30.11.2023 | 12:30

Мууска көҥүлэ суох кииримэҥ, олоххутун харыстааҥ!

СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ уонна Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспа тура илик мууһунан көҥүлэ суох сырыы дьон олоҕор кутталлааҕын туһунан тиһиктээхтик санаталлар.
Мууска көҥүлэ суох кииримэҥ, олоххутун харыстааҥ!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Туһааннаах биэдэмистибэлэр төһө даҕаны сэрэппиттэрин, кытылга бобуу бэлиэлэрин туруорбуттарын иһин, дьон сэрэҕин умнан, олоҕун толук уурарын кэрэйбэккэ, халыҥыы илик мууһунан айанныыр. Итинтэн сиэттэрэн быһылаан тахсыыта, массыыналар ууга түһэр түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суох. Хаар аннынан тааҥнар, хадьымаллар, чараас муус, тоҥмокко сытар күөл хараҕа баалларын бары «умнан» кэбиһэр курдуктар. Чычаас уулаах, чугаһынан дьон баар сиригэр өссө быыһыахха сөп, оттон дириҥ үрэхтэргэ, өрүскэ, хомойуох иһин, быыһанар кыах суох буолар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Быыһыыр сулууспа дьон доруобуйатын, олоҕун харыстаан, Саха сирин территориятыгар нэһилиэнньэни, оҕолору, балыксыттары, суоппардары, муус ылааччылары кытта сэрэтэр үлэни сылын аайы ыытар, хонтуруоллуур эриэйдэлэри, патруллааһыны тэрийэр. Халыҥыы илик мууска кииримэҥ диэн мэлдьи сэрэтэллэр. Сэрэхтээх буолуу сүрүн быраабылаларын өссө төгүл саныаҕыҥ.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туристыыр бөлөхтөрү регистрациялыыр электроннай почта аадырыһа: kcc-caxa@yandex.ru.

 

Чараас муустан сэрэнэбит

Бастатан туран, айанныырга сөптөөх, уйар муус халыҥа төһө буолуохтааҕын көрүөххэ. Сатыы киһини уйар муус 7 сантиметртан халыҥ буолуохтаах. Муус аннынан балыктааһын – 10  сантиметртан, буран – 12 см, чэпчэки уйуктаах массыына – 20-30 см,  орто уйуктаах массыыналар (пикап, джип) 30-38 см.

Чараас мууһунан айанныыртан туттунуҥ, халыҥыырын кэтэһиҥ, өрүһү туоруур сирдэргэ турар информационнай бэлиэлэргэ болҕомтолоох буолуҥ. Мууска түргэнник сүүрдэн кииримэҥ, киирдэххитинэ – тохтоомоҥ, атын массыыналары ситэ сатаамаҥ, ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйимэҥ. Халлаан туругун кэтээн көрөн, тумаҥҥа, буурҕаҕа айанныыртан туттунуҥ. Куттал суоһаабатын курдук, суоппардар суол быраабылаларын тутуһуҥ,  сэрэххэ сылаас таҥаскытын, уматыккыт саппааһын илдьэ сылдьыҥ.

Арай массыынаҕыт ууга түстэҕинэ тугу гыныахтааххытын өйгүтүгэр хатааҥ. Быыһыыр сулууспа сүбэлииринэн, ааҥҥыт арыллыбаттыы хам ылан кэбистэҕинэ, түннүгүнэн тахса сатыахтааххыт. Ойоҕоһунааҕы түннүгү алдьатан тахса сатыахха эмиэ сөп. Исписэлиистэр сүбэлииллэринэн, массыына салонугар өстүөкүлэ алдьатар дьоҕус өтүйэ илдьэ сылдьар ордук. Итиэннэ халыҥыы илик мууһунан, сэрэххэ, массыына аанын аһан олорон айанныырга сүбэлииллэр. Өтүйэтэ суох буоллаххатына, полголовнигы устан тимир атахтарынан өстүөкүлэни алдьатыахха сөп диэн быыһааччылар сүбэлииллэр. Алдьатаргытыгар биир илиигитинэн уруултан кытаанахтык тутуһан олороргут ирдэнэр, уу дохсуннук киирдэҕинэ, салон түгэҕэр илгиэн сөп.

Дьиҥэр, массыына уу анныгар биирдэ баар буола түспэт, бытааннык тимирэр. Ол курдук, чэпчэки уйуктаах массыына уонча сөкүүндэ тимирэр эбит, бастаан двигателлээх илин өттө ууга барар. Ити кэмҥэ аһаҕас аанынан тахсан быыһанарга аҕыйах мүнүүтэ баар буолар. Оттон массыына иһигэр уу кутуллан киирэр түгэнигэр, утары харбаан тахсан быыһанааччы аҕыйах.

