэхэ туһата суох быһыылаах, тугу да ситиһиэм суох диэн санаам түһэ сылдьыбыта. Ол эрэн тостон хаалбатаҕым. Онтон ситиһиилэр кэлэн барбыттарыгар, үөрүү көтөллөнө түспүтүм. Бастаан спортка киирэрбэр үөрүйэҕэ суох этим-сииним ыалдьарыттан ытаабыт-соҥообут эбиппин. Билигин нэдиэлэҕэ үстэ сөтүөлүүбүн, иккитэ тренажерга дьарыктанабын. Доруобуйабар наһаа туһалыырын дьэ биллим.
– Кэргэҥҥин кытта хайдах билисибиккиний?
– Кэргэммин кытта аныгы үйэ сиэринэн бассаабынан билсэн, чугасыһан ыал буолбуппут. Оҕобут уол, 4 саастаах, детсакка сылдьар, таҥара көмөтүнэн, доруобуйата этэҥҥэ. Дьиэ кэргэннээҕим туһунан наар үөрэ-көтө кэпсиибин. Мин курдук инбэлииттэр дьонтон итэҕэс санамматыннар диэн. Бастаан күтүөт буоларбар “байыаннай балаһыанньа” этэ (күлэр). Билигин кэргэним дьонугар махтанабын эрэ. Утарылаһыахтарын да сөп этэ...
Ханнык да балаһыанньаҕа үчүгэйи эрэ ыраланыахха наада. Куһаҕаны санаатахха, куһаҕан наһаа түргэнник буолар, куһаҕан диэн чуп-чугас сылдьар эбит. Оттон үчүгэйгэ тардыһар үлэлээх, сыраны-сылбаны эрэйэр.
Бииргэ төрөөбүттэрим бары антах дойдуларыгар бааллар. Мин эрэ куоракка олохсуйдум. Уруккубун санаатахпына, дьонтон сэнэммиппин санаан кэллэхпинэ, кыһыйа-кыһыйа инним диэки дьулуһабын.
– Дьиэ-уот буоппуруоһа хайдаҕый?
– Дьиэ-уот боппуруоһа саамай ыарахан. Наар куортамнаан олоробут. Төһөнөн үчүгэйгэ тардыһар киһи буоллуҥ да, былаас баттыыр курдук. Дьиэ уочаратыгар турбуппут ыраатта, бэттэх кэлиэхпитинээҕэр, антах тэбиллэн иһэр курдукпут. Холобур, арыгыһыт, бомж буолбут киһиэхэ күүстэринэн көмөлөһө сатыыллар дии... Баҕарбат дьону наар өрө тарда сатыыллар. Олоххо үчүгэйгэ тардыһар киһиэхэ өйөбүл суох буолан хаалара хомотор эбит.
Ыал буола иликпинэ уочаракка тура бардахпына, аантан үүрүллэр этим. Баҕар, итирик дииллэрэ буолуо, баҕар, сэнииллэрэ буолуо. Кэргэннэнэн, киһи тэҥэ сананан, сүөм үрдүү түспүтүм. Бэйэбэр эрэлим күүһүрэн, дьыалабын-куолубун дьэ ситиһэр буолбутум. Дьиэҕэ уочаракка онно биирдэ турбуппут. Кэргэним донорскай хараҕынан сирдэтинэр эрэ киһи, мин киниэхэ хараҕынабын. Оттон кини миэхэ тахсар күнүм.
“ Мин улахан баҕа санаам – бэйэм курдук оҕолорго стимул биэрэр киһи буолуохпун баҕарабын. Үөрэхтэннэхпинэ, тренердиэм да этэ. Бэйэм туспунан кэпсээн, оҕолор санааларын өрө көтөҕүөхпүн баҕарабын.
Оҕолоргутун наһаа харыстаамаҥ
– Инбэлиит оҕолору доруобай оҕолору кытта тэҥҥэ үөрэтэллэрэ наһаа үчүгэй. Урут оннук суоҕа, ол иһин туоратыы баара.
Билигин спордунан дьарыктаныы муода буолла. Мин курдук кыаммат соҕус киһи да дьарыкка саалаҕа киирэн кэллэҕинэ, спорстменнар көмөлөһөллөр, сүбэлииллэр-амалыыллар, хайҕыыллар. Былыргы курдук күлүү-элэк оҥостор дьон суох. Төрөппүттэр оҕолорун аһынан дуу, аһара таптаан дуу, наһаа харыстаабакка дьону кытта уопсастыбаҕа сылдьарга үөрэтиэхтэрин наада.
– Мин улахан комплекса суох улааппыт эбиппин. Киһиттэн итэҕэс санаммат этим. Биллэн турар, наһаа кыһыылаах буолааччы. Ол эрээри наар инним хоту эрдэ турар этим. Эдьиийдэрим, убайдарым, чугас дьонум бары миигин сороҕор соччото суох хараактырбын көрдөрбүппүн урут тулуйбуттарыгар, антах хайыспакка өйөөн, санааларынан бииргэ буолбуттарыгар муҥура суох махтанабын.
Олоҕу бары өттүттэн көрүөххэ наада
– Дойдубар кэлбэппин-барбаппын. Ыраланабын эрэ. Ырааҕа бэрт, кыра наадалаах киһи барбат сирэ. Дьиҥэ, бырайыас көрүллэр даҕаны, ону ситиһэр эмиэ уустук...
Тутууга харабылынан үлэлии сылдьыбытым. Онтон отиттанан эпэрээссийэлэнэн баран, үлэбин тохтоппутум. Эпэрээссийэм кэнниттэн спортивнай саалаҕа үктэнэн хаалбытым.
“Киһи дьарыктаннаҕына өйө-санаата уларыйар диэн сөпкө этэллэр эбит.
Кэргэним да өйүүр буолла, өйдөөтө. Бастаан кыратык да уһуннук сүтэн ыллахпына, көрдөөн, ирдээн барар киһи этэ. Иккиэн чааһынай гостиницаҕа администратор курдук олоробут. Кини үлэтэ, онно иккиэн сылдьабыт. Бастаан куоракка көһөн кэлэрбэр 4 сыл гостиницаҕа администратордаабытым, онтон бүтэн баран “аны гостиницаҕа үлэлээбэтэх киһи” диэбитим. Дьылҕам бэйэтэ эмиэ гостиницаҕа аҕалбыт эбит.
“ Ырыабын бырахпаппын. Урут наар ырыанан олорбутум, ырыа мин олоҕум этэ. Билигин ыллыырым аҕыйаата эрээри, ырыа аргыстаах олох олоробун.
Бар дьоммор олоҕу атын өттүттэн көрөргө үөрэниҥ диэм этэ. Барыта куһаҕан курдук буоллаҕына, син биир туох эрэ үчүгэй баар буолар эбит. Киһи бэйэтин бэйэтэ оҥорор эбит. Компьютеры бырагыраамалаан кэбиһэн баран үлэлэтэбит дии, син ол курдук киһи бэйэтин бырагыраамалаан кэбиһиэхтээх.