Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра 32-с айар дьылын «Уйбаан уонна Соноҕосчоон» испэктээгинэн үөрүүлээхтик арыйда
РФ култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ Матрена уонна Алексей Павловтар салайааччылаах Саха сирин Үүнэр көлүөнэтин тыйаатыра балаҕан ыйын 22 күнүгэр 32-с айар дьылын «Уйбаан уонна Соноҕосчоон» (“Иван и Конек”) испэктээгинэн арыйда.
Тэрээһин саҕаланыан иннинэ, тыйаатыр иннигэр уонна киэргэтиллибит сүрүн фойеҕа артыыстар остуоруйа араас дьоруойдара буолан, оҕолору үөрэ-көтө, сэргэхтик көрүстүлэр. Эдэр көрөөччүлэр харахтыын хайҕаан, астына-дуоһуйа сүүнэ көстүүмнээх баабырдыын, бөрөлүүн, тииҥниин, Гена крокодиллыын, Чебурашкалыын уонна саһыллыын алтыстылар, кинилэри кытта хаартыскаҕа түстүлэр.
Остуоруйа-испэктээк саҕаланыан иннинэ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлов киирии тылы эттэ, саҥа үүммүт 32-с айар дьыл арыллыытынан бука бары кэлбит дьону итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Кини бу саҥа сезоҥҥа көрөөччүлэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах уонна оскуола бырагырааматынан турбут испэктээктэри көрүөхтэрэ, онтон кырачааннарга үөрэтэр уонна билиилэрин хаҥатар ис хоһоонноох испэктээктэр баар буолуохтара диэн бэлиэтээтэ.
«Уйбаан уонна Соноҕосчоон» испэктээк оскуола бырагырааматынан, Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн турда. Бары билэрбит курдук, нуучча суруйааччыта Петр Ершов «Бөкчөгөркөөн-Соноҕосчоон» остуоруйата аптаах дьоруойдарынан баай. Манна Саар-Көтөр, дьикти-сүүнэ Саалым Балык (Чудо-юдо рыба-кит), көмүс сиэллээх сылгылар уонна да атыттар бааллар. Айымньы ис хоһооно киһини үөрэтэр дириҥ муударастаах уонна философиялаах буолан, хас биирдии көрөөччүнү үтүөҕэ-сырдыкка, куһаҕаны уонна мөкүнү өссө төгүл араара үөрэттэ диэтэхпитинэ, сыыспаппыт буолуо.
Ол курдук, испэктээкилтэн киһи астынара, кэрэхсии көрөрө элбэх буолла – аныгы ураты киэргэтиилэр, чаҕылхай өҥнөөх көстүүмнэр, кылабачыйа сылдьар декорациялар, астык тэтимнээх музыка, оҕону угуйар аптаах эйгэ уонна санааны көтөҕөр элэккэй юмор. Онон, «Уйбаан уонна Соноҕосчоон» чаҕылхай туруоруу олус сэргэх, кэрэхсэбиллээх буолан, саалаҕа мустубут оҕолор, учууталлар уонна төрөппүттэр бука бары сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара манньыйан тарҕастылар.
Маннык үтүө тэрээһини бэлэхтээн ааспыт тыйаатыр бары үлэһиттэригэр, чуолаан испэктээги туруорбут маастардарга, туруорааччы режиссер, СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павловаҕа, туруорааччы-худуоһунньук, СӨ култууратын туйгуна Мария Ивановаҕа, сүрүн оруолу толорооччу артыыстарга Лиза Далбараеваҕа (Соноҕосчоон) уонна Спартак Ларионовка (Уйбаан) махтал уонна хайҕал тылларын аныыбыт.
Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын 32-с айар дьылыгар саҥа кэрэхсэбиллээх испэктээктэри уонна үгүс ситиһиилэри баҕарабыт!