«НАУКА 0+» бэстибээл саҥаны көрдөрөр, билимҥэ угуйар
Балаҕан ыйын 7 күнүгэр “Дохсун” спорт комплексыгар “Наука 0+” билим бэстибээлэ буолан ааста. Кыра саастаахтартан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ анаммыт 150-ча экспозиция бэлэмнэммит: билимҥэ угуйар быыстапкалар, мастарыскыайдар, виртуальнай лабораториялар уо.д.а. Маныаха өрөспүүбүлүкэ орто, үрдүк үөрэх кыһалара, билим кииннэрэ уонна оскуолалар кыттыыны ыллылар.
Бэстибээл Дьокуускайга 12-с төгүлүн ыытылынна уонна бастакытын федеральнай балаһаакка аатын ылла. Ол курдук, бу сырыыга тэрээһин биир күн буолбакка, балаҕан ыйын 4-7 күннэригэр хас да сиринэн ааста. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн чинчийэр бөлөхтөрө 80-тан тахса наноматырыйаал, алмаас бырамыысыланнаһын, көмүс уонна гаас хостооһунун, оҥоһуу өй (искусственнай интеллект), история чахчыларын туһунан лиэксийэлэри ыыттылар. «Лена» киинэ тыйаатырыгар Кристиан Фрай уонна Максим Арбугаев «Генезис 2.0» документальнай киинэлэрин көрдөрдүлэр.
ХИФУ ИМИ Оҥоһуу өй лабораторията бэстибээлгэ үс бырайыагын аҕалбыт. Холобур, Wildfires.ru сайт көмөтүнэн тыал ханна үрэрин, уот ханна, хайдах саҕаламмытын учуоттаан, тыа баһаардара хайдах тарҕаналларын суоттаан көрүөххэ сөп. Иккис бырайыак—сахалыы кинигэлэри сканируйдуур бырагыраама. Биир да тылы көтүппэккэ, кинигэ сирэйдэрин тиэкискэ таһаарар, оттон ханнык эмит тылы сатаан “аахпатах” буоллаҕына, син биир төһө өйдөөбүтүнэн суруйар уонна сыыспыт тылларын бэлиэтээн биэрэр, оччоҕо киһи бэйэтэ көннөрөр кыахтаах. Үһүс бырайыактара—@Sakha_asr_bot—сахалыы саҥаны “өйдүүр” телеграм-бот. Телеграмҥа сахалыы тылынан куолас иһитиннэриини ыыттахха, бот тугу эппиккин сурукка таһаарар. Wildfires.ru уонна @Sakha_asr_bot ким баҕалаах туттуон сөп.
Саха сирин Билимин академиятын үс салаата бэстибээлгэ кыттыыны ылла: энциклопедистика, сэлии фаунатын үөрэтэр салаалара уонна кинигэ кыһатын бөлөҕө, “Движение первых” хамсааһыны кытта бииргэ үлэлэһэн, “Учуонайга ыалдьыттыы сылдьан” диэн балаһаакканы бэлэмнээбиттэр. Холобур, энциклопедистика салаата “Саха сирин энциклопедията” диэн саҥа электроннай порталы билиһиннэрдэ.
Варвара Филиппова, Саха сирин Билимин академиятын сүрүн научнай үлэһитэ:
—“Саха сирин энциклопедията” саайты 2021 сылтан оҥорон саҕалаабыппыт, бэчээттэннэҕинэ, 4 туомнаах энциклопедия буолуоҕа. Бастаан нууччалыы тылынан “А”, “Б”, “В” буукубалара киирдилэр, онтон салгыы сахалыы тылынан тахсыаҕа. Кинигэҕэ да, порталга да Саха сирин сүрүн учуонайдарын ыстатыйалара киирдилэр. Ону таһынан быйыл Саҥа дьыл диэки энциклопедиябыт 2000 ыстатыйалаах бастакы туома бэчээттэниэхтээх. Оттон электроннай портал номнуо үлэлиир, саҥа ыстатыйалар тахса тураллар. Дьон “Википедияттан туох уратылааҕый?”—диэн ыйыталлар. Уратыта диэн бу ыстатыйалары чинчийээччилэр суруйаллар, ол иһин сертифицированнай матырыйааллар буолаллар. Салгыы Национальнай библиотеканы кытта үлэлэһэн, видеолар, кинигэлэр, хаһыаттар эмиэ киириэхтэрэ.
