Наркотикка, арыгыга ылларыы дууһа муунтуйуутугар тиэрдэр
Ааспыт нэдиэлэҕэ республиканскай суолталаах Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер (кылаабынай быраас Альбина Владимировна Сивцева) үлэтин чугастык билсэр сыаллаах, бу тэрилтэҕэ тиийэ сырыттым. Саҥа сыл саҕаламмыт бастакы ыйа диэтэххэ, киһи аҕыйаҕа суох. Мин көрдөхпүнэ нууччалар элбэхтэр курдук.
Манна арыгы, наркомания кыһалҕатыгар ылларбыт киһиэхэ бастакынан илиилэрин утары ууналлар, сөптөөх суолга тайаналларыгар, өйдөрүн-санааларын сааһылыыллар, этэҥҥэ буоллахтарына, чөл олох суолугар үктэннэрэллэр. Ыарахан дьаллыкка ыллаттарбыт (аргыһыттар, наркоманнар), онтон кыайан босхолонор кыаҕа суох дьон бастакы көмөнү мантан ылаллар. Арыгыттан, наркотиктан сылтаан, омугуттан тутулуга суох төһөлөөх киһи суорума суолламмыта буолуой? Туох кистэлэ кэлиэй, сахалыы куттаах дьоммут, эдэр ыччаппыт эмиэ, бу мөкү дьаллыктан туора турбаттар. Ол туоһутунан арыгыга ылларбыт “бомжтары” куораппыт уулуссаларыгар үгүстүк көрөбүт, ордук автовокзал таһыгар.
Ааспыт 2020 сыллааҕы түмүгүнэн наркологическай диспансерга учуокка турар дьон ахсаана:
хроническай арыгыһыттар, быһа холоон – 4500 киһи
Наркоманнар, быhа холоон– 400 киһи
Саастарынан ылан көрөр эбит буоллахха, учуокка турааччылар 20-50 саастаахтар. Хомойуох иһин, бары күөгэйэр күннэригэр сылдьар дьон эбит.
Москва профессора хайҕаан барбыта
Дьокуускайдааҕы наркологическай диспансер, диспансернай-поликлиническай отделение психиатр - нарколог бырааһа Джена Егоровна Мярикянова үлэтин-хамнаһын туһунан бу курдук билиһиннэрэр.
- Үлэҕит туһунан сиһилии сырдатыах эрэ.
- Наркологическай республиканскай диспансер диэн ааттанан үлэлии олоробут. Өрөспүүбүлүкэ улуустарын наркологическай кабинеттарын кытта ыкса сибээстээхтик үлэбитин ыытабыт. Сыл аайы биһиэхэ отчуоттарын туттараллар. Маны барытын отчуоттуур статистическай отделлаахпыт. Аны туран биһиги отделениеларбыт поликлиническай, стационарнай отделение диэҥҥэ арахсан үлэлииллэр. Ол курдук, Кангаласс бөһүөлэгэр реабилитационнай отделениебыт (сэбиэдиссэй Раиса Ивановна Жульмина) ситиһиилээхтик үлэлиир. Бу урут дьахталларга аналлаах этэ. Билигин эр дьон эмиэ эмтэнэр буоллулар. Наркоманнар, арыгыга ылларбыт дьон да бааллар. Онно үс, алта ый сыталлар. Кинилэри кытта анал психолог ыкса үлэлэһэр. Бу реабилитационнай отделениебытын Москваттан В.П. Сербскэй аатынан Национальнай наркологическай научнай институт профессора, медицинскэй наука доктора Татьяна Валентиновна Клименко кэлэн, үлэбитин барытын хасыһан туран, бэрэбиэркэлээн барбыта. Ыарыһахтар историяларын барытын арыйан көрөн, документациябыт паапкатын сиһилии ырытан, тугу оҥорорбутун, суруйарбытын барытын бэрэбиэркэлээбитэ. Ол түмүгэр реабилитационнай отделениебытыгар ыытар үлэбит хайысхата сөпкө баран иһэрин хайҕаабыта, “эһиги ыытар үлэҕитин дойду таһымыгар холобурга туруоруоҕум” диэн эппитигэр санаабыт көтөҕүллүбүтэ. Үлэбитин сөпкө ыытар буоламмыт, эппиэтинэспит үрдээтэҕэ дии. Бу үрдүк таһыммытын түһэрбэккэ, инникитин салгыы сайдар туһугар былааннаахтык үлэлиибит.
