13.12.2020 | 19:39

Невролог Анна Игнатьева: “Төбө ыарыытын 160 көрүҥэ баар”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Төбөбүт ыарыйдаҕына түргэн үлүгэрдик ханнык таблетка туһалыырын ылан иһэбит. Сорох дьон төбө эмин укта сылдьан иһэр идэлээхтэр. Дьиҥэ, төбө ыарыытын өр тулуйар наадата суох эбит. Оччотугар хаһан бырааска көрдөрүөхтээхпитий? Коронавирус кэннэ киһи ньиэрбинэй систиэмэтэ туох охсууну ылыан сөбүй?  Бу туһунан Саха сиринээҕи тымыр киинин (Региональный сосудистый центр) невролог бырааһа, ХИФУ аспирана Анна ИГНАТЬЕВА кэпсээтэ.

Мин2005 сыллаахха СГУ Мединститутун бүтэрэн баран, неврологияҕа интернатураны СГУ неврологияҕа уонна психиатрияҕа кафедратыгар ааспытым. 2006 сыллаахтан поликлиникаҕа үлэлээбитим. Н.И.Пирогов аатынан медицинэ университетыгар ординатурабын ааспытым. Тымыр киинигэр 2012 сыллаахха үлэлии кэлбитим.

ДОРУОБУЙАНЫ КӨРҮНҮҮ БЭЙЭҔЭ ТАПТАЛТАН ҮӨСКҮҮР

– Анна Васильевна,  “Ыарыы барыта ньиэрбэттэн саҕаланар” диирбит оруннаах дуо? Ниэрбинэй килиэккэлэр тиллэн кэлбэттэр диэн кырдьык дуо?

Бу этиигэ сөпсөһүөххэ сөп. Психосоматикалаах ыарыылар диэннэр бааллар. Холобур, хаан баттааһынын үрдээһинэ, язва, аллергия, астма, экзема, псориаз уо.д.а. Ол эрэн барытын быһа бааччы психосоматикаттан үөскүүр диэн этэн кэбиспэппин. Наука этэринэн, бу ыарыылар психосоматикаттан эрэ төрүөттэммэттэр.  Холобур, куртаҕа язва буолбут киһини эминэн эмтээбэккэ эрэ психологка ыыппаппыт буолбат дуо? Хаанын баттааһына үрдүк киһини психотерапияҕа ыытан кэбиспэппитин курдук.

Киһи ис туруга хаанын баттааһынын таһымыгар чахчы дьайар кыахтаах.  Ону тэҥэ психологическай төрүөтэ суох ыарыы элбэх: араас инфекциялар, удьуорунан бэриллэр ыарыылар, онкология уо.д.а.

Психиатрия уонна психотерапия буолла да туох эрэ атын куһаҕан ыарыыга күтүрүүр идэлээхпит. Психолог көмөтүгэр наадыйбыт киһини мөлтөх киһи эбит дии саныыбыт. Бэйэтин кыһалҕатын бэйэтэ сатаан быһаарбатах диэхпитин сөп. Ол кыбыстыытыттан психотерапевка барар киһи олус аҕыйах. Дьиҥэ, анал көмө наадатын туһунан этэр туох да саатыыта суох. Доруобуйаны тупсарыы, көрүнүү – бэйэҕэ тапталтан үөскүүр.

Билиҥҥи киһи спортзалга дэлби дьарыктанан, араас хоббиланан, бэйэни сайыннарар дьарыктарынан психотерапияны солбуйар. Эбэтэр сорох дьон экстрасенстарынан үлүһүйэр, эзотерикаҕа аһара итэҕэйэр, арыгыга, наркотикка убанар.

Мин бэйэм психотерапия кууруһун ааспыппын аһаҕастык кэпсээччибин. Ол иһин бэйэм ыарыһахтарбар эмиэ специалистка баралларыгар сүбэлиибин.

– Оччотугар неврология тугу үөрэтэрий, ханнык ыарыыны эмтиирий?

