08.06.2024 | 12:00

Муора салгына сайа охсорго дылы...

Муора салгына сайа охсорго дылы...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлэ сайын аайы Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар бииртэн биир киэҥ далааһыннаах бырайыактары бэлэмниирэ үтүө үгэскэ кубулуйда.  Ол курдук,  бэс ыйын 1 күнүгэр  «Айвазовскай уонна нуучча улуу маринистара» быыстапка аһылынна. Нуучча Судаарыстыбаннай түмэлин (Санкт-Петербург куорат) кэллиэксийэтиттэн кэлбит чулуу айымньылар үс ый устата туруохтара. Бырайыак Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар, чахчы, соһуччу бэлэх буолла.

Быыстапкаҕа 10 ааптар үлэтэ турда. Биллэн турар, дьоһун миэстэни улуу маринист Иван Айвазовскай хартыыналара ылаллар – кини 19 болотунатын иккис саалаҕа көрүөххэ сөп.

Бастакы саалаҕа түмэл эркинигэр муора долгунун санатар ураты көстүү нуучча искусствотыгар марина туспа жанр быһыытынан сайдыбыт историятын билиһиннэрэр, нуучча улуу маринистарын айар үлэлэрин, олохторун сырдатар.

СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлин генеральнай дириэктэрэ Влада Тимофеева кэпсээбитинэн, сорох болотуналар үрдүктэрэ эбэтэр кэтиттэрэ 2,5 миэтэрэҕэ, оттон ыйааһыннара 70 кг тиийэр! Бачча сүүнэ кээмэйдээх айымньылары көтөр аалынан аҕалар хайдах да сатаммат буолан, Санкт-Петербург куораттан Дьокуускайга диэри уһуннук айаннаан кэлбиттэр. Аны сорох баараҕай болотуналары түмэлгэ сүгэн-көтөҕөн киллэрэллэрин саҕана баппакка, үлэһиттэр кыараҕас ааннары уһуларга күһэллибиттэр. Манна даҕатан эттэххэ, аан дойду таһымнаах шедеврдэри кый ыраах Саха сиригэр  итэҕэйэн, эрэнэн ыыппыттара икки түмэл ыкса ситимнэрин туоһулуур. Влада Владиславовна этэринэн, итинник бөдөҥ бырайыактар өрөспүүбүлүкэ салалтатын өйөбүлэ суох олоххо киирбэттэр, кэпсэтии федеральнай таһымҥа ыытыллар. Онон түмэл СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Дархан Айсен Николаевка муҥура суох махтанар.

Быыстапка куратордара бэлиэтээбиттэринэн, маннык бырайыактар түмэл материальнай-тэхиньиичэскэй баазатын тупсарарга төһүү күүс буолаллар. «Бэйэбит да сырыы аайы саҥаттан саҥаҕа үөрэнэбит, улам уопутуран иһэбит», – дииллэр кинилэр.   

Юлия Владимировна Кравцова, түмэл научнай уонна быыстапкалыыр үлэтигэр генеральнай дириэктэри солбуйааччы:

– Быыстапканы публичнай бырагыраама ситэрэр. Бу үс ый устата араас култуурунай-үөрэтэр тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Онуоха анаан “Алмаасэргиэнбаан” өйөбүлүнэн интерактивнай зонаны тэрийдибит. Быыстапкаҕа кэлбит дьон оҕолуун-улаханныын бары дьарыктаах буолуохтара. Кырачааннар уруһуйдуохтара, кырааскалыахтара, оттон арыый обургу оҕолор уонна улахан дьон идэтийбит худуоһунньуктар маастар-кылаастарыгар сылдьыахтара, бэйэлэрэ марина жанрыгар холонон көрүөхтэрэ. Маны сэргэ, виртуальнай киинэ тыйаатыра үлэлиэҕэ.

Биһиги түмэлбит кэллиэксийэтигэр Иван Айвазовскай «Героиня Боболина с охотниками прорывается под градом выстрелов на катере сквозь турецкий флот, блокировавший Нафплион в 1821 году» диэн бэрт уһун ааттаах айымньыта баар. Бу хартыына манна хайдах кэлэн хаалбыта кистэлэҥ, ону экскурсияттан уонна виртуальнай киинэттэн билиэххит.

Маны сэргэ, быыстапканы Уу тырааныспарын институтун иһинэн үлэлиир Өлүөнэ өрүс тардыытын түмэлиттэн (Александр Сергеевич Павлов) экспонаттар – хараабыл макеттара киэргэттилэр.

Иван Айвазовскай Арассыыйа империятын Адмиралтействотын сүрүн худуоһунньугунан үлэлээбитэ, онон кини хартыыналара нуучча флотун оччотооҕу кэмин кэрэһилииллэр, история чахчыларын кэпсииллэр. Онон искусствоны таптааччылар, историяны сэргээччилэр быыстапкаттан билиилэрин хаҥатан, саҥаны арыйан барыахтара.

«Айвазовскай 28 сааһыгар номнуо аан дойду билиниитин ылбыта, Париж, Флоренция, Амстердам академияларын академига этэ. Кини ханнык баҕарар дойдуга олорон айар-тутар кыахтаах, оннук таһымнаах худуоһунньук этэ», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Влада Тимофеева.

 

Уот-күөс, тыас-уус, аныгы технология көмөтүнэн ураты быыстапкаҕа муора хатыламмат эйгэтэ тэриллибит. Саалаҕа үктэнниҥ да, чахчы, муора салгына сайа охсорго, Былатыан Ойуунускайдыы эттэххэ, «Харака муорака дьалкыыра, харылыы баргыйар балкыыра, ытыллар долгуна» биллэргэ дылы. Сорох болотуна персонажтара субу тиллэн кэлиэх айылаахтар, кулгааххар «Поднять паруса!» диэн хамаанда иһиллэргэ дылы. Сорох хартыынаҕа буурҕа күөрчэхтии ытылларын, тыал ыйылыырын онно дьүөрэлии музыка эбии күүһүрдэр.

Быыстапкаттан Хара байҕал хайа да кэмҥэ кэрэтин кэрэхсии, сөҕө-махтайа көрөҕүн: күн үөһэ ойуута күөх урсун күлүмэ дьиримниир, оттон ыйдаҥа сырдыгар тула өттө иһийэн хаалар, ол эрээри муора модун күүһүн сүтэрбэт, өссө улуутуйар!

Айвазовскай И.К. Вид моря с гор. Крым. 1864
Щедрин С.Ф. Вид Сорренто близ Неаполя. Конец 1820-х
Айвазовскай И.К. Буря. 1851
Айвазовскай И.К. Вид Константинополя при лунном освещении. 1846
Айвазовскай И.К. Порт Ла-Валетта на острове Мальта. 1844
Чернецов Г.Г. Мертвое море. 1850

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...