Хас биирдии ыарыһахха комплекснай сыһыан
Арыгыга, наркотикка ылларбыт ыарыһахха туох көмөнү оҥороҕутуй?
- Билигин арыгыттан, наркотиктан тутулуктаныы лаппа уларыйан эрэр. Урут биирдэ укуолланныҥ, систиэмэ ыллыҥ да үтүөрэҕин диэх курдук саныыр дьон баар буолааччы. Дьиҥинэн оннук буолбатах. Арыгыга, наркотикка ылларбыт дьон уһун кэмнээх реабилитацияны ааһыахтарын наада. Биһиги сүрүн болҕомтобутун онно уурабыт. Бу мөкү дьаллыкка ылларбыт киһи төһөнөн биһиэхэ уһуннук сытан эмтэнэр, реабилитацияны барар да, түмүгэ үчүгэй буолар. Тоҕо диэтэххэ, итинник тутулукка киирэн хаалбыт киһи, хас да сылы быһа эрэйдэнэр, дууһа моруута буолар. Манна киһи өйө-санаата эрэ уларыйар буолбатах, ис уорган килиэккэлэрэ арыгы, наркотик дьаатыттан кытта уларыйаллар. Ону барытын чөлүгэр түһэрэргэ уһун кэм наада. Биирдэ укуоллаатыҥ, систиэмэлээтиҥ да бу киһи үтүөрэн хаалар диэн өйдөбүл сыыһа. Ол иһин хас биирдии ыарыһахха комплекснай сыһыан наада. Маны нарколог эрэ көрбөт. Биһиги терапевтээхпит, неврологтаахпыт, психологтар кэлиҥҥи кэмҥэ элбээтилэр. Кинилэр хас биирдии көрдөрүнэ, эмтэнэ кэлбит ыарыһах уйулҕатын эрэ чинчийэн көрбөккө, ис уорганнара уларыйалларын узи, рентген аппараат нөҥүө эмиэ кэтээн көрөллөр. Биһиги диспансербытыгар аныгы технологиянан толору хааччыллан олоробут. Онон сиэттэрэммит биһиги наадалаах эмтэри аныыбыт, ыарыһахтар таһыттан сылдьан эмтэнэллэр. Киһи барыта стационарга сытар кыаҕа суох, онон сорох ыарыһахтар тастан сылдьан эмтэнэллэр.
Киһи бэйэтигэр эрэлин сүтэримиэн наада
Эһиэхэ уйулҕалара кэһиллибит дьон кэлэн эмтэнэн барар буоллахтара.
