Үндүлүҥ үрэх тардыытыгар
Куһаҕан тыын буулаабыта наар аанньа буолла. Аны туран Сэгэдьик табаларыттан уонна эрэллээх доҕотторуттан ытыһын соттон хаалла. Дьэ дьиҥнээхтии бу аан ийэ дойдуга туга да суох соҕотоҕун туран хаалла.
Ыкса түүн, сарсыарданнан олоҕун булан, тордоҕор киирэн утуйан хаалла. Киһилии утуйбатаҕа ырааппыт уонна сылаата киирэн уол күнү быһа утуйда. Арай түүн үөһүн саҕана туохтан эрэ дьиксинэн уһуктан кэллэ. Арай доҕоор, тордоҕун иннигэр, били дьонун таһыгар кэлэн бөрө онолуйар. Төһө да куттаннар дьонун аһыыта-абата киирэн, синигэр түһэн кууһа сыппыт саатын бэлэм тутан туран таба тириитэ ааны аргыый сэгэтэн көрбүтэ соҕотох бөрө дьонун уҥуоҕун таһыгар улуйа олорор. Өйдөөн истибитэ бу бөрө атыттар курдук ыҥырсан улуйбакка, хайдах эрэ уол кулгааҕар санаарҕаабыт, кини бэйэтин курдук аһыытын таһааран арахсыы, соҕотохсуйуу онолуйуутун курдук иһиллэргэ дылы.
Онтон эмискэ уол өйүгэр хаһан эрэ ааспыт оҕо сааһа элэҥнээн ааста… Сэгэдьик уол саҥардыы борбуйун көтөҕөн истэҕинэ аҕата хантан эрэ кыра бөрө оҕотун хоонньугар уктан аҕалбыта. Кыра уол бу бөрө оҕотун кытта тэҥҥэ оонньуур буолбута, ыттарын оҕолоро Баһырҕастаах, Түргэн бу бөрө оҕотун кытары тэҥҥэ оонньоон улааппыттара. Кыракый уол үс ытын аҕата оҥорон биэрбит тэп курдук туркутугар балтын Ньукуну олордон баран дьиэ таһыгар хатааһалыы оонньууллара. Үс ыт бииргэ тэҥҥэ сылдьан таба манааһын мындыр үөрэҕин барбыттара. Бөрө оҕото күндү түүлээх соноругар отой барбат буолара, онно иннинэн буолан кыайан үөрэммэтэҕэ. Ол оннугар кыыл соноругар ыттардааҕар ордук этэ. Олох кыра эрдэҕиттэн ыттардааҕар күүһүнэн-уоҕунан, бардамынан лаппа чорбойор этэ. Оонньуу да сылдьан ыт оҕолорун борбуйдарыттан соһуталаан нааҕынатара үгүс буолааччы. Улааттаҕын аайы ыттартан тэйиччи туттар буолан барбыта, түүнүн ураһаттан тэйиччи баран өр да өр улуйан кэлэрэ. Аҕата биирдэ бөрөтүн ыраах булка илдьэ барбыта уонна ханна эрэ букатын хаалларан баран кэлбитэ. Дьонугар Сурчаан, бөрөлөрүн оҕотун итинник ааттыыллара, дьиэ оҕото буолбатах, көҥүл айылҕа оҕото дойдутугар хара тыаҕа хаалла диэн кэпсээбиттээх. Онтон ыла Сурчааннара кинилэр харахтарыгар көстүбэтэҕэ, ол да буоллар аҕалара биирдэ табаларбыт манабылыгар эбии эрэллээх харабыл, адьырҕалары кытары тэҥҥэ аахсар киһилэннибит диэн үөрэ-көтө кэпсээбитин уола дьиктиргии истибитэ. Уол улаатан баран Сурчаан төһө да бэйэлэрин уруу-хаан кыылларын кытары сырыттар дэҥ-дэҥ дьиэ таһыгар кэлэн көстөн барар эбит этэ уонна аҕалара ыраах улахан кыылга бултанарыгар кыылы хаайан бултаспытын туһунан хам-түм аҕатыттан истэр буолара.