Неврология ньиэрбинэй систиэмэни уонна кини ыарыыларын үөрэтэр наука. Невролог ⁣⁣⠀нейродегенеративнай уонна демиелинизирующай ыарыылары, киһи мэйиитин тымырын үлэтин кэһиллиитин, эпилепсияны, ньиэрбинэй систиэмэ ыарыыларын, периферическэй ньиэрбинэй систиэмэни, ньиэрбэ-былчыҥ ыарыыларын, төбө уонна сирэй ыарыыларын эмтиир.

Билиҥҥи кэм невролога киһи хамсыыр аппаратын кытта эмтиир уонна үгүстүк ньиэрбэ ыарыыларын, аһара күүрүүнү кытта үлэлиир буолла.

Кэнники уонча сылы ылан көрдөххө, неврология дакаастабыллаах медицинэ бириинсиптэринэн үлэлиир буолла. Ол аата манна өйдөөх-төйдөөх, оруннаах научнай сыһыан үөскээтэ.

– Туохпут ыарыйдаҕына неврологка кэлиэхтээхпитий?

Невролог быраас тугу эмтииринэн көрөн. Төбө ыарыыта эрэйдээбит буолуон сөп. Киһи этэ-сиинэ сорох чаастара мөлтөөтөҕүнэ, тэмтэрийэр буолан хааллаҕына, тартарар бүрүүстүктэннэҕинэ, ыйыстара, саҥарара мөлтөөтөҕүнэ кэлэр.

ИНСУЛЬТ ЭДЭРИМСИЙЭР

– Ньиэрбэ үлэтин кэһиллиитин сүрүн ыарахан содула инсульт буолар диэн үгүспүт билэбит. Специалистар бэлиэтииллэринэн, инсультан өлүү уонна инбэлиит буолуу элбии турар. Өссө инсульт ыарыы олус эдэримсийэн эрэр диэн суруйар буоллулар...

Инсульт – суһал көмөнү эрэйэр ыарахан ыарыы. Сыллата сүрэх, тымыр ыарыытыттан 17,5 мөл. киһи суорума суолланар. Санаан көрүҥ, хас 1,5 мүнүүтэ аайы Арассыыйа биир олохтооҕо инсулунан ыалдьар.

Инсульт – инбэлиит буолууга тиэрдэр ыарыыларга бастакы миэстэҕэ турар. Инсульт – өлүү биричиинэтин быһыытынан иккис миэстэҕэ турар ыарыы. Инсульт иннинэ инфаркт миокарда бастакы миэстэҕэ турар.

Инсуллаабыт дьон үс гыммыт биирэ атын киһи көмөтө суох олохторун салҕыыр кыаҕа суох буолаллар. Аан дойду хас бэһис дьахтара, хас алтыс эр киһитэ инсуллуур кутталлаахтар.

Дьиҥэ инсульт ыарыы 80 бырыһыанын эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп. Кэмигэр эмчит көмөтүн ылыахха наада, бырааска эрдэ көрдөрүнүөххэ, олох укулаатын уларытыахха, доруобуйаны кэмигэр тупсарыахха эрэ наада.

Инсульт төрдө буолар ыарыылар “эдэримсийдилэр” диэххэ наада. Атеросклероз, хаан баттааһынын үрдээһинэ, диабет эдэр дьоҥҥо көстөрө элбээтэ. Инсульт – бу ааттаммыт ыарыылар содуллара буолар.

INTERSTROKE 2017 сыллаахха аан дойду үрдүнэн ыыппыт чинчийиитин түмүгэр, гипертонияны кыайыы инсуллааһын аҥаарын сэрэтиэ этэ диэн түмүккэ кэлбитэ; хамсаныы-имсэнии – 36 %; сөпкө аһааһын – 19 % инсульт ахсаанын аҕыйатыахтаах эбит. Инсульт үөскүүрүгэр сыаны-арыыны аһара сиэһин (27 %), сүрэх-тымыр ыарыылара (9 %), диабет (4 %), арыгылааһын (6 %), аһара уойуу (91 %) ыарыы биричиинэтэ буолуохтарын сөп.

ТӨБӨ ЫАРЫЫТЫН ХАҺАН КӨРДӨРҮӨХТЭЭХПИТИЙ?

