17.08.2022 | 18:00

Муммут дьону буллулар

«СӨ Быыһыыр сулууспата» СБТ пресс-сулууспатын информациятынан, бэҕэһээ киэһэ Быыһыыр сулууспаҕа Дьокуускай куорат Бүлүүлүүр суолугар тэллэйдьиттэр муммуттарын туһунан иһитиннэрии киирбит.
Муммут дьону буллулар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быыһааччылар дьуһуурунай симиэнэлэрэ тута миэстэтигэр тиийбит. Быыһыыр сулууспа суһал дьоһуурунайа муммут дьоннуун сибээскэ сылдьан, сири-уоту ойуулаан көрдөрбүттэригэр олоҕуран, муммут дьон баар буолуон сөптөөх тыаларыгар быыһааччылары ыйан ыыппыт.

Быыһыыр сулууспа симиэнэтин салайааччыта Александр Мостахов иһитиннэрбитинэн, тэллэйдьиттэри – муммут дьахтары уонна эр киһини түүн булбуттар.

«Ойуурга бараргытыгар толору ииттэриилээх мобильнай төлөпүөҥҥүтүн илдьэ сылдьыҥ. Бэҕэһээҥҥи түбэлтэҕэ суотабай сибээс баар буолан көрдөөһүн үлэтэ түргэтээтэ. Халлаан туругунан сирдэтэн таҥныҥ, ордук киһи хараҕар быраҕыллар, от-мас быыһыгар көстөр чаҕылхай өҥнөөх таҥастаах сылдьыҥ. Чугас дьоҥҥутугар, аймахтаргытыгар хайа диэки барбыккытын, хаһан кэлэргит туһунан сэрэтэн баран айылҕаҕа тахсыҥ. Мунан хааллаххытына биир сиргэ туран күүтүҥ», - диэн сүбэлээтэ быыһааччы.

Суһал сулууспаны ыҥырар нүөмэр – 112, СӨ Быыһыыр сулууспатын суһал дьоһуурунайын нүөмэрэ – (411) 45-90-19.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...