Виртуальнай эйгэ оонньуулара оҕолор болҕомтолорун күүскэ тардаллар. Ол курдук, Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киин уонна “Үлэ кыбаартала” кластер бииргэ үлэлээн, Дьокуускайга Чернышевскай уул. буола турар археологическай хаһыыларга олоҕуран, виртуальнай эйгэ оонньуутун бастакы барыйаанын көрдөрдүлэр.
Юрий Шипицын, Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киин научнай үлэһитэ:
—Биһиги сыалбыт—куораппыт XVIII үйэттэн ыла историятын кэҥэтэр археологическай артефактарын чинчийии. Бу хаһыы олус интэриэһинэй, тоҕо диэтэххэ куорат иһигэр ыытыллар уонна бу сиргэ олус баай киһи дьиэтэ турбут эбит. Онон онно элбэх интэриэһинэй булумньулар бааллар. Маны таһынан, аан бастакытын “Үлэ кыбаарталын” кытта хаһыыга олоҕуран виртуальнай эйгэ оонньуутун оҥордубут. Археология диэн олус интэриэһинэй наука, ол гынан баран үгүс өттүгэр барыта отчуоттарга, специфическэй научнай түмүктэргэ уо.д.а. тиийэр. Оттон оонньуу көмөтүнэн оҕолорго интэриэһинэй экскурсия оҥоруохпутун сөп. Оонньоон баран оҕолор төрөөбүт куораттарын историятыттан элбэҕи билэр кыахтаныахтара уонна инникитин археолог идэтин баһылыыр баҕа санааланыахтара.
Билигин бастакы хаар түһүөр диэри хаһыыны ыытабыт, онтон булумньулар бары экспертиза ааһыахтарын наада, ол хас да сыл уһуон сөп. Оонньууга дьиҥнээх булумньулары көрдөрөбүт. Онон, мин санаабар, бу олус умсугутуулаах бырайыак.
Александр Ядров, “Үлэ кыбаартала” медиалабораториятын үлэһитэ:
—Сайын от ыйыгар биһиги Чернышевскай уул. буола турар хаһыыны көрө сылдьыбыппыт. Уонна кэпсэтэн-ипсэтэн археологтар үлэлэрэ быйыл түмүктэнэрин уонна бу хаһыы көмүллэн, сабылларын билбиппит. Ол иһин бу хаһыылары үйэтитэр санааттан виртуальнай эйгэ оонньуутун оҥоруохпутун баҕарбыппыт. Археологтары кытта сөбүлэһэн, хаартыскаҕа түһэрэн, көмпүүтэргэ киллэрэн, оонньуу оҥорбуппут. Ону таһынан онно булуллубут 11 артефагы эмиэ сканируйдаабыппыт. Оонньооччу олору буллаҕына, бу туох мала-сала буоларын туһунан кылгас иһитиннэрии тахсар. Билигин бу тестовай барыйаан, биллэн турар, мантан толору оонньуу тахсыан баҕарабыт. Баҕар, өссө атын хаһыыларга сылдьан эбиэхпитин сөп. Оччоҕо археологическай хаһыылар туһунан дьон элбэҕи билиэхтэрэ этэ. Өссө түмэллэргэ виртуальнай экспозициялары оҥорор санаалаахпыт.
Бэстибээлгэ оскуола оҕолоро улахан чинчийээччилэри кытта бииргэ үлэлииллэр. Ол курдук, Хаҥалас улууһун Ой оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Эллэйаада” экспедиция кыттыылаахтара ыыппыт үлэлэрин туһунан ыалдьыттарга дьоһуннук туттан-хаптан, тугу билбиттэрин-көрбүттэрин кэпсииллэр.
Юлия Заморщикова, Ой оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ:
—Биһиги “Эллэйаада” экспедициябыт 1994 с. тэриллибитэ уонна хас да салаалаах: археология, палеонтология, ботаника, орнитология. Сайын аайы Еланка, Буотама сирдэригэр экспедицияларга сылдьан араас былыргы маллары, кыыллар уҥуохтарын уо.д.а. булан, кыһынын үөрэтэбит. Ону таһынан 2018 сылтан учуонайдары кытта үлэлэһэбит, кинилэргэ булумньуларбытын ыытабыт уонна хаһыыларга көмөлөһөбүт. Бу бэстибээлгэ тэриллиэҕиттэн кыттабыт уонна булумньуларбытын ыалдьыттарга көрдөрөбүт, кэпсиибит. Саамай былыргы булумньубут трилобиттар таастыйбыт өлүктэрэ буолаллар.