Наука оскуола паартатыттан саҕаланар
Оҕо наука киэҥ аартыгар алын сүһүөх кылаастан бастакы хардыылары оҥорор. Ол курдук, үөрэх дьылын устата араас научнай-практическай конференциялар, олимпиадалар, айар күрэхтэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Оҕо НПК-ҕа ситиһиилээхтик кыттарыгар туох ирдэнэрий?
Учуутал оҕону кытта тэҥҥэ үлэлиэхтээх
Бастатан туран, үлэ тиэмэтэ оҕоҕо эрэ буолбакка, учууталга эмиэ интэриэһинэй буолуохтаах. Ол эбэтэр учуутал үөрэнээччи кыаҕын таба көрөн, сөптөөх тиэмэни таларыгар көмөлөһүөхтээх уонна ыйан-кэрдэн, салайан биэриэхтээх. Оҕо чинчийэр үлэтин сөбүлүүрүн, кэрэхсиирин хааччыйан, араас табыгастаах үөрэх технологияларын туһаныахтаах. Ол эбэтэр чинчийэр үлэтин эрдэттэн бырайыактаһан, былааннаһан биэриэхтээх.
Олоҕу кытта ситимниир ордук
1. Эдэр чинчийээччи учуутал “ыстаан биэрбит» билиитигэр сигэммэккэ, үлэтин бэйэтэ “буһара”, көрдөрө сатыырга дьулуһуохтаах. Чинчийэр тиэмэтин олоҕу кытта ситимниэхтээх. Ол эбэтэр туруоруллубут соругу толороругар, кыһалҕаны быһаарар, толкуйдуур дьоҕурун сайыннарыахтаах, ону быһаарар ордук табыгастаах суолу-ииһи көрдүөхтээх, чинчийэр, ырытар, айар, бэйэҕэ түмүк оҥостор үөрүйэхтэрин сайыннарыахтаах.
2. Үөрэнээччи уруогу таһынан атын источниктары, чинчийиилэри билсиэхтээх.
3. Бастаан учуутал оҕоҕо, кыаҕыттан көрөн, үлэ форматын быһааран биэриэхтээх. Холобура, үөрэтиллибит тиэмэттэн, хомуллубут матырыйаалтан реферат, дакылаат, ыстатыйа, чинчийэр үлэ тахсыан сөп. Ол былаанын оҥорору ыйан-кэрдэн биэриэхтээх.
4. Оҕо бэлэм былаанынан суруйбут үлэтин учуутал сирийэн бэрэбиэркэлиэхтээх, ханна ыарырҕаппытын быһаарыахтаах.
Бырайыактааһын оҕо тиэмэни төһө сөбүлээбититтэн, кэрэхсээбититтэн саҕаланар. Оҕо сонурҕаабатах матырыйаалын интэриэһиргээбэт, олох да өйдөөбөт, ыарырҕаппыт да буолуон сөп. Онон үлэ түмүгэ ситиһиилээх, дириҥ, толору буоларыгар үөрэнээччи элбэх кыһалҕалары көрсөр.
Чинчийэр үлэ сүрүн тосхоллоро
Тиэмэ үөрэнээччигэ уһулуччу кэрэхсэбиллээх буолуохтаах. Чинчийии айар үлэҕэ тэҥнээх. Оттон айар үлэ, биллэн турар, баҕа баар буоллаҕына эрэ үөскүүр.
Тиэмэтин бэйэтэ талар оҕо үлэтигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар, сыалын ситиһэргэ дьулуһар.
Билиитин бэйэтэ үлэлээн, көрдөөн, сыралаһан булбут оҕо салгыы үөрэнэргэ интэриэһэ улаатар.
Чинчийэр үлэ саҥаны арыйыыга көҕүлүүр. Саҥа ыйытыылар үөскээһиннэрэ оҕо интэриэһин көбүтэр, көҕүн көтөҕөр.
Чинчийэр үлэ тыыннаах организм сайдыытын курдук ыытыллар, сайдар.
Учуутал ханнык баҕар ыйытыыга чопчу хоруйу билэрэ ирдэммэт. Кини үөрэнээччини баар проблеманы чинчийэргэ үөрэтиэхтээх.
Саҥара, кэпсии үөрэниэхтээх
Оҕо ис санаатын дьоҥҥо тиэрдэ, киэҥ эйгэҕэ холкутук саҥара үөрэнэр дьоҕурга кыра кылаастан уhуйуллар. Оннук сатабыл кыра кылаастан өйтөн суруйууттан, дакылааттан, рефераттан саҕаланар.
Чинчийэр үлэ сатабыллара
– Кыһалҕаны булуу, быһаарыы, толкуйдаан, таба суолу көрдөөһүн;
– Сэрэйэн көрүү, сабаҕалааһын;
– Кэтээн көрүү;
– Эксперимент оҥоруу;
– Толкуйдаан таһаарыы;
– Түмүк оҥоруу.
