“Наркотигы утары уруок” саҕаланна
Маннык ааттаах өрөспүүбүлүкэтээҕи аахсыйа от ыйын 13 күнүттэн куорат таһынааҕы оҕо сайыҥҥы лааҕырдарыгар, Саха сирин улуустарыгар, нэһилиэктэригэр саҕаланна.
Тэрээһин чэрчитинэн онлайн төгүрүк остуол ыытылынна. Онно оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын уонна бу кэмҥэ дьарыктаах буолуутун, аахсыйа туһунан кэпсэттилэр, оҕо тэрилтэлэригэр үлэ хайдах барарын билистилэр, уопут атастастылар.
Хаҥалас улууһа аахсыйаҕа биир бастакынан кыттыһан, от ыйыттан атырдьах ыйыгар диэри үлэни ыытар былааннаах.
С.П. Ефремов аатынан Булгунньахтаах орто оскуолатын социальнай педагога Мария Егасова араас саастаах оҕолорго аналлаах 4 этэрээт тэриллибитин кэпсээтэ. Оҕолор туристическай сэрээккэлэри оҥороллор, үҥкүүлүүллэр, судургу салааттары бэлэмнииллэр, маастар-кылаастары ыыталлар.
Дьокуускай куораттааҕы Обургу оҕо киинэ “Наркотигы утары уруок” аахсыйаны иккис сылын биллэрдэ. Чөл олоҕу көҕүлүүр, спорду сайыннарар тэрээһиннэргэ кыттыһыҥ. Сайыны биһигини кытта атаарыҥ диэн үлэһиттэр ыҥыраллар.