14.02.2022 | 16:00

Наука билинэр эрээри

Наука билинэр эрээри
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

Оттуллубут оһох тыаһыыр. Дьиэ ортотугар турар сандалы остуолга баттаҕын икки өттүгэр өрүммүт кыысчаан, "мыш" курдук илиилэринэн түргэн-түргэнник туттан, хаарты ырытан элэгэлдьитэн, онтун төбөтүгэр хатаан, бэйэтэ бэйэтигэр тугу эрэ кэпсээн уоһа чорбоҥнуур…

Таакы айылҕаттан айдарыыта онон эрэ бүппэт. Улахан да киһи нойосуус билэ охсубат ырыаларын олоппос үрдүгэр туран ыллаан чуопчаарарын, кыратын мыыммакка, сэргээн истээччи, "тоҕо кыыс буолан төрөөбүппүнүй", "тоҕо дьон мин билэрбин билбэтий?" диэн бүппэт ыйытыыларын дьиктиргээччи элбэх буолара.

Ирина Степановна Григорьева билигин идэтийэн үлэлиир хиромант, остеопат.

 

– Айылҕаттан айдарыылаах дьон диэн кимнээҕий?

– Мин бэйэм чинчийэн, үөрэтэн көрүүбүн үллэстиэхпин баҕарабын. Холобура, чараас эйгэ быыһын сэгэтэн көрөр буоллахха, маннык…

Экстрасенсорика иһигэр араас хайысха баар. Ол эрээри сүрүнэ биир – чараас эйгэни (тонкая материя) кытта алтыһыы. Кимнээҕи экстрасенс диэн ааттыахха сөбүй? Мин санаабар, түүллээх-биттээх дьону ааттыахха сөп. Ытыстарынан көрөр, эмтиир дьону эмиэ ааттыахха сөп. Ыра санаалара туолар дьон эмиэ экстрасенс дэниэхтэрин сөп. Тоҕо диэтэххэ кинилэр сатаан санааларын салаҋаллар. Аны туран, дьон санаатын «ааҕар» айдарыылаах дьон баар, интуициялара сайдыбыт дьон. Аҋаны, булду-алды, кэлиини-барыыны, оннооҕор буолаары турары кытта билиэхтэрин дуу, таба тааҋыахтарын дуу сөп. Эмпаттар диэн бааллар. Куттал суоһуурун билэр дьон. Аҋылҕаттан саамай чараас "эттээх-сииннээх", киһини "курдары" көрөр гына айыллан кэлбит дьон. Кинилэргэ сымыйалыыр эбэтэр хом санаа тутар сатаммат дииллэр. Оннук күүстээх, биир-икки эрэ киһи баар буолар үһү.

Дьэ бу бары айылҕаттан айдарыылаах дьон буоллахтара.

– Ирина Степановна, эн хиромантияҕа хайдах кэлбиккиний?

– Бу науканы аан бастаан 1989-90 сылларга интэриэһиргээбитим. Почтанан сурутар кинигэлэрбэр кэннигэр реклама курдук "хиромантия ваших рук" диэн кылгас информация баар буолааччы. Маннык кинигэлэри суруттаран ааҕыҥ диэн. Бу тиэмэни онтон ыла эккирэтэн ааҕар, сыыйа дьон илиитин сурааһынын көрөр идэлэммитим. Дьикти дьарыкпын оччолорго бастакынан кэргэним Тихон өйөөбүтэ. "Эйиэхэ бу барсар", "талааҥҥын сайыннар" диэн сүбэлээн, хиромантияны дьарык оҥостон барбытым. Кэлин аан дойду уонна Арассыыйа таһымнаах үөрэхтэри ааһан, отучча сылы быһа дьарыгырдым. Бүгүҥҥү туругунан йоганы кытта сибээстээх индийскэй хиромантия диэни баһылаабыт Саха сиригэр соҕотох исписэлииспин.

– Хиромантия диэн былыргы үйэттэн кэлбит наука буоллаҕа...

– Таас үйэ саҕана киһи илиилэрэ тааска, хайаларга, хаспахтарга уруһуйданан турар эбит. Императордар, хоруоллар илиҥҥи омуктартан илии сурааһынын нөҥүө сүбэ ылаллар эбит. Арабтар илии сурааһынынан киһи доруобуйатын туругун сылыктыыры баһылаабыттар. Билигин онно олоҕуран "линия здоровья" диэнинэн киһи ис доруобуйатын эмиэ билиэххэ сөп. 20-с үйэҕэ психология салаата "хирология" диэн наука баар буолар. Салгыы криминалистикаҕа дерматоглификаны  киллэрэллэр. Ити курдук хиромантия сүрдээх былыргыттан силистээх-мутуктаах уонна биир сиргэ тэпсэҥнии турбат, сайдан иһэр сүрдээх аныгы наука диэххэ сөп.

