07.05.2020 | 10:33

Нэдиэлэтээҕи гороскоп. Ыам ыйын 7-14 күннэрэ.

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бараан

Бу нэдиэлэҕэ тугу эрэ уларытар туһунан толкуйдан. Урут оҥорботоххун ылсыаҥ. Онуоха тиэтэйимэ, саҥаҕа үөрэнэриҥ ордук. Үлэҕэр этиһии тахсыан сөп, онон тэйиччиттэн сырыт, салайааччыҥ хараҕар киирэн биэримэ. Нэдиэлэ бүтэһигэр кистэлэҥ былааннарыҥ олоххо киириэхтэрин сөп. Өрөбүллэргэ холкутуйуоҥ, сынньанаргар бириэмэ көстүө.

Оҕусчаан

Ситиһии кэлиэ, ол гынан баран элбэх күүһү уонна бириэмэни эрэйиэ. Бэйэҕэр эрэ эрэнэриҥ наада. Дьыалабыай партнердаргын уонна кэллиэгэлэргин кытта биир тылы бул, кинилэр интэриэстэрин эмиэ учуоттаа. Үлэҕин аҕыйат, аа-дьуо сылдьарыҥ ордук. Тус олоххор ким эрэ албыныгар киирэн биэриэххин сөп.

1нИгирэлэр

Саҥа бырайыактаргыттан анньынан, сыалгын ситиһэргэр өссө биир хардыынан чугаһыаҥ. Куһаҕан үчүгэйэ суох диэбиккэ дылы, туох да  буолбутун иһин, барыта этэҥҥэ ааһыаҕа. Интэриэһинэй идеялар уонна үтүө сыһыан олорор усулуобуйаҕытын тупсарыа. Өрөбүллэргэ соҕотох эбэтэр чугас дьонноргун кытта сылдьарыҥ наада. Эйигин таптыылларын уонна сыаналыылларын итэҕэйиэҥ.

Араак

Карьера кирилиэһинэн өрө тахсарга табыгастаах балаһа саҕаланар. Саҥа былааннар, кэскиллэр, идеялар үөскүөхтэрэ, биллэн турар, онтон санааҥ эмиэ көтөҕүллүө. Тус олоххор соһуччу түгэннэр күүтэллэр, ким эрэ сөбүлүү көрүө. Бээтинсэҕэ настарыанньаҥ уларыйа туруон сөп, онон сорох көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри аҕыйатарыҥ ордук.

Хахай

Бэнидиэнньик соҕотохсуйарга уонна толкуйдуурга, оптуорунньук – туох эрэ чинчийиини ыытарга табыгастаах буолуоҕа. Оптуорунньукка бары эйгэҕэ ситиһии күүтэр, дьон махталын ылыаххыт. Чэппиэргэ дьиэ кэргэҥҥэр иирсээн тахсыан сөп. Тус олоххор үлэҕиттэн сылтаан, кыра кыһалҕалар үөскүөхтэрэ. Өрөбүлгэ быһыыттан-майгыттан тэйиччи сырыт, бу күн ыраахтан кэтээн көрө сылдьарыҥ ордук.

Кыыс Куо

Түргэн уонна дьоһуннаах быһаарыылары ирдиир уустук нэдиэлэ. Күүтүллүбэтэх түгэннэр былааҥҥын ыһыахтарын сөп. Оптуорунньук бары өттүнэн ситиһиилээх буолуо диэн эрэннэрэллэр. Чуолаан, бэйэҥ быһаарыыгын эмискэ уларытар кыаҕыҥ суох буоллаҕына. Өрөбүллэргэ чугас дьонуҥ кыра аайыттан эйиэхэ кыйыттыахтара, ол да буоллар дьиэ кэргэҥҥэр эйэни олохтуурга дьулус.