 Ууга түспүт киһи, биллэн турар, уолуйара чуолкай, оннооҕор суруйа олордоххо дьулаан хартыына көстөр. Этиэххэ судургу курдук да буоллар, бастатан туран холкутуйа сатыахтааххыт. Төбөҕүтүгэр «мин булгуччу быыһаныахтаахпын» диэн күүстээх санаа баар буолуохтаах. Оҕо сырыттахпытына, ыалбыт аҕалара дальнобойщик, саас ортолоох киһи, улахан уйуктаах массыынанан таһаҕас тиэйэн иһэн Өлүөнэ эбэҕэ түспүт этэ. Ити, арааһа, саҥа дьыл иннэ-кэннэ. Массыынаттан, муустаах ууттан тахсан быыһаммытын, дьиэтигэр этэҥҥэ эргиллибитин дьоммут сөҕө-махтайа кэпсэтэллэрин өйдүүбүн. Кыра буолан, оччолорго наһаа улахаҥҥа уурбатахпыт. Дьиҥэр, туох-баар күүһү, кытаанах санааны ылынан бэйэтин быһаатааҕа дии. Онон саамай сүрүнэ – тыыннаах хааларга дьулуһуу, күүстээх санаа. Массыына аана дабылыанньата тэҥнэһиэр диэри арыллар кыаҕа суох, тас өттүттэн уу баттыыр күүһэ улахана бэрт буоллаҕа. Хайа сатанарынан халыҥ тас таҥаскытын, ууну оборон ыарыы илигинэ, уста сатааҥ. Биллэн турар, массыына иһигэр элбэх уу киирдэҕинэ тимирэн барар. Ону учуоттаан салгыны эҕирийэн хаалыҥ, тыынна ылыҥ.

Этэргэ дылы, таҥара көмөтүнэн тааҥы булан, умсан, харбаан тахсан, салгыны эҕирийэн ыллыгыт да бука диэн уоскуйумаҥ, налыйымаҥ! Исписэлиистэр бэлиэтииллэринэн, тымныы ууга түспүт киһи хааныгар адреналина үрдүүр, аҕыйах сөкүүндэ устата тоҥорун да билбэт буолар. Ити сөкүүндэ иһигэр кураанаҕы былдьаһыахтааххыт. Ууттан мууска тахсар уустуктардаах, илиигитин икки ойоҕоскутунан киэҥник тутан, муус үрдүгэр ууран баран салгынна эҕирийиҥ уонна уолуйбакка, мууһу алдьаппат курдук сэрэнэн, тоҥолоххутугар өйөнөн үөһэ тардыстан, быаргытынан сыыллан тахсыҥ. Сонно ойон турумаҥ, тааҥтан тэйиэххитигэр диэри сыыллан барыҥ, ол эрэ кэнниттэн икки атаххытыгар туруҥ. Аны кытылга тахсарга эмиэ сэрэхтээх буолуу ирдэнэр, ол курдук массыынаҕыт мууска киирбит суолун батыһар ордук – киирбит суолгут алдьамматах, ол аата мууһа ити өттүгэр халыҥ. Мээнэ бардаххытына эмиэ сиикэй миэстэҕэ түбэһиэххитин сөп. Инчэҕэй таҥастаах киһи, биллэн турар, түргэнник тоҥор, ол иһин кытаатан төһө кыалларынан түргэнник массыына суолугар, дьонноох сиргэ тахса сатааҥ.

 

«СӨ быыһыыр сулууспата» ГБТ аадырыһа: Дьокуускай куорат, Дзержинскэй уул., 12/1, төлөпүөн нүөмэрэ: (4112) 34-13-34, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр уонна туристарга куттал суоһаабатын хааччыйар салаа».

 

«Ыксааччылар» ыстарааптара

Регионнааҕы Өлүөнэ өрүһү туоруур сирдэргэ тырааныспар ыйааһынын хонтуруоллуур көһө сылдьар пууннар төгүрүк суукканан үлэлиэхтэрэ диэн СӨ Массыына суолларын управлениета иһитиннэрэр. Көһө сылдьар пууннар Өлүөнэ өрүс икки кытылыгар – Мэҥэ Хаҥалас улууһугар («Лена» массыына суолун 1154-с км) уонна Дьокуускай куорат территориятыгар («Хатас» массыына суолугар), итиэннэ өрүс хаҥас кытылыгар – кыһыҥҥы суол «Кангалаас – Бороҕон» учаастагар («Бороҕон» массыына суолугар) үлэлиэхтэрэ.

