24.09.2021 | 16:59

Нэһилиэнньэ биэрэпиһэ: Хаһан? Хайдах? Туох?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2021 сыл алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри Бүтүн Арассыыйатааҕы биэриэпис ыытыллар. Быйылгы биэрэпис булкаас көрүҥүнэн барар. Дьон бэйэлэрин тустарынан сибидиэнньэлэри хайдах ньыманан биэрэллэрин бэйэлэрэ талаллар: сирэй көрсөн эбэтэр электроннай көрүҥүнэн. 
- Хаһан уонна хайдах биэрэпиһи ааһыахха сөбүй?
Алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри – судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар (онно регистрацияламмыт туһунан бигэргэтии наада).
Алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри — МФЦ-га (онно анал миэстэлэри тэрийиэхтэрэ).
Алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 14 күнүгэр диэри – дьиэҕэ кэлбит биэрэписчиккэ суруйтарыы. 
2021 сыл ахсынньы 20 күнүгэр диэри – уһук уонна сылдьарга эрэйдээх территорияларга (Арассыыйаҕа итинник 2600 нэһилиэнньэлээх пуун баар, онно 500 тыһыынча кэриҥэ киһи олорор) ыытыллар.
- Хас ыйытыкка хоруйдуохха нааданый?
- Арассыыйа олохтоохторугар 33 ыйытык бэриллэр. Итинтэн 23-һэ социальнай-демографическай уратыга сыһыаннаах: эр киһитэ-дьахтара, сааһа, гражданствота, төрөөбүт сирэ, омуга, ханнык омук тылларынан саҥарара, үөрэҕэ, оҕолорун ахсаана, хантан дохуоттанан олороро. Эбии олох-дьаһах усулуобуйаларыгар сыһыаннаах 10 ыйытык бэриллэр – олорор дьиэ көрүҥэ (тип), дьиэ тутуллубут сыла, дьиэ эбэтэр кыбартыыра уопсай иэнэ, хос ахсаана, туалет уонна интэриниэт баара-суоҕа.
Арассыыйаҕа быстах болдьоххо олорор дьон 7 ыйытыкка хоруйдуохтара: эр киһитэ-дьахтара, сааһа, мэлдьи олорор дойдута, Арассыыйаҕа кэлбит сыала уонна төһө өр буолара. 
- Сибидиэнньэлэри бигэргэтэр ирдэнэр дуо? Пааспары уонна кыбартыыра докумуонун көрдөрөр наада дуо?
- Бары дааннайдары киһи тылыттын эрэ суруйаллар, туох да докумуоннары көрдөрөр наадата суох. 
- Ыйытыкка барытыгар хоруйдуохха наада дуо?
- Сөбүлээбэт ыйытыктарга хоруйдуо суохха сөп.
- Кыбартыыраҕа эбэтэр дьиэҕэ киллэрбэккэ эрэ, подъездка эбэтэр калитка таһыгар туран суруйтарыахха сөп дуо?
 - Сөп, ити эһиги быраапкыт. Биэрэписчиктэри дьиэҕэ, кыбартыыраҕа киллэрбэккэ суруйтарыахха сөп. 
- Биэрэписчик төһө элбэх киһини суруйуохтааҕый?
- Ый иһигэр – 550 киһини. Дойду үрдүнэн ити орто кээмэй. 
- Биэрэписчик хамнаһа төһөнүй?
- Хамнаһа – биир ыйга 18 тыһыынча солкуобай. Ити регионуттан тутулуга суох, Москваҕа эмиэ итиччэ. Эбии страховканан хааччыйыы баар. 
- Былааны толоруу эбэтэр аһара толоруу иһин бириэмийэ көрүллэр дуо?
- Суох, бириэмийэ көрүллүбэт. Ити статистиканы уларытыан сөп.
- Биэрэпис туохха нааданый?
- Статистика судаарыстыбаннай быһаарыныылары ылынарга наадалаах. Биэрэпис дааннайдара былаастарга олорор дьиэ, социальнай эбийиэктэр, коммуникациялар тутууларын чопчу былаанныылларыгар уонна дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсаралларыгар көмөлөһөллөр. Дааннайдар көмөлөрүнэн ханнык оройуоҥҥа хас балыыһалары, фельдшерскэй пууннары, библиотекалары, музейдары, кулууптары, үөрэҕирии тэрилтэлэрин тутарга чуолкай хартыына тахсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....