28.06.2022 | 15:18

Музыка – бука барыбытыгар

Музыка – бука барыбытыгар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга бэс ыйын 27 күнүттэн IV Норуоттар икки ардыларынааҕы “Музыка – бука барыбытыгар”: Арассыыйа музыкальнай үөрэхтээһинин феномена” диэн кэнгириэс атыыр мунньаҕынан саҕаланна. Тэрээһиннэр от ыйын 2 күнүгэр диэри ыытыллыахтара.

 

Саха сиригэр “Музыка – бука барыбытыгар” бырайыагы бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээбитэ. Арассыыйаҕа маныаха майгынныыр  «Рисуем все», «Шахматы для всех» бырайыактар үлэлииллэр.

Музыканы киэҥ эйгэҕэ тарҕатар бырыайыак биһиэхэ хас да түһүмэҕинэн олоххо киирдэ. 2013-2014 сылларга нормативнай быраап базата олохтоммут эбит буоллаҕына, 2014-2020 сылларга музыкальнай үөрэхтээһин ыраах сытар да улууска тиийэрин тэрийии буолбута, оҕоҕо барытыгар тэҥ кыаҕы үөскэтиигэ күүскэ үлэ барбыта.

2020-2021 сс. үөрэх дьылын түмүгүнэн, Саха сиригэр  641 уопсай үөрэхтээһин оскуолата үлэлиир, онно 147 931 оҕо үөрэнэр. Музыка уруоктара 1-8 кылаастарга ыытыллаллар, 117 475 оҕо хабыллар – ол аата “Музыка – бука барыбытыгар” бырайыагынан оҕо 75,3 бырыһыана хабыллар.

802 уһуйааҥҥа 67 720 оҕо сылдьар, олортон 97 бырыһыаннара музыкальнай үөрэхтээһин бырайыагынан үөрэнэр.  

Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 47 473 оҕо музыкаҕа үөрэнэр.

Маны таһынан, Саха сиригэр 63 оҕо искусствотын оскуолата үлэлиир (67 филиал баар) – 16 457 оҕо музыканан дьарыктанар. 2021 сылга 925 оҕо бүтэрбититтэн, 81 выпускник музыканы идэ быһыытынан талбыт.

Кэнгириэс түмүгүнэн уопсастыбаннаска туйааһыы сурук тахсыаҕа. Оттон бэс ыйын 29 күнүттэн от ыйын 2 күнүгэр диэри “Саһарҕа хоптото” күөн күрэс ыытыллыаҕа.

Быйыл “Саһарҕа хоптото” күрэххэ хаһааҥҥытааҕар да элбэх сайаапка киирбит – 297 – бу 25 улуустан 1302 оҕо. 2019 сыллааха буолбут бастакы куонкуруска кыттааччылар үс номинацияҕа «Виолончель», «Музыка для всех» (кэллэктииптэр) уонна «Музыка для всех» (фортепиано) күрэхтэспит буоллахтарына, быйыл эбии үс номинация киирдэ - «Академическай ырыа», «Хор” уонна «Духовой инструменнар оркестрдара уонна ансаамбыллара».

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...