17.10.2023 | 12:30

Национальнай библиотекаҕа татаар литературатын уонна култууратын киинэ арылынна

Саха сирин Национальнай библиотекатыгар татаар литературатын уонна култууратын киинэ арылынна диэн тэрилтэ пресс-киинэ иһитиннэрдэ. Татарстан национальнай библиотеката хардарыта үлэлэһии сөбүлэҥинэн СӨ Национальнай библиотекатыгар 700 кинигэни бэлэхтээтэ.
Национальнай библиотекаҕа татаар литературатын уонна култууратын киинэ арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кииҥҥэ Татарстан историятыгар, мэҥэ бэлиэлэригэр, култууратыгар уонна үгэстэригэр аналлаах кинигэлэр бааллар. Көрдөрүүгэ турар татаар тылынан суруллубут оҕо кинигэлэрин «Детская точка кипения» оҕо ааҕар киинигэр биэриэхтэрэ.

«Татаар литературатын уонна култууратын киинин арыйыы сүрүн сыала – бырааттыы норуоттарбытын бэйэ-бэйэтигэр чугаһатыы. Киин үүнэр көлүөнэни патриотическай тыыҥҥа иитиигэ туһуланыаҕа, ол курдук, оҕолорбут атын национальнай өрөспүүбүлүкэҕэ олорор саастыылаахтарын кытта доҕордоһор наадатын өйдүөхтээхтэр. Манна мэлдьи үлэлиэхтээх быыстапкабытын тэрийэри өйөөбүттэргэ махталбын тиэрдэбин», — диэтэ «Туган як» Татаар култууратын киинин бэрэссэдээтэлэ Игорь Халилов.

Бырайыак «Национально-культурное объединение якутов Республики Татарстан» уопсастыбаннай тэрилтэ көҕүлээһининэн, Татарстан Национальнай библиотекатын, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга, итиэннэ Тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыаларыгар министиэристибэлэрин көмөлөрүнэн олоххо киирдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....