12.07.2020 | 16:08

Мытаахха үйэтитии үлэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Горнай улууһун  Мытаах нэһилиэгэр сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбит биир дойдулаахтарын үйэтиттилэр. Ол курдук, Кыайыы 75 сылыгар олохтоох дьаһалта үбүлээһининэн, көҕүлээһининэн мрамортан өйдөбүнньүк бэлиэ оҥоһуллан ыйанна.

Мытаах нэһилиэгиттэн 112 киһи Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыта. Кинилэр фронт бары хайысхаларыгар сэриилэспиттэрэ, билиҥҥи эйэлээх олохпутун түстээбиттэрэ. Фронтан 48 байыас Кыайыы кынаттанан, төрөөбүт төрүт дойдутугар тыыннаах эргиллэн кэлбитэ. Бары үлэ үөһүгэр сылдьыбыттара, дойдубут олоҕо чөлүгэр түһэригэр, сайдарыгар сүҥкэн улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ, оҕолонон-урууланан, кэнчээри ыччаты тэниппиттэрэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар саха омукка элбэх сүтүгү аҕалбыт Ильмень күөл кыргыһыыта буолар. Онтон тыыннаах эргиллэн кэлбиттэри ахтан-санаан ааһыахха. Семен Николаевич Андреев Бэрдьигэстээххэ ыал буолбута, үп хайысхатынан үлэлээбитэ. Семен Игнатьевич Никитин дойдутугар табаһытынан, субай сүөһүгэ бостуугунан, холкуос, сопхуос араас үлэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта.

Сталинград куораты көмүскээһиҥҥэ биир дойдулаахтарбыт Иван Еремеевич Данилов, Моисей Саввич Дьячковскай сэриилэспиттэрэ, төрүт сирдэригэр тыыннаах эргиллэн кэлбиттэрэ. Иван Еремеевич – холкуос табаһыта, дьаамсыга. Нэһилиэгин дьонун махталларын ылыан ылбыта. Тулаайах хаалбыт аймахтарыгар үтүө санаатынан көмөлөһөн, өйөбүл буолан, үтүө өйдөбүлү чугас дьонугар хаалларбыта. Моисей Саввич холкуоһугар саһыл көрөөччү, кэлин сопхуоска өр сылларга биригэдьиир, кыладыапсык, маҕаһыыҥҥа атыыһыт этэ.

Хаамыгаттан төрүттээх Николай Иннокентьевич Николаев Арҕааҥҥы фроҥҥа сылдьыбыта. Сэриигэ хорсунун көрдөрөн, Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыта. Дойдутугар эргиллэн кэлээт, фотограбынан, лесхозка, коммунальнай хонтуораҕа бухгалтерынан өр сылларга үлэлээбитэ.

Суостаах-суодаллаах Курскай кыргыһыытын кыттыылааҕа, коммунист Григорий Николаевич Петров бастаан Борго Ленин аатынан холкуоһу салайбыта, кэлин Бэрдьигэстээх тэрилтэтигэр уһуннук тырахтарыыһынан, дизелиһинэн үлэлээбитэ.

Сэриигэ Кыайыы күнүн Эльба өрүскэ американскай саллааттары кытта бииргэ көрсүбүт, Майданек лааҕырын илэ хараҕынан көрбүт, алта сыл сылдьыбыт Иннокентий Васильевич Петров оскуолаҕа оҕолордуун, нэһилиэк ыччатыныын көрсүһүүлэргэ сэрии туһунан ахтан, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иҥэрбитэ.

Сэрии бастакы сылларыгар Арҕааҥҥы фроҥҥа сэриилэспит Кузьма Николаевич Осипов бааһыран эргиллибитэ.

Кыһыл Сулус уордьаннаах Николай Иванович Тимофеев чугас дьонугар сэрии туһунан биир да тылы кэпсээбэтин, оннук дириҥник уйулҕатыгар иҥэн-сөҥөн хаалбытын соҕотох төрөппүт кыыһа Мария Павлова ахтар.

Дьоппуон сэриитин кыттыылаахтара эйэлээх кэмнэргэ күргүөмнээхтик үлэлээбиттэрэ, дьоһун олоҕу олорбуттара. Ол курдук Михаил Степанович Данилов бөдөҥсүйбүт Ленин аатынан холкуоһу үрдүк таһаарыылаахтык салайбыта. Петр Данилович Кириллин нэһилиэккэ таба салаата сайдарыгар күүскэ үлэлээбитэ. Дмитрий Михайлович Григорьев өр сылларга нэһилиэгэр суоппарынан, тырахтарыыһынан айымньылаахтык үлэлээн, куоталаһыы элбэх төгүллээх кыайыылааҕынан буолбута.

Уоттаах сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллэн кэлбит биир дойдулаахтарбытын үйэтитэн, Кыайыы 75 сылыгар олохтоох дьаһалта (баһылык И.Е. Петров, солбуйааччы Е.С. Пахомова) үбүлээһининэн, көҕүлээһининэн мрамор таастан өйдөбүнньүк бэлиэ оҥоһуллан ыйанна. Дьокуускай куорат предпринимателэ А.В. Игнатьев “Гравер” мастарыскыайыгар оҥордо.

Кыайыы пааматынньыгар кинилэр ааттарын оҕолоро, сиэннэрэ, нэһилиэк олохтоохторо куруук көрө сылдьыахтара. Ону таһынан хорсуннук сэриилэспит дьоммутугар анаан олордуллубут 112 мас ситэн-силигилээн үүнэн тахсаннар, буойуннар сырдык, ыраас дууһаларын саната туруохтара. Төрөөбүт дойдуларын төрүт айылҕата өрүү араҥаччылыа.

Дьон-сэргэ олоҕун атыйахтаах уу курдук аймаабыт 1941-1945 сс. алдьархайдаах сэрии 1418 күннээх түүн барбыта. Бу суостаах-суодаллаах сэриигэ улахан утарсыыны, өлүүнү-сүтүүнү, алдьаныыны, оччотооҕу Сэбиэскэй Сойуус норуота көрсүбүтэ. Сэриигэ 27 мөлүйүөн киһини сүтэрбитэ, экономиката айгыраабыта, улахан сыранан ыам ыйын 9 күнүгэр фашистскай Германияны Кыайыы өрөгөйө буолбута. Онтон ыла эйэлээх 75 сыл ааста.

Быйыл киэҥ нэлэмэн Арассыыйабытыгар Албан аат уонна Өйдөбүнньүк сыла биллэриллибитэ. Үлэ-хамнас ол сиэринэн ыытыллан испитэ, ону коронавирус дьаҥа туран улаханнык атахтаата. Хата, аныгылыы киэбинэн араас таһымнаах тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Николай Осипов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...