Дьэ ол бэйэтэ хаһан эрэ быыһаппыт икки атах доҕоро суох буолбутун сүрэҕинэн сэрэйэн бу кэлэн бырастыылаһа олордоҕо. Сэгэдьик ити курдук санаат, оҕо сааһын доҕорун көрсө саата суох утары таҕыста. Бөрөтө уол баарын билэн күүппүт курдук туран биир сиргэ төттөрү-таары кутуругунан оонньуу-оонньуу тэпсэҥнээтэ, тугу эрэ этиэх киһилии саҥа таһааран ыйылыыр уонна төттөрү олорунан кэбистэ. Хайдах эрэ эйэ-дэмнээх сымнаҕас, сылаас харахтарынан уолу ахтыбыттыы, аһыммыттыы көрбөхтүүр. Уол эмиэ ураһатын иннигэр атаҕын оллооннуу ууран олорунан кэбистэ. Ол олорон ааспыт оҕо саастарын, соһуччу көрсүһүүлэрин уонна дьонун санаан соҕотох доҕоругар кутурҕанын таһааран ытыы олордо. Уол санаатыгар бөрөтө эмиэ кинини билбит уонна аһыммыт курдук ыйылаан, харахтарын симириктэтэ олордо. Чороҥ соҕотох хаалбыт уол кими да кытары айах атан кэпсэппэтэҕэ ырааппыта таайан, бу аан алдьархайыгар түбэспит кыһалҕатын саҥа таһааран оҕо сааһын доҕоругар ытамньыйа-ытамньыйа сулана, кэпсии олордо. Бөрөтө туох алдьархайа ааҥнаан ааспытын, уол соҕотох хаалбытын билэр киһилии, икки соҕотох дьон бииргэ буолуох диирдии сытынан кэбистэ, ол эрээри уолга чугаһаабата.
Сэгэдьик сүтүгүн булбут киһилии билигин кини соҕотох буолбатаҕын хайдах эрэ сүрэҕинэн сэрэйэн санаата көнньүөрэн, бу аҕыйах хонук иһигэр үөрбэтэх бэйэтэ сонньуоран ыла-ыла туран ону-маны гыммыта буолан ураһатын иннигэр сырытта. Доҕоругар эттээҕэ буоллар күндүлээн бэрсиэ эбит да туга да суох. Инньэ гынан онтун кэпсии-кэпсии кураанах күөс иһитин тоҥсуйан көрдөрөр. Үрэҕэр киирэн кыра чүөмпэ уу баарыгар илим үттэ. Аччык уол биир эмэ балык туттаҕына үссэнэн абыраныа этэ. Киэһэриитэ илимин көрбүтэ, дьэ доҕоор, байанай «дук» гыммыт, буолаары буолан икки сордоҥу бэрсибит. Уол үөрүүтүн кытары сордоҥнорун таһааран биирин кырбастаан буһара уурда, иккис сордоҥун доҕоругар өлүүлээн дьонун уҥуохтарын таһыгар таһааран уурда, бөрөтө көстүбэт. Сотору үрэҕэр алларааттан искэхтэрин ыы үчүгэй, үрүҥ балыктар бил, быйыт үрэҕи өксөйөн тахсыахтаахтар. Бу маннык табыгастаах балык ыамын куоттарбакка таба тутан аҕата балык бөҕөтүн илимнээн тот кэмнэр кэлэллэрэ, уол ону күүтэр. Бөрөтө кэлэн барбыт,балыгы миэхэ өлүүлэммит диэх курдук сым-сам тутан үссэммит. Ити курдук хас да хонугу быһа тэйиччинэн да буоллар, бөрөтө ураһаҕа уонна бэйэтигэр чугаһаабакка сырытта, ханна эрэ бара-бара сүтэн баран баарын биллэрэн кэлэн барар. Алларааттан балык тахсан Сэгэдьик балык бөҕөтүн хоторон доҕордуулар тот сылдьаллар, балыгын ордугун хатаран хаһаанар үлэтигэр сырытта.
Биир күн оҥостон, санаата батарбакка табаларын суолларын хайан көрөргө быһаарынна. Ыраах кутталлаах айаҥҥа баран эрэр киһи быһыытынан өйүөтүн, саатын-саадаҕын сүгэн айаҥҥа турунна. Бөрөтө ыт курдук эдэр оҕо иччитэ бултана баран эрэр диэбиттии ырааҕынан иннигэр мастар быыстарынан кутуруга субурус гыммытын уол көрөн олус үөрдэ. Табалар мөөмүктэн куотан ойуоккалаабыт эргэ суолларын батан балай эмэ сири барбахтаата. Биир сиргэ мөөмүк тугуту туппут суолун булла, аччык торҕоннообут кырдьаҕас тугуттан тугун да ордорботох, үнтү хадьырыйан көмүллэммит уҥуохтарын тобоҕо эрэ хаалаахтаабыт. Мантан антах сэрэннэҕинэ табыллар, баччатааҕы, сибиэһэй хааны амсайбыт аарыма адьырҕаны утары уол соҕотоҕун туруулаһар кыаҕа суох, ол эрээри ыттарын уонна табаларын аһыыта баһыйан, хайдах эрэ үөһээ айыылартан биллибэт күүс күүһүгэр күүс, хорсун-хоодуот санааны эбэн саатын бэлэм тутан иннин хоту сыҕарыйан истэ. Дьэ доҕоор, эмискэ баҕайы күүппэтэх өттүттэн ойоҕолуу хойуу талах быыһыгар алдьархайдаах айдаан бөҕөтө оргуйа түстэ, уол соһуйан мээнэ киһи кыра наадаҕа кыайан ыттыа суох курдук сүүнэ улахан үрдүк сыгынньах таас үрдүгэр биирдэ баар буола түстэ.
