13.12.2021 | 16:00

Нэдиэлэ устата 324 эбийиэк бэрэбиэркэлэммит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ, ахсынньы 6 күнүттэн 12 күнүгэр диэри, салалта территориальнай уорганнарын исписэлиистэрэ уонна олохтоох дьаһалта Суһал штабын холбоһуктаах бөлөҕө  киин куоракка 324 эбийиэги бэрэбиэркэлээбиттэр, ол иһигэр 14 оптуобуһу уонна 95 түүҥҥү тэрилтэни. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Эриэйдэлэр түмүктэринэн 24 санитарнай миэрэлэри кэһии биллибит, ол иһигэр 3 – түүҥҥү саататар тэрилтэлэргэ. 47 сэрэтэр бэсиэдэ ыытыллыбыт, СӨ КоАП 3.8 ыстатыйатынан 1 боротокуол, РФ КоАП 20.6.1 ыстатыйатынан 4 боротокуол толоруллубуттар. 
Дьокуускай Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов иһитиннэрбитинэн, үлэ эрэсиимин кэһии «Hajime» түүҥҥү кулуупка тахсыбыт. 
«Чкалов уул., 17 №-гэр көҥүлэ суох түүҥҥү кулууп үлэлиирэ уонна үлэ эрэсиимин кэһэрэ билиннэ. Ити эбийиэктэргэ сыһыаннаах аакталар толорулуннулар», – диэбит  Феликс Антонов.
Октябрьскай уокурукка 29 эбийиэк бэрэбиэркэлэммит, Сайсары – 17,   Киин уокурукка – 7, Промышленнай – 15, Автодорожнай – 16, Губинскай – 30, Строительнай – 31, Октябрьскай – 29, Гагаринскай уокурукка – 26, кэһии булуллубатах. 
Суһал штаб холбоһуктаах бөлөҕө  58 эбийиэги бэрэбиэркэлээбит, ол иһигэр 12 оптуобуһу, 19 кэһии булуллубут. 
Нэдиэлэ устата чуумпуну кэһии уонна гражданнар сынньалаҥнарыгар мэһэйдээһин, санитарнай харыстанар сириэстибэлэрэ суоҕун, быстах кэмнээх атыы эбийиэктэрин туруоруу, сир үлэтин ыытыы бэрээдэгин кэһии иһин боротокуоллар толоруллубуттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
“Дыгын-2025”  сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Спорт | 03.01.2025 | 14:04
“Дыгын-2025” сүүмэрдээһин 1-гы түһүмэҕэр
Кэлэр сайын Улуу Туймаала уйгу-тунах ыһыаҕар буолар “Дыгын оонньууларыгар” 2024 сылы түмүктүүр 1-кы сүүмэрдээһин күрэхтэһии үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Ахсынньы 24-25 күннэригэр “Триумф” уораҕайыгар 26 улуустар уонна куораттар 58 уоланнара түмсэннэр, ким ордук күүстээх бэлэмнээҕин быһаарыстылар. Быйылгы сүүмэрдээһин уратылаах буолла. Дьон астына көрдө. Тэрийэччи, салайааччы, Саха многоборьетын федерациятын толорооччу дириэктэрэ, “Дыгын...