Мууһунан туоруур сиргэ хонтуруол пууна үлэлиэҕэ
Регионнааҕы Өлүөнэ өрүһү туоруур сирдэргэ тырааныспар ыйааһынын хонтуруоллуур көһө сылдьар пууннар төгүрүк суукканан үлэлиэхтэрэ диэн СӨ Массыына суолларын управлениета иһитиннэрдэ.
Көһө сылдьар пууннар Өлүөнэ өрүс икки кытылыгар – Мэҥэ Хаҥалас улууһугар («Лена» массыына суолун 1154-с км.) уонна Дьокуускай куорат территориятыгар («Хатас» массыына суолугар), итиэннэ өрүс хаҥас кытылыгар – кыһыҥҥы суол «Кангалаас – Бороҕон» учаастагар («Бороҕон» массыына суолугар) үлэлиэхтэрэ.
Барыллаан графигынан, халлаан туругуттан көрөн, Хатас – Аллараа Бэстээх хайысханан мууһунан суол ахсынньы 11 күнүгэр, Кангалаас – Бороҕон – ахсынньы 25 күнүгэр арыллара былааннанар.
СӨ Массыына суолларын управлениета, массыына кыһыҥҥы суолунан сырыы официальнайдык көҥүллэнэ илигинэ, мууска киирии бобуулааҕын туһунан санатар.