Муус устар 10 күнүгэр диэри 100 саҥа оптуобус кэлиэҕэ
100 саҥа оптуобустан 65-һэ ЯПАК МУТ маршруттарынан, 10 – муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар сылдьыахтара, оттон 35 оптуобуһу «Союз Авто» кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэ чааһынай таһааччылара ылаллар. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Организатор пассажирских перевозок» МХТ информациятынан, 100 саҥа тиэхиньикэ икки түһүмэҕинэн кэлэр. Бастакы баартыйа кулун тутар 27 күнүгэр диэри, иккис – муус устар 10 күнүгэр диэри кэлэллэрэ былааннанар.
ЯПАК МУТ ылбыт 65 КАВЗ мааркалаах саҥа оптуобуһуттан 55 оптуобус куорат иһигэр уонна кытыыларыгар сүүрүөхтэрэ, 10 оптуобус чугаһынааҕы улуустарга сылдьыаҕа – Горнай, Нам, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, соҕуруу хайысханан – Алдан уонна Нерюнгри оройуоннарыгар.
Чааһынайдар 35 оптуобустара «Вектор NEXT» ПАЗ мааркалаахтар.
100 оптуобус барыта кондиционердаах, икки хос стеклопакеттаах, икки хос муосталаах, эбии ититэр тэриллээх уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо бары өттүнэн табыгастаах. Итини таһынан, саҥа оптуобустар гааһынан сылдьар буолан экологияҕа буортута суохтар уонна барыстаахтар.
Санатар буоллахха, билиҥҥи туругунан киин куоракка 19 таһааччы баар, итинтэн биирдэстэрэ ЯПАК МУТ, атыттара – дьоҕус уонна орто предпринимательство субъектара. Хантыраак быһыытынан 578 чааһынай уонна 47 муниципальнай оптуобустар сүүрэллэр, күн аайы 270-290 оптуобус тахсар.