Нэһилиэнньэни кытта көрсүһүү салҕанар
Куорат баһылыга Евгений Григорьев СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕын бырайыагар киирбит киин куорат 2022-2032 сылларга социальнай-экономическай сайдыытын стратегиятын дьүүллэһии чэрчитинэн куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар уонна уокуруктар олохтоохторун кытта көрсүһүүлэри ыытар. Манна баһылык солбуйааччылара, дьаһалта структурнай салааларын уонна муниципальнай тэрилтэлэр салайааччылара кытталлар.
Хатаска – саҥа оскуола
2021-2022 сылларга Хатас орто оскуолатыгар салҕааһын тутуллан бүтүөхтээх. Элбэх оҕолоох ыаллар дьоҕус оройуоннарын таһыгар 2023 сылга диэри 990 үөрэнэр миэстэлээх саҥа оскуола тутуута былааннаммыт.
Улахан болҕомто суол тутуутугар, өрөмүөнүгэр ууруллар. Билигин Каландаришвили, Ойуунускай уонна С. Алексеев уулуссаларыгар өрөмүөн ыытыллар. Кэлэр сылга Октябрьскай уонна Ленин уулуссаларыгар үлэ барыахтаах. Каландаришвили уулуссатыгар куоракка барар хайысханан «Балыыһа» уонна Центральнай уулуссаҕа «Агрогородок» сылаас тохтобуллар тутуллуохтара. 2022 сылга маннык аадырыстарга тиэргэн территориялара өрөмүөннэнэрэ этилиннэ: Каландаришвили уул., 2, 2/1, 4, 4/1, Ленин уул., 67/1, 67/2. Итини сэргэ спортивнай воркауттар, балаһааккалар оҥоһуллуохтара.
Хатас олохтоохторо кыһалҕаларын үллэһиннилэр уонна быһаарар суоллары дьүүллэстилэр. Баһылыкка сир боппуруостарыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар, эбийиэктэри тутууга, тыа сиринээҕи ипотекаҕа сыһыаннаах ыйытыктары биэрдилэр. Итини сэргэ Евгений Григорьевка туһаайан оптуобус сырыытыгар, хочуолунай кыамтатын улаатыннарыыга, сылаас тохтобуллары тутууга уонна уулуссалары сырдатыыга улахан болҕомтотун уурарыгар көрдөстүлэр.
Сытыы боппуруостартан биирдэстэринэн ууга барар сиргэ дьиэ туттубут дьон кыһалҕата буолла. Маныаха куорат баһылыга ити боппуруоһу исписэлиистэри, ол иһигэр Росреестр салалтатын кытта дьүүллэспитин туһунан эттэ.
«Бүтэһик дааннайдарынан, куорат иһигэр уонна таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга 8 тыһыынча 970 учаастак уу ылар зонатыгар киирэр, итиннэ дьон дьиэ туттар кыахтара суох. Биэрэги бөҕөргөтөр даамба тутулуннаҕына эрэ кыһалҕа быһаарыллыаҕа. Ити хайысхаҕа күүскэ үлэлиибит, ол иһигэр бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннарга көннөрүүлэри киллэрэбит», – диир Евгений Григорьев.
Пригороднай түргэн интэриниэтинэн хааччыллыаҕа
Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, Пригороднай биир кэлимник сайдан иһэр. Ол курдук, 2022 сылга 326 миэстэлээх 12 №-дээх орто оскуолаҕа самалык тутуута түмүктэнэр. Быйыл Пляжнай, Набережнай уонна Совхознай уулуссаларга суол өрөмүөннэнэр. «Сырдык киин куорат» бырагыраама чэрчитинэн 31 сырдатыы ситимин тирээбилэ, ону сэргэ Шестаковскай проезка 31 сырдатар тэрил туруоруллуохтара. Пригороднайга тиэргэн территорияларын тупсарыы ыытыллар, Совхознай уулусса 27 №-гэр спорт балаһаакката оҥоһуллубут.