Эксперт санаата
Нинель Малышева, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ наукаҕа уонна инновацияҕа Департаменын дириэктэрэ, «Арктика лингвистикатын экологията» аан дойдутааҕы научнай лаборатория сүрүннүүр научнай үлэһитэ, Арассыыйа Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтун доцена, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаҕа дьоҕус академиятын гуманитарнай кафедратын салайааччыта, ХИФУ эдэр учуонайдарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, филологическай наука кандидата:
– “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференция 1996 сылтан биһиги өрөспүүбүлүкэбит наукаҕа интэриэстээх, талааннаах оҕолорун, кинилэри билим эйгэтигэр угуйар, арыаллыыр учууталлары уонна үрдүк таһымнаах учуонайдары түмэр саамай улахан балаһаакка буолар. Сүрүн сыала – оҕону киэҥник толкуйдуурга, олох араас кыһалҕатын дириҥник ырытан быһаарарга үөрэтии, кини уопсай дьоҕурун сайыннарыы, ону таһынан үүнэр көлүөнэ саҥа саҕахтары арыйарын, сайдарын туһугар усулуобуйалары тэрийии. Бу аһаҕас конференция бастакы түһүмэҕэр ким баҕалаах кыттан, бэйэтин холонон көрүөн син. Онтон сүүмэрдэнэн, кыайыылаахтар улуус түһүмэҕин ааһан, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымыгар тиийэ үрдүк чыпчааллары дабайар кыахтаахтар. 1996 сылтан саҕалаан “Инникигэ хардыы” “оскуолатын” ааспыт оҕолор бары кэриэтэ билигин улахан ситиһиилэрдээх, төрөөбүт дойдуларыгар, уопсайынан, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах, суолталаах дьон буола улаатан үлэлии-хамсыы, үөрэнэ сылдьаллар. Онон бу оҕоҕо тус бэйэтигэр эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ, дойду сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах тэрээһин дии саныыбын.
Нинель, эн эксперт быһыытынан көрөргүнэн, оҕолор бырайыактарын ситиһиилээхтик көмүскүүллэригэр туох кистэлэҥ баарый?
Бу ыйытыыга киһи судургутук хоруйдаабат. Оҕолор бырайыактарын ситиһиилээхтик көмүскүүр биричиинэлэрэ элбэх.
Бастатан туран, оҕо науканан дьарыктанарыгар дьиэттэн оскуолаҕа диэри усулуобуйа барыта баар буолуохтаах – төрөппүттэр, учууталлар, оскуола, улуус, өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата психологическай, методологическай, үп-харчы уо.д.а өттүнэн күүс-көмө, тирэх буолуохтаахтар.
Иккиһинэн, мин санаабар, оҕо ситиһиилээхтик кыттарыгар бэйэтэ сөбүлээн, интэриэһиргээн талбыт тиэмэтин чинчийиэхтээх. Мин тэрээһиҥҥэ эксперинэн үлэлээбитим ыраатта, онон тиэмэ ис дьиҥин билбэккэ, учуутал суруйбутун мээнэ үрдүнэн нойосуус үөрэппит, учуутал оҥорон биэрбит презентациятынан кэпсиир оҕо тута биллэр, оннук кыттааччы үрдүк сыанабылы ылбат. Онон учуутал хоһоон курдук үөрэтиэхтээҕэр, оҕо болҕомтотун тардыбыта ордук туһалаах буолар.
Үсүһүнэн, хас биирдии үлэ чинчийбит эрэ киһи диэн буолбакка, прикладной, ол аата олоххо туттуллар, туһалаах буолара билиҥҥи наукаҕа ирдэнэр. Наука сүрүн сыала – уопсастыба араас көрүҥнээх кыһалҕатын быһаарыы, ыйытыыларга хоруйдааһын. Оҕо итини эрдэттэн билэр, өйдүүр буоллаҕына, мотивацията үрдүүр, сыалын-соругун түргэнник ситиһэ сатыыр. Эбиитин ханнык эмэ кыһалҕаҕа эппиэтин тобулан баран ону бэйэтэ оҥорон, олоххо киллэрэн көрдөҕүнэ өссө ордук буолуо этэ.
Төрдүһүнэн, сороҕор, үксүн үрдүкү кылаастарга оскуола бырагыраамата тиийбэт буолааччы, оччоҕуна учууталлар учуонайдары көрдөһөн научнай консультант, сүбэлээччи гыныахтарын син. Манна биһиги, университет преподавателлэрэ, научнай үлэһиттэрэ өрүүтүн үөрэ-көтө көмөлөһө, сүбэлии сатыыбыт, ыйан-кэрдэн биэрэбит.
Наука эн олоххор суолтата.
– Наука мин олохпор суолтата улахан: биир өттүнэн, науканы тэрийэр, салайар хайысхаҕа үлэлиибин, атын өттүнэн, Москватааҕы тылы үөрэтэр институт докторана, аан дойдутааҕы научнай лаборатория сүрүннүүр научнай үлэһитэ буоларым быһыытынан, талан ылбыт научнай тиэмэбин чинчийэммин сүрүн үлэм таһынан бириэмэ аттаран үлэлиибин. Ол иһин наука эйгэтин икки өрүтүн дьүөрэлии тутабын.