27.05.2021 | 14:10

Национальнай Концепция 30 сылыгар анаммыт эссе күрэҕэ түмүктэннэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

1991-1992 сылларга бүттүүн норуот өйө-санаата уһуктуутунан кынаттанан тахсыбыт национальнай оскуолалары саҥардыы Концепцията бигэргэтиллэн, олоххо киирэн барбыта. Оччотооҕу Национальнай Концепция быйыл 30 сылын туолла. Концепцияттан үгүс чаҕылхай ыччат, сайдам санаалаах дьон үүнэн таҕыстылар.

Национальнай Концепция үбүлүөйдээх сылын көрсө, “Киин куорат” хаһыат уонна “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү эссе күрэҕин биллэрбитэ. Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар махталбытын тиэрдэбит. Төрөөбүт тылбыт дьылҕатын туһугар кыһамньыгытын, оҥоро сылдьар кылааккытын, ураты санааҕытын хайҕаатыбыт.

Дьүүллүүр сүбэ куонкурус түмүгүн таһаарда. Бастыҥ үлэ ааптарынан Надежда АНДРОСОВА буолла. Эҕэрдэлиибит!

Норуот дьокутаата, уопсастыбаннай деятель Павел Ксенофонтов- Ойуур Байбал  кыайыылаахха SAMSUNG  Galaxy Fold смартфону бэлэхтиэҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...