– Киһи үксэ төбөтө ыалдьар. Ыарыыны мүлүрүтэр таблетканы иһэн кэбиһэбит. Төбө ыарыытын бырааска хаһан көрдөрүөхтээхпитий?

Сөпкө этэҕин, төбө ыарыыта – амбулаторнай приемҥа саамай элбэхтик этиллэр ыарыы. Аан дойдуга баар медицинскэй классификациянан, төбө ыарыытын 160 көрүҥэ баара биллэр.

Статистика көрдөрөрүнэн, планета дьонун 20 бырыһыана  киһи төбөтүн, үксүн аҥаар өттүн, эмискэ тииһигирдэр ньиэрбинэй ыарыынан (мигрень) эрэйдэнэр. Ол эрэн мигрень иннинэ бастакы миэстэҕэ күүрүүттэн үөскүүр төбө ыарыыта турар. Төбө ыарыыта улахан буолбакка, сынньаныы, салгыҥҥа дьаарбайыы, утуйан ылыы, массаас көмөтүнэн ааһар буоллаҕына үчүгэй.

Ол эрэн төбө ыарыытын өр тулуйбакка, быраастар, биһиги “кыһыл былаахтар” диэн сүрэхтиир түгэннэрбитигэр болҕомто ууруохха наада. Маннык түгэннэргэ бырааска көрдөрүнэр тоҕоостоох:

-Төбө ыарыыта хотуолатар, температураны таһаарар, моой былчыҥнарын күүрдэр буоллаҕына.

-Эмискэ төбөҕө охсуллубут курдук сытыытык ыалдьар, этиҥ этэрин,  туох эрэ эстэрин курдук тоҕо биэрэр, эбэтэр тымныы уонна сылаас уунан саба бэрдэрбит курдук киирэр ыарыы буоллаҕына.

-Төбөҕүт ыарыытын быһыыта уларыйан хааллаҕына, эмискэ атыннык киирэр буоллаҕына.

-Көрөргүт мөлтүүр курдук буоллаҕына, сирэй ханньары тардыан сөп, эт-сиин хайа эмэ аҥаара утуйбут курдук буолан хаалыан сөп, тэмтэрийэҕит, тылгыт бөлүөхсүйэр.

-Төбөҕүт урут хаһан да ыалдьыбатаҕын курдук эмискэ ыарыйдаҕына.

-Күннэтэ күүһүрэн иһэр төбө ыарыыта буулаатаҕына.

-Түүн, сарсыарда төбө ыарыытыттан утуйа сытан уһуктан кэлэр буоллаххытына. Ордук урут маннык буола илик буоллаххытына сэрэхэдийиэхтээххит.

-Саҥа төрөөбүт дьахтар төбөтө арахпакка ыалдьар буолан хааллаҕына.

Төбө ыарыытын аһардар эми аһара элбэхтэ иһэр буоллаххытына, эмиэ хайаан да бырааска тиийиэхтээххит. Быраас эрэ дьиҥнээх диагноһы туруорар кыахтаах. Кэмпиэт курдук ыарыыны мүлүрүтэр эмтэри сии сылдьар сыыһа. Маннык эмтэри аһара иһииттэн үөскүүр төбө ыарыыта эмиэ баар – «Абузусная головная боль» диэн ааттанар. Сүрүн ыарыыга холбоһон киһи олоҕун өссө буортулуон сөп.  3 ый устата анальгетик, эрготамин, триптан (бу барыта ыарыыны мүлүрүтэр эмтэр)  истэххэ  маннык төбө ыарыыта үөскүүр.

– Коронавирус киһи ньиэрбэтигэр дьайар ыарыы диэн кэпсиир буоллулар. Маны эн туох дии саныыгын?

Чахчы, коронавирус инфекциятын кэннэ энцефалит, периферическэй ньиэрбинэй систиэмэ сүһүрүүтэ бэлиэтэммитэ баар. Ону тэҥэ хаан хойдуутун түмүгэр, инсуллуур киһи ахсаана эбилиннэ диэн бэлиэтии көрөбүн.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....