«Кэлэр сылга 1,75 км усталаах Киин уулуссаҕа улахан хабааннаах өрөмүөнү ыытыахпыт. 2022 сылга сэлиэнньэни түргэн интэриниэтинэн хааччыйыахпыт», – диэтэ Евгений Григорьев.
Оттон 2023 сылга Озернай, Молодежнай, Набережнай уулуссалар өрөмүөннэниэхтэрэ. 3 сыл иһигэр 7 км суол өрөмүөннэнэрэ былааннанар.
Баһылык куорат таһынааҕы сэлиэнньэлэргэ спорду уонна култуурунай сынньалаҥы дьүөрэлиир элбэх хайысхалаах кииннэр баар буолуохтаахтар диэн этэр. Итини таһынан олохтоохтортон сылаас тохтобуллары ханан оҥорторуохтарын баҕаралларын чуолкайдаста.
«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МКТ салайааччыта Айаал Егинов кэлэр сылтан «Сахатранснефтегаз» АУо гааһы аҕалар тарифка 60 мөл. солк. кэриҥэ инвестиционнай эбиини оҥорору былаанныырын туһунан иһитиннэрдэ.
«Ити үп гаас ситимнэрэ аһарар кыахтарын дефицитин суох оҥорор тэрээһиннэргэ туттуллуоҕа, ол иһигэр «Виктория», «Степной», «Почтовик», «Сыырдах» СОТ гааһы тарҕатар ситимин саҥардыыга барыаҕа. Быһа холоон 2023 сылтан саҥардан оҥоруу саҕаланыаҕа, оччоҕо эбийиэктэр гаас ситимигэр холбонор кыахтаныахтара», – диэтэ Айаал Егинов.
Евгений Григорьев көрсүһүү чэрчитинэн олохтоохтор доруобуйа харыстабылыгар, халаан уутугар биэрэги бөҕөргөтүүгэ, тиэргэннэр тупсарыыларыгар сыһыаннаах уо.д.а. ыйытыктарыгар хоруйдаата.
Кангалаас – технология уонна үөрэх киинэ
Манна 2023 сыл диэки элбэх хайысхалаах орто профессиональнай үөрэхтээһин үөрэтэр-производственнай комплексын уонна муоста тутуута, ону сэргэ «Шахтер» спортивнай саала саҥардыллан тутуута, Карл Маркс уонна Ольховай уулуссалар өрөмүөннэрэ түмүктэниэҕэ.
«Кангалааска «Суперкампус» баар буоллаҕына элбэх үлэ миэстэтэ тахсыаҕа, ол иһигэр олохтоохторго. Кангалааһы саҥа технологиялар уонна үөрэҕирии киининэн көрөбүт», – диир Евгений Григорьев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл дьоҕус оройуоҥҥа 1,5 км усталаах Молодежнай уонна 26-с партсъезд уулуссаларыгар суол аспаалламмыт. Кэлэр сылга Нагорнай уулусса саҥардыллан оҥоһуллуоҕа.
Көрсүһүү чэрчитинэн олохтоохтор элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин, дьоҕус оройуон территориятыгар баһаарынай чаас, инбэлииттэргэ эмптэри аҕалан биэрии, эбии оптуобус тохтобулларын туруоруу, итии уу ситимин тардыы туһунан ыйыталастылар.
Куорат баһылыга аптека пууннара тиийбэт боппуруоһун хонтуруолга ылыах уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр өрөмүөннэрин туһунан хапытаалынай өрөмүөн пуондатын салалтатын кытта кэпсэтиэх буолла.
Мархаҕа 3 улахан эбийэк
Марха балаҕан ыйын 1 күнүгэр волоконнай-оптическай ситимҥэ холбонор, онтон 2022 сылга куорат таһынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар түргэн интэриниэтинэн Кангалаастан саҕалаан Табаҕаҕа тиийэ хааччыллыахтара. Ол туһунан Евгений Григорьев Марха олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.
Манна уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын саҥа бырайыага оҥоһуллар уонна сылаас тохтобуллар туруоруллуохтара. 2025 сылга диэри 9 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 3 саҥа эбийиэк тутуллуохтаах, спортивнай балаһааккалар оҥоһуллуохтаахтар.
