05.10.2020 | 11:28

МУНИЦИПАЛЬНАЙ ӨҤӨ ТУҺУНАН ӨССӨ БИИРДЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олохтоох уопсастыба сайдыылаах олоҕу кытта тэҥҥэ хаамара арыый да бытаан эбит. Саастаах өттө “былыргылыы” кумааҕы ирдэһэрин, хомуйсарын умна илик. Эдэр дьон аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттэһэ сатаабаттара хомолтолоох. Онон бүгүн e-yakutia.ru диэн судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталын туһунан өссө биирдэ кэпсиибит.

ЕСИА диэн тугуй?

Идентификациялааһын уонна аутентификациялааһын биир кэлим систиэмэтэ – судаарыстыбаннай уонна да атын информационнай өҥөлөр биир кэлим тиһигэ. Бу Арассыыйа салайар, дьаһайар уорганнарын уонна олохтоох салайар уорганнары барытын хабар информационнай, электроннай сайт халыыба.

ЕСИА сүрүн үлэтэ:

  • Туһанааччылары идентификациялааһын уонна аутентификациялааһын;
  • Иденификациялыыр дааннайдары салайыы;
  • ЕСИА-ҕа киирэргэ толоруулаах былаас боломуочуйалаах сирэйдэрин авторизациялааһын;
  • Информационнай систиэмэнэн туттарга туһанааччы боломуочуйатын туһунан иһитиннэриини киллэрии.

 ЕСИА бэлиэтэниини www.e-yakutia.ru уонна www.gosuslugi.ru  порталга ааһаҕыт.

e-yakutia.ru диэн тугуй?

Бу портал аныгы олох тэтимин тупсарар, сайыннарар аналлаах. Сүрүнэ диэн, эн дьиэттэн тахсыбакка эрэ, уһун күннээх уочараттарга турбакка, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай уорганнар ирдиир, наадыйар докумуоннарын ылыаххын сөп. Олох араас эйгэтигэр, ол иһигэр биэнсийэнэн хааччыллыыга, олох-дьаһах өттүнэн өйөбүлгэ, булгуччулаах медицинскэй страховкалааһыҥҥа, сир-уот сыһыаннаһыыларыгар, тырааныспар үлэтин көрүүгэ, о.д.а.

Порталга бэлиэтэнии бэрээдэгэ

Бэлиэтэммит (регистрацияны ааспыт) туһанааччылар өҥө сайаапкатын электроннай көрүҥүнэн биэрэр кыахтаналлар. Ону тэҥэ кинилэр тус кабинеттаналлар, онно сакаастаабыт өҥөлөрө төһө туолан иһэрин көрүөхтэрин, кэтиэхтэрин сөп.

  1. Судургу бэлиэтэнии холобура

Бу түһүмэххэ эйигин туоһулуур сүрүн дааннайдаргын киллэрэҕин: толору аатыҥ, төлөпүөнүҥ нүөмэрэ эбэтэр электроннай почтаҥ аадырыһа.

Барытын сөпкө толорон баран, «Зарегистрироваться» диэни баттыыбыт. Ол кэнниттэн суотабай төлөпүөнүнэн эбэтэр электроннай почтанан бигэргэтэбит.

Өскөтүн мобильнай төлөпүөҥҥүт нүөмэрин ыйбыт буоллаххытына, аныгыскы салааҕа SMS-нан кэлбит сыыппаралары туруораҕыт. Барытын сөпкө толордоххутуна систиэмэ бэйэтэ бигэргэтэр. Онтон кэлэр салааҕа куттал суох буолуутун ирдэбилин тутуһан, сөптөөх пароль толкуйдуугут. Ону икки төгүл төхтүрүйэн суруйаҕыт. Бу парольгутунан тус кабинеккытыгар киирэр буолаҕыт. Онон болҕомтолоох буолуҥ, олус судургу сыыппаралары туруора сатаамаҥ!

Болҕойуҥ! «Сгенерировать пароль» диэн сыылканы баттаатаххытына, систиэмэ бэйэтэ сөптөөх уонна уустук пароль толкуйдуур. Бу ньыманы туһанар буоллаххытына, парольгун лиискэ сурунар ордук!

Манан судургу бэлиэтэнии түмүктэнэр. Билигин эһиги судаарыстыбаннай өҥө ахсаанынан хааччахтаммыт, информационнай хабааннаах өҥөнү ылар кыахтанныгыт. Онтон порталынан толору туһанныаххытын баҕардаххытына, бэйэҕит тускутунан информацияны толоруохтааххыт уонна ону бигэргэтиэхтээххит.

  • Тус дааннайдары киллэрии

Ситиһиилээхтик бэлиэтэнэн баран, систиэмэҕэ бэйэҕит толору дааннайгытын киллэрэр халыыбы толороҕут. Манна СНИЛС– страховкаламмыт сирэй Арассыыйа Пенсионнай пуондатын персонифицированнай учуотун тиһигэр тус сирэй счетун страховой нүөмэрэ уонна пааспар даннайдара киирэллэр. Бу докумуннары эрдэттэн илиигэ тутан олорор ордук. Тус дааннайдары киллэрэн баран, портал нөҥүө араас өҥөнөн туһанар кыаххыт өссө үрдүүр.