- Маннык ыарыһахтар психолокка көрдөрөн, араас трениннэргэ сылдьаллар. Бастатан туран кинилэр анаалыстары туттараллар. Доруобуйаларын туруга хайдаҕа онтон биллэн тахсар. Кэлин эмтэниини аастахтарына, анаалыстарын түмүгүн бэйэлэрэ эмиэ кэтээн көрөллөр. Испэккэ сылдьар киһи доруобуйата көнөн барар. Ону көрөн бэйэлэрэ эмиэ итэҕэйэллэр. Настарыанньалара көнөр, санаалара көтөҕүллэр. Олоххо тардыһыылара күүһүрэр. Биһиги сүрүн үлэбит хайысхата итиннэ сытар. Киһиэхэ итэҕэли биэриэххэ, эрэннэриэххэ наада. Сорох киһи итэҕэйбэт, бэйэтигэр эрэлэ суох буолар. Арыгыга, наркотикка ылларбыт дьоҥҥо санаа түһүүтэ ханна барыай? Ити 100 % барыларыгар баар. Иһэр-аһыыр, наркотикка ылларбыт дьон ортотугар, кистэнэн сылдьар депрессия наһаа элбэх. Ол аата бу киһи улаханнык аймаммат, санаарҕаабат. Дэлби арыгылаан баран, үлэтигэр тахсар. Уйулҕа үөрэхтээхтэрин кытта үчүгэйдик үлэлээтэхтэринэ, сиэрдээх кэпсэтии түмүгэр туох баар истэригэр санаалара тууйуллубута барыта сыыйа-баайа тахсан кэлэр. Бу дьоммут хайаан да дууһа ыарыылаах сылдьаллар. Ол туруктарыттан, төһө күүскэ депрессияҕа сыдьалларыттан көрөн, кимиэхэ эрэ көннөрү бэсиэдэлэр барсаллар, кимиэхэ эрэ “медикаментознай коррекция” наада буолар. Холобур, психологтар ыарыһаҕы сиһилии бэрэбиэркэлээн баран, бырааска ыытыахтарын сөп. Онон бу киһи хайаан даҕаны сөптөөх эмтэниини барар. Эбэтэр аҕыйах сеанска сырыттаҕына үчүгэй буолар.
Арыгыга уонна наркотикка ылларыы ис уоргаҥҥа охсуута улахан
Ыарыһахтар төһө кэмнээх эмтэниини баралларый?
- Манна биһиэхэ анал палааталар бааллар. Күнүскү стационарбытыгар уон куойкалаахпыт. Онно кэлэн эмтэнэллэр. Күннээҕи стационарга кэлбит дьон систиэмэ ылаллар. Физиокабинеппытыгар сытан электрофорез, электросон ылаллар. Богдан Чижик аатынан уулуссаҕа анал стационардаахпыт. Онно кырата биэс хонук сыталлар. Көмөҕө наадыйан кэлбит дьон төһө кыалларынан уһуннук сытыахтаахтар. Уһаабыта 21 хонук буолар. Өскөтүн арыгылаан “горячкалаабыт” буоллаҕына күнэ элбээн тахсар. Стандарт быһыытынан 45 хонукка тиийэ сытыахтарын сөп. Ол бириэмэ туохха наадалааҕый диир буоллахха, биллэн турар “горячкалаабыт” киһи ньиэрбэтигэр улахан охсууну ылар. Ону көннөрөргө уһун бириэмэ наада. Метаболическай, общеукрепляющай эмтэринэн эмтиибит. Хайдах эмтэниини барара анаалыһыттан уонна дууhатын туругуттан эмиэ тутулуктаах. Уопсайынан арыгыны иһэр дьон уйулҕалара эрэ ыалдьар буолбатах. Кинилэр ис уорганнарыгар барытыгар туох эрэ уларыйыылаах буолаллар. Ол аата ас буһарар уорганнара оҕустарар. Куртах ыарыыта (гастрит) иһэр дьоҥҥо барыларыгар баар. Хаанынан хотуолууллар. Бүөрдэригэр, быардарыгар улахан охсууну ылаллар. Ииктэрин анаалыһа мөлтөх буолар. Бу бастаан киирдэхтэринэ. Киирбит күннэригэр быардарын анаалыһын хайаан да ылабыт. Онно көстөрүнэн, куруук иһэр дьон 100 % кэһиллиилээх буолаллар. 2-3 күн да испит дьон уларыйыылаах буолаллар. Биһиги ону токсическай уларыйыы диэн ааттыыбыт. Онтон систиэмэ, укуол ыллахтарына, ыраастаныы түмүгэр көнөр.
