01.07.2021 | 11:54 | Просмотров: 779

Национальнай бэчээт күнүнэн!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстарын Сойууһун бырабылыанньатын аатыттан биир идэлээхтэрбитин, ытык дьоммутун суруналыыстыка бэтэрээннэрин бүгүҥҥү бэлиэ күнүнэн, Национальнай Бэчээт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
От ыйын өҥүрүк куйааһа сыыдам сырыылаах, сытыы бөрүөлээх, сырдык ыралаах суруйар идэлээх, хаһыат-сурунаал-кинигэ эйгэтигэр тус  идэлээх дьону, сонуну  кэпсээн, буолбут быһыыны-майгыны тиэрдэн, кэнэҕэски саҕахтары анааран көрөн, үтүөнү эрэ үөдүтэр үтүөкэннээх дьарыкпытын кытта ситимнээҕэ биһиэхэ олус чаҕылхай холобур!
Бэчээт эйгэтигэр кэллиэгэлэрбит! Баҕарабыт эһиэхэ бары үчүгэйи! Күннэтэ уларыйар, тэтимнээхтик сайдар, тохтоон турбат олохпут ахсым аттарыгар олорсон инникигэ эрэллээх, кэнникигэ ытыктабыллаах сыыйылыннаран иһиэҕиҥ диэн сахалыы айхаллаатахпыт буоллун! Ситиһии сырсан кэлэн истин, сонун-нуомас кэһиигэ үөрээччи үксээн истин!
Сахабыт бэчээтин күнүнэн истиҥ эҕэрдэ!  Сахалыы бэчээт, сурук үйэлэргэ сайда турдун!


Галина Бочкарева, 
СӨ суруналыыстарын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Доҕорум олоҕун олорон
Сынньалаңңа | 12.05.2026 | 18:30
Доҕорум олоҕун олорон
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум».
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Сонуннар | 13.05.2026 | 14:31
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Амма уонна Үөһээ Бүлүү сириттэн төрүттээх Толстоуховтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоруттан Олеся пауэрлифтинг көрүҥэр Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолан кэллэ. Бу үөрүүлэрин төрөппүттэрэ үллэһиннилэр.
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Дьүөгэ
Сынньалаңңа | 13.05.2026 | 18:30
Дьүөгэ
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн аймаан кэбиһэр идэлээх.