Үөһээттэн аллараа көрбүтэ: доҕоро Сурчаан аарыма аар-дьаалыны кытары хабыр хапсыһыы бөҕөтө, эһэ уолга кэлэ сатыырын бөрө иннин күөйэ көтөн тохтото, бытаарда сатыыр, анараата айаҕын атан хаһыыра-хаһыыра баппаҕайынан өстөөҕүн сиирэ-халты дайбаталыыр, бөрө сымса баҕайытык туора көтөн иһэр уонна кэннигэр түһэ сатыыр, биирдэрэ ол аайы эмэһэтин көмүскэнэн биир сиргэ тула эргичиҥниир, Сэгэдьик көмүскэтэр доҕордооҕун уонна аан айылҕа ханна да суруллубатах сокуонунан доҕорун туһугар өлөрүн да кэрэйбэккэ, куттанарын да умнан туран эһэни тыын сирин төбөтүн кыҥаан баран ытан саайда. Эһэ төбөтүттэн хаан ыһыллаат тиэрэ таһылла түстэ, ол да буоллар түөрт атаҕар өндөйөн мөдөөт баҕайытык эргиллэн уол диэки сыҕарыйыах курдук гынан эрдэҕинэ бөрө ону эрэ күүппүт курдук эмэһэтигэр түһэн, тоҕо тардан мыысаһын бүтүннүү ороон таһаарда, эһэ сүр куһаҕаннык кыланаат бөрөҕө эргийэн эрдэҕинэ бэлэм турар уол эһэни хонноҕун анныгар кыҥаан баран иккиһин ытан саайда, эһэлэрэ арааһа бүтэһигин саҥа таһааран хардьыгынаат умса налыс гынан хаалла. Дьэ доҕоор, манна кыайыы өрөгөйө буолла, Сэгэдьик булчут удьуор хаана тардан бу кылгас олоҕор бүтүн аар тайҕа саамай күүстээх адьырҕатын бултаабытыгар аан-ийэ дойдуларын иччилэригэр, байанайыгар махтанан суорума таас үрдүгэр икки илиитин өрө уунан туран эбэҥкилии «алакыы, алакыы!» диэн айхаллаата. Бөрөтө буоллар эмиэ бу аар тайҕа аҕа баһылыгын аар-дьаалыны атаҕын анныгар баттаан, аны бу сиргэ-уокка кини аар баһылык буоларын биллэрэн уонна кыыл-кыыла өтөн сибиэһэй хаан сытыттан мэйиитэ эргийэн сиэмэх хаана оонньоон аһыыларын ардьатан, харахтара уоттанан икки атах доҕорун диэки суоһурҕанан көхсүн бөгдьөтөн, ырдьыгыныы сырытта. Уол доҕор оҥостубут кыыла итинник уларыйа охсон, кыыл хаанын киллэрбитин өйдөөн тааһыттан түһэн дьалты хаамта. Сэгэдьик уол бөрөтүн доҕорум дии саныыр даҕаны, бөрөтө дьиэ ытыттан төрөөбөтөх тыа кыыла дьиҥнээх бэйэтин дьиикэй майгытын, сигилитин хайдах даҕаны быраҕар, уларытар айдарыыта суох буолан эрдэҕэ.
Итини этэн эрдэхтэрэ, бөрөнү төһө да аһат син биир тыатын диэки көрүө диэн. Ол да буоллар бөрө баарын биллэрэн хам-түм ураһа таһыгар кэлэн барар, туох эмит балык, эт сыысчаанын уурдаҕына уол көрбөтүгэр кэлэн ылан барбыт буолар. Ол аата бу икки атах уонна аар тайҕа саамай сиэмэх адьырҕатын икки ардыларыгар чугас доҕордуу да буолбатар сылаас, өйдөһүү сыһыан баар эбит буоллаҕа. Бу киэҥ нэлэмэн чугаһынан киһи-сүөһү суох сиригэр-уотугар икки соҕотох хаалбыт тулаайах, айахтарын эрэ туһугар аҥардас булдунан-алдынан дьарыгырар өйдөөх баҕайы айылҕа айдарыыларыгар өйдөһүү, ыарахан түгэн тирээн кэллэҕинэ тыыннаах хаалар туһуттан бэйэ-бэйэни өйөнсүү аар тайҕа суруллубатах сокуонугар киһитин-кыылын араарбакка баар буолан эрдэҕэ диэҕи баҕарыллар.
Салҕыыта тахсыаҕа.