Нам таксистара Арсен Томскайга сурук бэлэмнииллэр
Бу күннэргэ Нам-Дьокуускай-Нам хайысханан айан сырыытын сүрүннүүр индрайвер сыһыарыыга уларыйыылар киирэннэр, үгүс киһи соһуйда. Тоҕо?
Индрайвердар бырыһыаннарын улаатыннаран кэбиспиттэрэ уонна версияларын уларыппыттара. Ол пассажирдар сакаас оҥороллоругар табыгаһа суох, биһиэхэ, суоппардарга да харгыстары таһаара сырытта. Ол иһин индрайвердыы сылдьар уолаттары мунньан, биир быһаарыныы ыларга сананныбыт. Таарыччы билиҥҥи үлэлии сылдьар кэккэ боппуруостарбытыгар тохтоон кэпсэппиппит. Онно көрдөххө, индрайверынан дьарыктанааччы ыччат туох да буолунай эбит. Үлэ суоҕун бары билэбит. Аҥаардас таксилаан дьиэ кэргэттэрин иитэн, кредиттэрин, ипотекаларын төлөөн олорооччулар элбэхтэр. Онон хайдах даҕаны түмсүүлээх буолуоххайыҥ диэн сүбэлэспиппит. Итиэннэ индрайвер сыһыарыыга ким да киирбэт, атын ньыманы булуоххайыҥ диэн кэпсэппиппит.
Иккис күнүгэр индрайвердар бэйэлэрэ биһиэхэ сибээскэ тахса сылдьыбыттара уонна туох ирдэбиллээххитий, боппуруостааххытый, тугу сөбүлээбэккитий диэн ыйыталаспыттара. Итиэннэ опрос ыыппыттара, онно барытыгар эппиэттээбиппит. Бэнидиэнньиккэ эмиэ мустан, кэпсэтэн, быһаарыы ылыммыппыт, мунньахпытын боротокуоллаан бэлэмнээбиппит. Ол түмүгэр, боротокул быһыытынан, Арсен Томскайга бырыһыан улаатымыан наадатын туһунан биллэрбиппит.
Биллэрин курдук, бырыһыан улааттаҕына сыана эмиэ үрдүүр. Айан сыанатын 400 солкуобайга тутуоххайыҥ, бары өйдөһөн, түмсэн үлэлиэххэйиҥ диэн сурук бэлэмнээтибит. Үлэлиир буоллахха, таһымнаахтык үлэлиэххэ диэн мин бэйэм санаабын аһаҕастык эттим. Онуоха бары сөбүлэһэн, бэйэ-бэйэни өйөһүөххэ диэн биир санааҕа кэллибит.
Арсен Томскай дириҥ толкуйдаах, сайдыыны, дьоҥҥо туһалаах буолууну өрө туппут киһи, бу аҕыйах ахсааннаах сахаларга, биһиэхэ, бырыһыаны аһары үрдэппэтэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Бастаан эмискэ уларыйыы киирбитигэр дьон бары соһуйбута, дьиҥэр, индрайвербыт табыгастаах бөҕө этэ.
Уопсайынан, боротокуолга киирбиппитинэн элбэх эбиппит, барыта 49 киһи буолбута. Түмсүбүччэ элбэх боппуруоһу быһаарыстыбыт, үгүс эдэр дьон үлэлии сылдьарын биллибит. Бу көрсүһүүгэ көрдөхпүнэ, дьон түмсүөн наһаа баҕарар эбит. Бастакы мустууга элбэхтэр этэ, ону учуоттаабакка хаалбыппыт. Массыыналаах эрэ барыта сүүрэр эбит. Үөрдүбүтэ диэн, бары түмсүөхтэрин наһаа күүскэ баҕараллара көстөр, тылларыттан-өстөрүттэн да иһиттэххэ, сомоҕолостохпутуна ыарахаттары кыайыахпыт диэн санаалаахтар.
Түгэнинэн туһанан, «Сардаҥа» кинотеатр салалтатыгар махтаныахпыт этэ, чуолаан, Байбал Обутовка. Кини бары санитарнай ирдэбиллэри тутуһуннаран, сааланы көҥүллээтэ.
Сорох эдэр уолаттар тылларын тамаҕыттан иһиттэххэ, массыыналанан кылгас кэмҥэ сүүрэн баран тохтуом диэн санаалаахтар эбит. Холобура, бардым-кэллим, харчы ыллым диэх курдук быстах өйдөбүллээхтэр. Кинилэргэ таксист үлэтин сиһилии быһааран биэрдибит. Таксистыыр диэн ыарахан үлэ – дьону кытта үлэ. Нам олохтоохторун мэлдьи таһабыт, кинилэргэ дьиэ кэргэн кэриэтэ буолан хаалаҕын. Ыалдьыттарга гид курдук буолуохха наада, онон таксист үлэтин ымпыга-чымпыга элбэх. Массыынаҥ алдьаныа, бэйэҥ ыарыйдыҥ даҕаны, туох да көмүскэлэ суох хаалаҕын диэн өйдөттүбүт. Быстах кэмҥэ дьарыктанар буоллаххытына, атын суолу тутуһуоххутун наада диэн сүбэлээтибит.
Ону сорох эдэр уолаттар «кырдьык даҕаны оннук эбит» диэн санааларын эттилэр. Сотору кэминэн оптуобус сырыыта сөргүтүллүөҕэ дииллэр даҕаны, сырыы олохтоохтук оҥоһулларын улаханнык саарбахтыыбыт. Номнуо дьон бары дьиэлэриттэн айанныырга үөрэммиттэр уонна табыгастаах даҕаны. Айан сыанатын биир тэҥник тутар буоллахпытына, олохтоох дьаһалта, чуолаан, биһигини биир кэлим такси сулууспатыгар сыһыаран, хайысхабытын бигэргэтиэ эбит диэн бу түмсүү кэнниттэн сыанабыл оҥордубут. Тэҥ хайысханы тутуһан, биир санааҕа кэлиэ этибит.
Айан барыта бүтэһик уһугар сыанатыгар кэлэн тохтуур. Бириэмэтин чопчу быһааран үлэлээтэххэ, биир сүбэни буллахха, табыллыан сөп курдук дии саныыбын.
Аватар Мардьа Марха уола, «Эҥсиэли такси» сулууспа салайааччыт