– Илии сурааһына киһи олоҕун бүүс-бүтүннүү кэпсиирэ дьикти...

– Киһи организмыгар тирии саамай улахан миэстэни ылар. Наука этэринэн, тирии – киһи мэйиитин үлэтин таска көрдөрөр уорган. Сэттэттэн  тахса миллиард киһиэхэ биир да тэҥ сурааһын суох. Оннооҕор игирэлэргэ биир буолбат. Киһи илиитин сурааһынынан билиэххэ сөп: тугу толкуйдуурун, дьонун, урукку олохторун, генетическай ыарыыларын, талаанын, майгытын, ис туругун, ону ааһан ханнык хайысхаҕа сыстаҕас буолуохтааҕын. Уопсайынан, олоххор туох буолбута, буола турара, буолуохтааҕа барыта ытыскар «сурулла» сылдьар.

– Хиромантан киһи туох сүбэ ыларый?

– Хиромантан куттанар наадата суох. Илии сурааһынынан төрүттэртэн туох кэлбитин, ону хайдах туһанар табыгастааҕын сүбэ быһыытынан этэрин сөпкө ылыныахха наада. Тоҕо диэтэххэ, урукку, билиҥҥи, буолар кэм барыта бииргэ буола турар. Ону биһиги ситэ өйдөөбөппүт. Сүбэни сөпкө ылынар дьон олохторугар туһаналлар.

– Бука, дьикти түгэннэр баар буолуохтаахтар.

– Оннук «дьиктилэргэ» игирэлэр көрдөрө сылдьыбыттарын киллэриэхпин сөп. Игирэлэрбит диэн эппэтэхтэрэ. Тус-туһунан ыыппыттара. Онно бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэр өрүттэрэ элбэх бырыһыан баара. "Аймахтыыгыт дуо?" - диэн ыйыппыппар, игирэлэрбит диэбиттэрэ.

Аны биир түгэн. Ийэ кэлбитэ, ытыһын сурааһынынан көрдөххө, оҕото наһаа биллэр киһи эбит этэ. Бу ийэ ытыһыгар ол киһи тугунан дьарыктанара барыта көстөрө. Ол аата тугуй? Ол аата бу ийэ оҕотун туһугар наһаа долгуйара, ол эбэтэр мэйиитин үлэтэ, тириитин нөҥүө ытыһыгар «суруллан» сылдьара. Ону көрөн ыйан, этэн биэрбиппэр, барыта сөп түбэһэр диэбитэ. Биирдэ эдэр киһи кэлбитэ. Ытыһын сурааһыннара билиҥҥи олоҕо үчүгэй эрэ өттүгэр баран эрэрин кэпсииллэрэ. Оттон кини миэхэ тугум даҕаны табыллыбат диэн кэлбитэ. Ону бу тургутууну ааһыахтааххын, оччоҕуна барыта көнөөрү турар диэн быһааран биэрбитим. Ыгым, тутах, быстах санааҕа ылларан, бэйэлэрин тыыннарыгар тура сатаабыт улаатан эрэр оҕолор чугас дьонноро кэлэн, бириэмэтигэр бу проблеманы тохтоппут түгэннэрэ баар. Бу хиромант быһыытынан дьоҥҥо улахан көмөм диэн сыаналыыбын.

– Чараас эйгэни кытта ыкса сибээстээх киһи ытыһыгар баар бэлиэлэргэ тохтуу түһүөҥ дуо?

– Өй сурааһыныгар икки хос сурааһын баар буоллаҕына, бу ытыс хаһаайына боростуой киһи буолбатах, мистиканы, эзотериканы, киһи хараҕар көстүбэт эйгэни интэриэһиргиир, ап-хомуһун туһунан билиилээх. Юпитер булгунньаҕар түөрт муннугу кытта кириэс турар буоллаҕына, оккультнай эйгэ киһитэ диибит, кини экстрасенсорнай билиини илдьэ сылдьар.

Сатурн булгунньаҕар үс муннук баара – бу киһи өтө көрөр дьоҕурдаах. Ылгын чыҥыйа аннынан өрө тахсар сурааһын баара – биотоктаах киһи. Итинник бэлиэ биэстэн кырата суох буолуохтаах. Медицина уонна психоаналитика эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо итинник бэлиэ эмиэ "турар" буолар.

