Настаабынньык-педагогтарга бириэмийэ олохтонно
«Кинилэри, уопсастыба иннигэр өҥөлөрүн билинии быһыытынан, муниципальнай оройуоннар уонна куорат уокуруктарын олохтоохторо талыахтара», - диэтэ Айсен Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ педагогтар баай үгэстэрэ, уопуттара уонна маастарыстыбалара, итиэннэ саамай сүрүнэ – үөрэҕирии сыаннаһын өйдөбүлэ баар. Ити барыта үөрэтии уонна үүнэр көлүөнэни иитии саҥа таһымҥа тахсалларыгар төһүү күүһүнэн буолар.
Санатан эттэххэ, 2023 сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна настаабынньык сылынан биллэрилиннэ. Педагог уонна настаабынньык сыла педагогическай үлэһиттэр, настаабынньыктар ураты статустарын билиниини көрдөрөр.
Сылын аайы, 2007 сылтан саҕалаан, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бэйэтин ыйааҕынан кэлэр сылы, уопсастыбаннас болҕомтотун тардар курдук, ханнык эбит тиэмэҕэ аныыр. Ол курдук, бастакынан, 2008 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла биллэриллибитэ. 2021-с – Наука уонна технология сыла, 2022-с – Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сыла.