27.11.2023 | 10:00

Муус уонна хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ саҕаланна

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн бүгүҥҥүттэн «Саха сирин бриллианнара» муус уонна хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ саҕаланна. Тэрээһин ахсынньы 3 күнүгэр диэри ыытыллар.
Муус уонна хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйылгы куонкуруска Арассыыйа регионнарын, итиэннэ Монголия уонна Кытай бэрэстэбиитэллэрэ кытталлар.

Орджоникидзе болуоссатыгар кыттааччылар сэлэлии хаамсыахтара, ол кэнниттэн «Азия оҕолоро» VIII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга анаммыт муус оҥоһуктар блиц-турнирдара ыытыллыаҕа.

Сүрүн куонкурус, үгэс быһыытынан, 202-с дьоҕус оройуон муус пааркатыгар тэриллэр. Былааҥҥа олоҕуран, сэтинньи 28-30 күннэригэр муус оҥоһуктар, оттон ахсынньы 1-3 күннэригэр – хаар оҥоһуктар күрэхтэрэ ыытыллыаҕа. Кыттааччылар үлэлиир кэмнэрэ – сарсыарда 9 чаастан 19 чааска диэри.

Дьүүллүүр сүбэҕэ идэтийбит худуоһунньуктар уонна скульптордар, Арассыыйа уонна Саха сирин Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэннэрэ, ону сэргэ Харбиннааҕы Муус оҥоһуктар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэрин эксперт-судьуйата, Хэйлунцзян провинциятын Муус гравюраҕа академиятын вице-бэрэсидьиэнэ Чжэн Цзиньнань бааллар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...