Баҕа өттүнэн эмтэнии үчүгэй түмүгү биэрэр
Олохпут биир иэдээнэ наркотик буолла.
- Кэлиҥҥи кэмҥэ араас синтетическэй наркотиктар баар буоллулар. Ол наркотиктар организмҥа буортулаах дьайыылара олус күүстээх. Маннык дьону эмтиир биллэн турар наһаа ыарахан. Онон кинилэр быраастар, психологтар тус хонтуруолугар сылдьаллар.
Баҕа өттүнэн эмтэнэ кэлэр дьон баар дуо?
- Баҕа өттүнэн эмтэнэ кэлээччилэр элбэхтэр. Эр дьон да, дьахталлар да кэлэллэр. Урут дьахтар-аймах арыгытын эмтэтэриттэн улаханнык кыбыстар эбит буоллаҕына, кэнники бэйэлэрэ баҕа өттүнэн эмтэнэ кэлэр буоллулар. Уопсайынан, кыһалҕалаах кэлбит дьоҥҥо эргиччи көмөлөһө сатыыбыт. Билигин арыгыһыттары, наркоманнары эмтиирбитигэр кыахпыт улаатан турар.
- Статистика көрдөрөрүнэн, кэлиҥҥи кэмҥэ эр киһи уонна дьахтар өттүттэн наркотиктан тутулуктаах буолуу хайдаҕый?
Тэҥ-тэҥигэр диэххэ сөбө эбитэ буолуо. Оннук улахан уларыйыы суох. Ол отчуоппут түмүгүнэн биллиэхтээх.
Арыгыга ылларыы эр киһи өттүттэн элбэх дуу, эбэтэр дьахтар өттүттэн дуу?
- Эр киһи иһээччи буолара, хомойуох иһин элбэх. Ол гынан баран, дьахтар арыгыга ылларыыта кэнники кэмҥэ болҕомто киинигэр ылыллар буолла. Тоҕо диэтэххэ, кэнники 5-6 сылларга дьахтар арыгыга ылларыыта үрдээтэ диэн биһиги көрөбүт. Дьахтар киһи арыгыга күүскэ ылларар дииллэр.
- Оннук. Иһэр дьахтар арыгыга күүскэ ылларар. Сорох дьахталлар арыгыга ылларан бүтэн баран, кэлэр түгэннэрэ элбэх. Дьахтар өйө-санаата уларыйара түргэн. Медицинскэй тылынан быһаардахха, “анозогнозия” диэн симптом баар, бу ыарыы сибикитэ. Арыгыны иһэр киһи түргэнник анозогнозиялаан хаалар. Ол аата, тустаах киһи уйулҕа ыарыытыгар, ол эбэтэр арыгыга ылларан эрэрин билбэт. Арыгыга ылларан эрэр киһи, мин бу иһээччи буолан эрэбин диэн билиммэт. Манныкка киһи уйулҕата уларыйар, бэйэтин сыыһа сыаналанар буолар. «Мин арыгыны элбэҕи испэппин, арыгыһыт буолбатахпын, нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ иһэбин»- диэн бэйэтин албыннанар. Үлэ бүтэһик нэдиэлэтигэр бээтинсэ аайы арыгыны иһии, бу арыгыга сыыйа ылларыы бэлиэтэ буолар. Тургутан көрдөххө, дьиҥинэн оннук. Бу маннык иһии түмүгэ киһини 2-с, 3-с стадияҕа түргэнник тириэрдэр. Биһиэхэ учуокка турааччылар үгүстэрэ 2-с стадиялаахтар. Ол аата 2-с стадия уратыта диэн, “запойдуурга” үөрэммит киһи бэлиэтэ буолар. “Абырахтанар” үчүгэй эбит дии санаабыт буоллаҕына, бу киһи 2-с стадияҕа барбытын бэлиэтэ буолар. Судургутук быһаардахха итинник.