"Око ведьмы" эбэтэр "Ведьмин глаз" диэн саамай күүстээх бэлиэ Ый булгунньаҕар баар. Бу дьон айылҕаттан сөҕүмэр сүдү күүһү илдьэ  сылдьаллар, онтулара олохторун тухары өссө сайдар, эбиллэр, бөҕөргүүр.

Ойууттарга, удаҕаттарга, отоһуттарга, илбиһиттэргэ баара биллэр.

Юпитер булгунньаҕар турар кириэс парапсихологтар уонна дьон санаатын курдары таайар дьон бэлиэлэрэ. Өссө тус олоҕор табыллыбыт дьахтар бэлиэтэ диэн көрөбүт. Бу дьахтарга үрдүкү күүстэр эр киһитин (аналлааҕын) ыйан биэрбит курдук көрүһүннэрэллэр.

"Полоса Изиды" диэн интуиция сурааһына дириҥник иһирдьэ киирбит буоллаҕына, бу киһи мистикаҕа чугас.

– Сэҥээрэр дьоҥҥо чахчы интэриэһинэйи кэпсээтиҥ. Ирина, эн биир дьикти дьарыгыҥ – остеопатия. Остеопат эмтиир ньымалара?

– Киһи тыыннааҕын тухары биир да сөкүүндэ сүтэн ылбат тэтимҥэ (ритм) сылдьар. Остеопат ити тэтим кэһиллиитин сааһылаан, эти-хааны кытта "кэпсэтэн", чөлүгэр түһэрэр.

– Официальнай медицина билинэр дуо?

– Биһиэхэ, Арассыыйаҕа, олох кэлин, 2000 сыллартан эрэ, үөрэх быһыытынан киирэн, билиниллэр. Ол эрээри бу идэни ылбыттар бүддьүөт тэрилтэтигэр суохтар, чааһынай клиникаларга эрэ үлэлииллэр. Наука эми-тому билинэр буоллаҕа. Оттон остеопаттары "хирург без скальпеля" диэн ааттыыллар.

– Оҕоҕо бу эмтэнии ньымата туттуллар дуо?

– "Детская остеопатия" диэн эмтээһин систиэмэтигэр киирэр. Оҕо организмыгар туох сыыһа, бүөлүүр, кэһиллии баарын остеопат илиитинэн бигээн билэр. Уонна ол мэһэйи, төрөппүтү кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэн, ханнык эрчиллиилэринэн, массааһынан туоратары сүбэлэһэр, көмө оҥорор.

– Бу короновирус ыарыытын кэнниттэн остеопат өҥөтүгэр наадыйыы хайдаҕый?

– Биллэрдик элбээтэ. Бу ыарыы түмүгэр организм туох эчэйиини ылбытын туоратыыга остеопат көмөтө улахан. Мэйии үлэтигэр элбэх кэһиллии барар. Элбэх киһи  ньиэрбэ систиэмэтин эчэйиитин көрсөр.

– Остеопатия косметологияҕа эмиэ көмөлөһөр эбит дии?

– Бу кэнники киирбит уонна балысханнык сайдан эрэр саҥа салаа. Хас биирдии былчыҥ туспа памяттаах. Сирэй тыҥаабыт өрүтүн сымнатан эбэтэр, төттөрүтүн, тутан, күүркэтэн, тардан, хаан киириитин, тирии үлэтин тупсарар. Ол түмүгэр сирэй да мырчыстаҕаһа сүтэр, тирии да өҥө сырдыыр, иҥиир да үлэтэ чөлүгэр түһэр.

Косметологическай остеопатия киһи кыраһыабай буоларыгар көмөтө муҥура суох.

– Остеопат буоларга ордук айылҕаттан айдарыы наада дуу, медицинскэй үөрэх ирдэнэр дуу?

– Илии иминэн билэр дьоҕурдаах киһи остеопат буолар. Медицинскэй үөрэҕэ суох буолуохха сөп. Ол эрээри биһиги элбэх анал үөрэҕи ааһан маннык таһымҥа кэлэбит. Ордук илиҥҥи медицинаны кытта ыкса сибээстээх идэ.

– Отоһут, илбийэн эмтиир киһи уонна остеопат майгыннаһар курдуктар.

– Отоһут илиитин иминэн эчэйиини булан, уҥуоҕу тутар. Илбииһит киһи организмыгар баар чэккэҕи (фасция) илбийэн, арааран, миэстэтигэр туруоран (массаастаан) эмтиир. Оттон остеопат итини барытын толору баһылаабыт исписэлиис.

– Ааҕааччыларбыт эйигин хантан булуохтарын сөбүй?

– @osteopat ykt диэн инстаграм аккауннаахпын. Онно барыта ыйылла сылдьар.

– Ирина Степановна, интэриэһинэй кэпсээҥҥэр махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....