21.03.2021 | 16:28

МУЗЫКА КЫНАТТААХТАР

МУЗЫКА КЫНАТТААХТАР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2 №-дээх Оҕо искусствотын оскуолатын историята 1944 сыллаахха Дьокуускай куоракка Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо музыкальнай-хореографическай оскуолата тэриллиэҕиттэн саҕаламмыта. Үгүс музыкальнай каадыры иитэн-такайан таһаарбыт, көччөх гынан көтүппүт кыһа аһыллыытыгар сүдү кылааты киллэрбит киһинэн Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ, биллиилээх композитор Марк Николаевич Жирков буолар.

1994 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола аата уларыйан, Дьокуускай куораттааҕы оҕо музыкальнай оскуолата диэн буолбута. Онтон 2012 сыллаахтан  2 №-дээх Оҕо искусствотын оскуолата аатын сүгэр. 

Ульяна Семеновна ТАЙШИНА, үөрэтэр-иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы:

  • Биһиги оскуолабыт – оҕо аймах сөбүлээн дьарыктанар кыһата. Аныгылыы тупсаҕай тутуулаах саҥа дьиэҕэ көспүппүт. Онон үөрүүбүт муҥура суох улахан.

Оскуолабыт 313 миэстэлээх. 6,5-тан 9-гар диэри саастаах оҕолор 8 сыл, 10-12 саастаахтар 5 сыл үөрэнэллэр.  

Аҕыс сыллаах үөрэх бу хайысхаларынан ыытыллар:

  1. Фортепиано;
  2. Струналаах инструменнар (скрипка, виолончель);
  3. Хоровой ырыа;
  4. Хореографическай айымньы.

Биэс сыллаах үөрэххэ “Музыкальнай фольклор” (хомус) салаата баар.

Оҕолору саастарыттан көрөн, бу хайысхаларга 5 уонна 8 сыллаах бырагыраамаларга үөрэтэбит: духовой уонна охсуллар инструменнар (флейта, кларнет,  саксофон, труба, о.д.а.), норуот инструменнара (домра, балалайка, гитара, аккордеон, баян).

Хас биирдии выпускникка свидетельство туттарыллар. Кинилэр салгыы орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр киириэхтэрин сөп. 

Биһиги оскуолабытын араас сылларга билигин биллэр-көстөр идэтийбит музыканнар, композитордар, театр солистара, оркестр артыыстара бүтэрбиттэрэ диэн киэн тутта кэпсиибит. Сорохтор Саха сирин араас муннуктарыгар музыкальнай үөрэх тэрилтэлэригэр ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Кинилэр истэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Айталина Адамова, норуодунай артыыс Григорий Петров уо.д.а. бааллар. Ону таһынан саха эстрадатын чаҕылхай сулустара Саина, Уля Сергучева-Күннэй биһиги кыһабытыгар уһуйуллубуттара.    

Хаартыскалар https://dshi2.saha.muzkult.ru/ сайтан ылылыннылар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...