01.05.2024 | 10:49

Музыка үрдүкү оскуолатын саҥа дьиэтэ 2026 сылга үлэҕэ киириэҕэ

Музыка үрдүкү оскуолатын саҥа дьиэтэ 2026 сылга үлэҕэ киириэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Музыка үрдүкү оскуолатын иккис уочаратын тутуу Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, муус устар 27 күнүгэр, саҕаламмыта. Дойду баһылыга Владимир Путин сорудаҕынан тутуу 2026 сылга түмүктэниэхтээх.
Оскуола саҥа дьиэтин бастакы сыбаайатын ууруу үөрүүлээх түгэнигэр Ил Дархан Айсен Николаев дойду баһылыга Владимир Владимирович Путин 1999 сыллаахха Саха сиригэр кэлэ сылдьан Музыка үрдүкү оскуолатыгар ыалдьыттаабытын, оҕолор классическай музыка айымньыларын толорбуттарын истиҥник ахтарын бэлиэтээтэ. Бу күн иитиллээччилэр ааттарыттан София Папоян уонна Айсен Местников дойду уонна өрөспүүбүлүкэ баһылыктара Владимир Путиҥҥа уонна Айсен Николаевка махталларын биллэрдилэр.


Оскуола дириэктэрэ Надежда Зайкова бэлиэтээбитинэн, кэлэктиип, төрөппүттэр, бэтэрээннэр уонна урукку, билиҥҥи үөрэнээччилэр, музыканы үчүгэй акустикалаах саалаҕа истэр сыалтан, Музыка оскуолатын таһынан Олоҥҥо киинэ үлэҕэ киириитин күүтэллэр.
Санатар буоллахха, Музыка үрдүкү оскуолатын саҥа дьиэтэ үс этээстээх, 9,5 тыһыынча кв/м иэннээх буолуоҕа. Манна 240 миэстээх үөрэнэр куорпус уонна 150 миэстэлээх интэринээт, кэнсиэртиир саала, библиотека, звукозапись устуудьуйата, фонотека кабинеттара итиэннэ оонньуур уонна спордунан дьарыктанар балаһааккалар киирэллэр.


Оттон Музыка үрдүкү оскуолата Саха сиригэр 1993 сыллаахха Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Манна бүгүн 7-тэн 18-гар диэри саастаах 174 оҕо уопсай уонна орто анал, 103 устудьуон үрдүк үөрэххэ үөрэнэллэр, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Андрей Сроокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...