  • Киллэриллибит дааннайдары бэрэбиэркэлээһин

Халыыбы толорбуккут кэннэ тус дааннайдаргытын систиэмэ Арассыыйа пенсионнай пуондатыгар уонна ИДьМ ыытар. Ол бэрэбиэркэ аастаҕына, эһиги дааннайдаргытынан Федеральнай нолуок сулууспатын реестрыгар ИНН нүөмэрин көрдүүр, бэрэбиэркэлиир. Ол биэс хонукка диэри уһуон сөп. Тустаах бэрэбиэркэ ааспытын кэннэ, эһиэхэ төлөпүөҥҥүтүгэр эбэтэр электроннай аадырыскытыгар бэрэбиэркэ түмүгүнэн бигэргэтии кэлиэҕэ.

  • Бэлиэтэниини туоһулуур ньымалар

Госсулууспаҕа учуот дааннайын 4 ньыманан бигэргэтиэххэ сөп:

  • Бааннар мобильнай сыһыарыыларынан уонна сайтарынан;
  • Пенсоннай пуонда нөҥүө;
  • Квалифицированнай электроннай илии баттааһынынан уонна электроннай каартанан;
  • Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай  өҥөлөрү оҥорор элбэх функциялаах кииҥҥэ (МФЦ).

Парольгун умнубут буоллаххына...

Биллэрин курдук, хас биирдии бырассыас сырыы аайы пароль ирдиир. Ол иһин туспа лиискэ суруна сылдьаргыт ордук. Өскөтүн, сайтка сатаан киирбэт уонна парольгутун умнубут буоллаххытына, gosuslugi.ru порталыгар киирэҥҥит  “Вход” диэни баттыыгыт уонна “Мин парольу билбэппин” диэни баттыыгыт. Салгыы төлөпүөҥҥүт нүөмэрин эбэтэр электроннай аадырыскытын суруйаҕыт уонна туоһулуур докумуоннаргыт (пааспар уонна СНИЛС) дааннайдарын киллэрэҕит. Ол кэннэ SMS-нан биитэр электроннай аадырыска кэлбит куоду суруйаҕыт, саҥа пароль толкуйдуугут. Онон ыксаамаҥ, санааҕытын түһэримэҥ!

Муниципальнай өҥөҕө эбии киирдилэр

Быйыл сайын электроннай муниципальнай өҥөҕө эбии сири бас билиигэ, сир учаастагын куортамнааһын болдьоҕун уһатыы киирэн биэрдэ. Маны www.e-yakutia.ru сайтка киирэн ылаҕыт.

Туох ирдэнэр?

Порталга киирэҥҥит сайабылыанньа толороҕут уонна сир учаастагын кыраныыссатын ыйар топографическай хаартыскатын/устуутун угаҕыт. Онтон салгыы судаарыстыбаннай төлөбүрү (пошлина) төлүүгүт уонна бигэргэтэҕит.

Маны таһынан, аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт коронавирус буулаан, 3 № -дээх формалаах дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка эмиэ электроннай көрүҥүнэн бэриллэр.

Нэһилиэнньэ санаата:

Мария Неустроева, биэнсийэлээх:

Мин бу порталынан туттары соччо сатаабаппын! Ол оннугар уочаракка баран олорорум ордук курдук. Сиэннэрбин, оҕолорбун көмөлөһүннэрэн син тугу эрэ быһаарсабыт. Аны атаҕым ыалдьар, хаамарбын ыарырҕатабын. Олоҕу чэпчэтэллэрэ, электроннай оҥороллоро үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии, үөрэниэххэ наада.

Николай Гуляев, устудьуон:

Барыта электроннай буолбута олус  үчүгэй. Кэтэһиини-манаһыыны олох сөбүлээбэппин. Биир баҕа санаа баар: БИИР ЭМИТ ӨЙДӨӨХ КИҺИ  ПЛАСТИК КАРТОЧКАНЫ айара буоллар, онно барыта киириэ этэ... Баҕар, хаһан эмит кэлиэ. Пааспартан саҕалаан, оптуобус бырайыаһыгар тиийэ төлүүр кыахтаныа этибит.

Светлана Яковлева, элбэх оҕолоох ийэ:

Судаарыстыбаннай өҥөнөн сүрдээҕин туһанабын, ордук быйыл абыранным. Дойду баһылыга оҕолорго босуобуйа бөҕө төлөөтө. Хата, ол иһин үөрэнним. Наһаа элбэх кумааҕы, докумуон толорордооҕор быдан ордук.

Семен Неустроев, эдэрчи киһи:

–Оо, бу диэн сатаабаппын! Итинник боппуруостары кэргэним быһаарар. Үөрэниэх да баара, бириэмэ суох! Хата, сахалыы баллаччы быһаараллара буоллар, сатаан буоллаҕа дии. Олоҕу чэпчэтэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой, хата, биһиги арыый бытааммыт быһыылаах.

Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай, информационнай технологиялар өҥөлөрүн табатык туһанарга үөрэниҥ! Элбэх докумуону хомуйсубакка, уочаракка уһун күҥҥүтүн бараабакка, сайдыылаах олоҕунан сайдыҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....