«Куорат сайдыытын былаанын бииргэ чопчулуурга олохтоохтор санааларын, кинилэри туох долгутарын истээри көрсүһүүлэри тэрийэбит. Эһиги көмөҕүтүнэн, этиилэргитин учуоттаан, Дьокуускай 400 сылын дьоһун уларыйыылардаах көрсүөхпүт. Дьокуускай холобур буолар хотугу куорат буолуохтаах, атын куораттар биһиэхэ тэҥнэһэ сатыахтаахтар», – диэтэ Евгений Григорьев.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн 2019 сылтан Марха дьоҕус оройуонугар 10 км кэриҥэ өрөмүөннэммит уонна 2 муостанан туорааһын оҥоһуллубут. Быйыл 6 км курдук уһуннаах Советскай, Олег Кошевой, Заводской, Интернациональнай уулуссалара өрөмүөннэнэр. Кэлэр сыл былааныгар Мархинскай уулусса өрөмүөнэ киирбит.
Былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, уулуссаны сырдатыы тирээбиллэрин туруоруу 4 төгүл элбээбит. Уулуссаны сырдатыыга 2019 сылга 8 мөлүйүөн солкуобай, оттон быйыл 78 мөл. солкуобай көрүллүбүт. Быйыл Интернациональнай, Набережнай, Севернай уулуссаларга саҥа сырдатар лаампалары туруоруу былааннанар. Үс сыл иһигэр 326 сырдатыы тирээбилэ туруохтаах.
Киин куорат 2022-2032 сылларга социальнай-экономическай сайдыытын чэрчитинэн Мархаҕа 3 улахан эбийиэк тутуллара былааннанар. Севернай дьоҕус оройуоҥҥа 990 миэстэлээх оскуола, ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорация кытта бырайыак чэрчитинэн кадеттар оскуолалара уонна 450 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутуллуохтара.
Марха дьаһалтатын кытта тутуллуохтаах спорт балаһааккаларын 5 аадырыһа чуолкайдаммыт. «Ити аадырыстары олохтоохтор бэйэлэрин көрүүлэринэн уларытыахха сөп. Сылын аайы саҥа воркауттары тутарга бүддьүөттэн 1 мөлүйүөн солкуобай көрүөхпүт. Сылаас тохтобуллары ханан туруортараргытын олохтоох дьаһалтаны кытта бэйэҕит быһаарыаххытын сөп», – диэтэ Евгений Григорьев.
«Бүгүн саҥа оптуобус сырыытын схематын оҥорор уонна эбии 100 оптуобуһу ылар соругу туруорабыт. Бастакы сорукпутунан куорат иһигэр муниципальнай сырыылары саҥардыы буолуоҕа. Холобур, «Саталга» тырааныспар тиийэр кыһалҕата турар, Севернайга эмиэ итинник», – диэн бэлиэтээтэ баһылык.
Билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга сылаас уопсастыбаннай туалеттары тутуу уонна туруоруу бырайыага үлэҕэ киирэн эрэр.
«Куорат киин өттүттэн саҕалыыр былааннаахпыт, сылаас туалеттары туруорарга 39 сири буллубут. Бастакы эбийиэктэри бу күһүн үлэҕэ киллэриэхпит», – диир Евгений Григорьев.
Марха олохтоохторо сир учаастактарын биэрии, баһылык граннарын, территорияны тупсарыыга субсидиялар, Олег Кошевой скверин өрөмүөнүн, оскуолалар уонна оҕо уһуйааннарын территорияларын тупсаран оҥоруу, саҥа култуура киинин тутуу туһунан ыйыталастылар. Онно барытыгар толору хоруйу ылан, дьаһалтаҕа махтаннылар.
Бу күннэргэ баһылык Евгений Григорьев куорат уокуруктарын олохтоохторун кытта көрсөр. Ол курдук, атырдьах ыйын 24 күнүгэр Пединститут аактабай саалатыгар Губинскай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ, бырайыагы дьүүллэстэ, дьон санаатын иһиттэ, кинилэри долгутар ыйытыктарга хоруйдаата.