Үүнэр көлүөнэ театрыгар бу сайын өрөмүөн ыытыллар
Саха сиринээҕи Үүнэр көлүөнэ театрын сүрүн саалата 2019 сылтан сууллар кутталлаах диэн сабыллан турар.
Бу күннэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников үлэни-хамнаһы билсэр сыаллаах театрга сырытта. Манна кини СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин бастакы солбуйааччы Владислав Левочкины, театр салайааччылара Матрена уонна Алексей Павловтары кытта көрүстэ. Кэпсэтиигэ театр сүрүн кыһалҕаларын ырытыы буолбут. Айар кэлэктиип салалтата дьиэ эркиннэрэ хайыта барбытын, сорох истиэнэлэрэ сууллаары туралларын көрдөрдүлэр.
Театр дьиэтэ 1964 сыллаахха тутуллубут. 2015 сыллаахха бөҕөргөтүү үлэтэ ыытыллыбыт сиригэр, ол иһигэр самалык тутууга, билигин эмиэ барыта хайыта баран турар эбит. Дьиэни хос бэрэбиэркэлээһин 2019 сыллаахха ыытыллыбыт. Ол түмүгэр дьиэ акылаата турар сиригэр уларыйыы тахсан хамсаабыт, самалык тутуу тэйбит диэн буолбут. 2019 сыл алтынньы ыйыгар сууллар кутталлаах диэн көрөр сааланы саппыттар.
Театр дьиэтин сиһилии көрөн баран, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бөҕөргөтөр өрөмүөн үлэтин ыытарга сорудахтаата.
“Өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата театрбытын өйөөбүтэ наһаа үөрүүлээх. Бөҕөргөтөр уонна тас көрүҥүн тупсарар үлэни ыытыахпыт”, – диэтэ уус-уран салайааччы Алексей Павлов.
Өрөмүөн үлэтэ бу сайыҥҥыттан саҕаланыа уонна күһүн эдэр көрөөччүлэрбитин үөрэ-көтө көрсүөхпүт диэн Үүнэр көлүөнэ театрын пресс-киинэ эрэнэ кэпсиир.