28.04.2021 | 22:30

Үүнэр көлүөнэҕэ эр санаа уруоктара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чернобыллааҕы АЭС саахалланыытын 35 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Дьокуускай куорат Росгвардия шефтэһэр оскуолаларыгар эр санаа уруоктара ыытылынна. 
Погоннаах ыалдьыттар үөрэнээччилэргэ атомнай энергетика историятыгар саамай улахан саахал уонна онно үлэлэспит, бэйэлэрин доруобуйаларын, олохторун толук уурбут хорсун дьон туһунан кэпсээтилэр. 
Чернобыльга буолбут алдьархайга сокуону араҥаччылыыр, бэрээдэги көрөр сулууспа үлэһиттэрэ аан бастакынан көмөҕө кэлбиттэрэ, саахал түмүктэрин туоратыыга бэриниилээхтик үлэлээбиттэрэ бэлиэтэнэр. Ол курдук, сэрэхтээх эбийиэктэри харабыллаабыттар, Припять куорат нэһилиэнньэтин көһөрбүттэр, ким да хаалбатын курдук куораты манаабыттар. 
«Кинилэр хорсун быһыыларын мэлдьи ытыктабыллаахтык өйдүү-саныы сылдьыах тустаахпыт. Ол саҕана ким даҕаны хорсун быһыыны оҥоробут дии санаабат этэ. Барыта оннук буолуохтааҕын курдуга. Туох баар өй-санаа, күүс-уох алдьархайдаах саахал түмүктэрин туоратарга, дьону быыһыырга, көмөлөһөргө туһаайыллыбыта. Эһиэхэ хас биирдиигитигэр Ийэ дойдуга тапталы, төһө кыалларынан дьоҥҥо көмөлөһө сылдьаргытыгар баҕарабын”, – диэн 2-с рота хамандыыра, полиция майора Алексей Сатыров оҕолорго туһаайан эттэ. 
Ити курдук полиция үлэһиттэрэ үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...