Ыйааһыннар

Үлэҕэр барыта этэҥҥэ. Үп дьыалатыгар уонна бизнескэ ситиһии кэлэрин күүт. Ол гынан баран, тугуҥ эрэ тиийбэт, итэҕэс курдук. Эйигин бэйэҕин таарыйар иһитиннэрииттэн сэрэхтээх буол. Ордук-хос саҥара сылдьыма. Кэтии-маныы сырыт, толкуйдаах, муударай буоларыҥ наада. Тус олоххор соһуччу көһүтүллүбэтэх уларыйыы буолуон сөп, дьиэ кэргэн ыһыллар түгэнигэр тиийэ.  

Ооҕуй

Бу нэдиэлэҕэ карьераҕын үрдэтэр инниттэн, былааннаргын  кэллиэгэлэргин кытта олоххо киллэрэ сатаа. Эһиги хайа баҕарар киһини мэктиэлиир кыахтааххыт, дьон эһиэхэ көмөлөһөргө уонна эрэнэргэ бэлэм. Чиэһинэйдик үлэлээбитиҥ иһин, баай, барыс күүтэр. Эбиитин тапталгыт табыллар. Эйигин элбэх нарын-намчы билинии күүтэр. Онон бириэмэҕин иккиэ буолан атаар.

Охчут

Дьайыыларгар уонна тылгар-өскөр болҕомтолоох буол. Көмүс ортону көрдөөһүн бу күннэргэ сүрүн дьарык буолуохтаах. Ханнык да этии, толкуйа суох быһыы-майгы улахан охсууну аҕалыа. Нэдиэлэ ортотугар үөскээбит быһыыны-майгыны салайар кыах үөскүөҕэ, бу инники өттүгэр сабыдыаллыаҕа. Субуотаҕа доҕоттору кытта көрсүһүү үгүс үтүө түгэннэри эрэннэрэр.

Чубуку  

Тугу эрэ сыыһа оҥоробун диэн билиниэҥ. Ол гынан баран манта суох үлэҕэр, тус олоххор да кыһалҕалар быһаарыллыбаттар. Сыыһа-халты туттубат бытархай дьыалаларынан дьарыктан. Кэллиэгэлэргин кытта ыраахтан сибээс, видеоконференция нөҥүө кэпсэтии, сүбэлэһии үчүгэйдик ааһыаҕа. Өрөбүллэргэ доҕотторгун кытта уустук сыһыан үөскүөн сөп, сорохторо күүппэтэх өттүгүттэн кэлэн соһутуо.

Күрүлгэн

Бу нэдиэлэҕэ үлэҥ кээмэйэ улаатыа, ол эрээри кыаҕыҥ иһинэн эрэ толор. Элбэх эбээһинэһи бэйэҕэр сүктэримэ. Билигин үлэҕит- хамнаскыт таһыма үрдүк эрээри, тулалыыр дьонуҥ эйигин ситиэхтэрэ ыраах. Бэйэ санааҕын соҥноомо, мантан сылтаан этиһии тахсыан сөп. Дьиэ кэргэн олоҕор барыта баҕарбытыҥ курдук буолбат. Ол эрээри быһыыны-майгыны урууллуур кыахтааххын.

Балыктар

Бу нэдиэлэҕэ кыра аайы кыыһырыма, бэйэҕин туттуна сырыт. Сэрэдэҕэ дьыалабыай көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри былааннаама. Нэдиэлэ иккис аҥаарыгар туох эрэ саҥаҕа үөрэниэҥ, саҥа иһитиннэриилэри ылыаҥ, былааныҥ уларыйыан сөп. Үлэҥ үгүс бириэмэҕин ылыа, онон дьиэ кэргэниҥ иккис миэстэҕэ тэбиллиэн сөп. Оттон оҕолоруҥ эн көмөҕөр наадыйыахтара. Өрөбүллэргэ дьиэҕитигэр туох эрэ наадалаах тэрили атыылаһан, настарыанньаҥ тупсуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....