25.10.2023 | 16:00

Национальнай художественнай музейга мультимедийнай быыстапка үлэлиир

Алтынньы 25 күнүттэн Национальнай художественнай музейга Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаммыт «Өрөспүүбүлүкэ баайа-дуола» мультимедийнай быыстапка-айан үлэлиир.
Национальнай художественнай музейга мультимедийнай быыстапка үлэлиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Мультимедийнай быыстапка-айан – көрөөччүнү инсталляциялар уонна интерактивнай элеменнэр көмөлөрүнэн история уонна култуура эйгэтигэр киллэрии саҥа көрүҥэ.

Быыстапка концепциятыгар ураты миэстэни айанньыт уобараһа ылар.  Көрөөччүлэр кинини кытта видеороликтар көмөлөрүнэн «тиллэн кэлэр» кэм-кэрдиис устун айанныахтара.

Быыстапка туонатыгар сенсорнай салалталаах уонна сахалыы былыргы туттар тэриллэрдээх интерактивнай остуол, «Саха халандаара»,  «Сахалыы остуол оонньуулара» уо.д.а. инсталляциялар бааллар.

Экспозицияны Саха сирин декоративнай-прикладной айымньытын тэриллэрэ: туос иһиттэр, туттар тэриллэр, чорооннор уо.д.а киэргэтэллэр.

Быыстапка музей сүрүн дьиэтигэр үлэлиир, аадырыһа: Дьокуускай куорат, Киров уул., 9, 3 этээс.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....