Барыллаан графигынан, халлаан туругуттан көрөн, Хатас – Аллараа Бэстээх хайысханан мууһунан суол ахсынньы 11 күнүгэр, Кангалаас – Бороҕон – ахсынньы 25 күнүгэр арыллара былааннанар.

СӨ Массыына суолларын управлениета, массыына кыһыҥҥы суолунан сырыы официальнайдык көҥүллэнэ илигинэ, мууска киирии бобуулааҕын туһунан санатар. Кыһыҥҥы суол официальнайдык аһылла илигинэ, көҥүлэ суох мууска киирии иһин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Административнай быраабы кэһии туһунан кодексатын 9.10 ыстатыйатыгар олоҕуран, административнай эппиэтинэс уонна ыстараап көрүллэр:

- гражданнарга – үс тыһыынчаттан биэс тыһыынча солкуобайга диэри;

- дуоһунастаах сирэйдэргэ – сүүрбэ тыһыынчаттан биэс уон биэс тыһыынча солкуобайга диэри;

- юридическэй сирэйдэргэ – сүүс тыһыынчаттан биир мөлүйүөн солкуобайга диэри.

 

Экстреннэй сулууспалары ыҥырар биир кэлим төлөпүөн: «112», СӨ Быыһыыр сулууспа суһал дьуһуурунайын төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19.

 

Экстремальнай сынньалаҥы сөбүлээччилэргэ сүбэлэр

Экстремальнай сынньалаҥы сөбүлээччилэр кыһыҥҥы тымныыттан, ыраахтан, муус чарааһыттан чаҕыйбакка, ыллылар да, айанныыр идэлээхтэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспата Саха сирин территориятынан айанныыр былааннаах туристарга уонна туристическай бөлөхтөргө, хайысханы уонна састаабы ыйан туран, эрдэттэн регистрацияланар ирдэнэрин санатар. Быыһыыр сулууспаны айанныах уон оробуочай күн иннинэ сэрэтиллиэхтээх.

Айаҥҥа барыах 10 күн иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспата табыгастаах уонна куттала суох маршруту, саппаас варианнары ыйан-кэрдэн биэрэр, бу хайысханан сылдьар төһө наадалааҕын туһунан быһаарыы ылыныллар.

Гражданнарга табыгастаах буоллун диэн регистрация судургутуллубут. Ол курдук, Саха сиригэр Быыһыыр сулууспаҕа маршруту чопчу ыйан туран иһитиннэриини kcc-caxa@yandex.ru электроннай почтаҕа, эбэтэр ЫБММ СӨ Кылаабынай управлениетын 14.mchs.gov.ru официальнай сайтыгар «Регистрация туристских групп» пуорманы толорон ыытыахха сөп.

Итини сэргэ былааннаммыт похуот туһунан почтанан эбэтэр «СӨ Быыһыыр сулууспата» ГБТ тиийэн иһитиннэриллэр:

- Аадырыһы;

- Туристыыр бөлөх салайааччытын араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын;

- Бөлөх хас кыттааччылааҕын;

- Маршрут ханан ааһарын, ханна тохтуулларын, тиийиэхтээх сирдэрин, тэрээһин болдьоҕун.

Иэдээҥҥэ түбэһиини биллэрэр бэлиэ киирдэҕинэ, быыһааччылар суһаллык көрдүүр-быыһыыр үлэни саҕалыыллар. Өскөтүн регистрацияламматах бөлөх быһылааҥҥа түбэстэҕинэ, көрдөөһүн болдьоҕо уһуурун, бириэмэ халтайга ыытылларын туристар өйдүөх тустаахтар. Онон, бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, булгуччу регистрацияны ааһыҥ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Быыһыыр сулууспата туристарга тэрээһиҥҥэ боччумнаахтык сыһыаннаһан, маршруту эрдэттэн толкуйдаан, экипировканы бэлэмнээн, бөлөх кыттааччыларын эт-хаан, доруобуйа туругун өттүнэн кыахтарын учуоттаан, «СӨ быыһыыр сулууспата» ГБТ иһитиннэрии-сайаапканы ыытан эрэ баран айаҥҥа туруналларыгар сүбэлиир.

Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ, этэҥҥэ буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....