30.06.2022 | 14:00

Муҥутуур кыайыылаах биир мөлүйүөнү тутта!

Муҥутуур кыайыылаах биир мөлүйүөнү тутта!
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Самаан сайыны көрсө Улуу Туймаада үрүҥ тунах ыһыаҕын добун түһүлгэтигэр өр күүтүллүбүт-кэтэһиллибит Дыгын оонньуулара ньиргийэн ааһа оҕустулар! Сылдьыбыт-көрбүт эрэ улаханнык биһирээтэ. Түөлбэлэринэн туруоруллубут ураһаларга, балааккаларга икки күннээх түүн устата тилэри 230-ча тыһыынча ыһыах дьоно, күндү-мааны ыалдьыттар уохтаах кымыһынан утахтарын ханнардылар, эмис эти тото-хана амсайдылар. Күүстээхтэр-быһыйдар илии-атах күөн-күрэс көрүҥнэригэр куоталастылар.

Болҕомтону Дыгын оонньуулара тартылар. Уонунан тыһыынча киһи күн уотун сыралҕан куйааһыттан саллыбакка, оонньуулар саҕаланыахтарыттан бүтүөхтэригэр, күөмэйдэрэ кэһиэҕириэр диэри ыһыытаан-хаһыытаан, астына-дуоһуйа “ыарыйда”. Сыл устата үс төгүл сүрүн сүүмэрдиир түһүмэхтэри ааспыт, кытаанах эрчиллиилэргэ буспут-хаппыт уолан ыччаттар илин-кэлин түһүстүлэр. Тэҥнэрэ бэрт буолан, иэмэх талахтыы эристилэр, хардарыта хотустулар.

Саҥа ааттар күөрэйбиттэрэ төрүт оонньуулар кэскиллээхтэрин кэрэһилээтилэр.

Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай “үс төгүл үскэ”, Намтан Вячеслав Дьяконов “тутум эргииргэ”, хапсаҕайга, Сунтаартан Тимофей Большаков 400 миэтэрэ сиргэ сүүрүүгэ, Горнайтан Дьулустаан Ноговицын мас тардыһыыга, саха оҕунан ытыыга, 115 киилэлээх тааһы көтөҕөн ыраах илдьиигэ бастаатылар уонна “Алмаз-Кредит-Сервис” 50-нуу тыһ. солк. бириистэринэн биһирэннилэр. Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев “үс төгүл үскэ”, Алексей Уваровскай “тутум эргииргэ”, Тааттаттан Николай Матаннанов мас тардыһыытыгар, тааһы көтөҕүүгэ, Тимофей Большаков оҕунан ытыыга, Үөһээ Бүлүүттэн Владимир Шологонов 400 м иккис, “тутум эргииргэ” үһүс, Амматтан Борис Сдвижков мас тардыһыытыгар үһүс, Намтан Артем Варданян оҕунан ытыыга, хапсаҕайга үһүс, Дьааҥыттан Петр Прудецкай 400 м үһүс, Давыд Колесов хапсаҕайга иккис, тааһы көтөҕүүгэ үһүс, Ньурбаттан Николай Обоев “үс төгүл үскэ” үһүс миэстэлэннилэр уонна өйдөбүнньүк мэтээллэри, дипломнары сэргэ “Атлант”, “Центромед” туруорбут 10-нуу, 7-лии тыһ. солк. кээмэйдээх харчынан бириэмийэлэринэн наҕараадаланнылар.

Кэбээйи Мастааҕын 23 саастаах уолана, атах оонньуутугар спорт маастара Алексей Уваровскай Дыгын оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕын үрдүк аатын ылла уонна “Прогресс” тутуу тэрилтэтэ (генеральнай дириэктэр Пинигин А.С.) туруорбут 1 000 000 солк. кээмэйдээх сертификатынан наҕараадаланна. Николай Матаннанов “Охотный Двор” маҕаһыын квадроциклын – Тааттаҕа, Дьулустаан Ноговицын “Кармен” матасыыкылын Горнайга сүүрдэн бардылар.

Нөҥүө күнүгэр сүрүн бирииһи туруорбут Алексей Семенович Пинигин гендириэктэрдээх “Прогресс” тутуу тэрилтэтэ Хатас бөһүөлэгэр баар тэлгэһэтигэр Дыгын оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа Алексей Уваровскайга бирииһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Сиэри-туому, аал уот иччитин уохтаах кымыһынан, арыылаах саламаатынан, алаадьынан күндүлээн-маанылаан арчылааһыны, алгыстааһыны алгысчыт Лэгиэн Лэгэнтэй ыытта.

Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ маҥнайгы Дыгын оонньууларын үс төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа Иннокентий Федорович Макаров (1995-1997 сс.), сэттэ төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа Иван Прокопьевич Белолюбскай (1999, 2007-2012 сс.), Дьокуускай куорат физическэй культураҕа уонна спорка управлениетын сүрүн исписэлииһэ Иннокентий Петрович Макаров, Хатас нэһилиэгин баһылыга Евгений Петрович Пермяков, Алексей Уваровскай тириэньэрэ Николай Николаевич Иванов кыттыыны ыллылар, эҕэрдэ тыллары эттилэр.

Үһүс төгүлүн субуруччу Дыгын оонньууларын муҥутуур кыайыылаахтарыгар, ол иһигэр Амма уолана Леонид Филипповка, Хаҥалас ыччата Егор Филипповка, быйыл абсолютнай чөмпүйүөн буолары ситиспит Кэбээйиттэн Алексей Уваровскайга сүрүн бириистэри туттартаабыт “Прогресс” тутуу тэрилтэтин салайааччыта Алексей Семенович Пинигиҥҥэ махтал тыллара дуораһыйдылар. Өйдүүр-өйүүр, көмө-тирэх буолар дьон баар буолан, Дыгын оонньуулара сайдалларын, көрдөрүүлэр үүнэллэрин, саҥа ааттар тахсалларын бэлиэтээтилэр. “Прогресстар” Хатаска базаланан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн социальнай суолталаах, ол иһигэр Хатаска оҕо уһуйааннара, оскуолалар, дьон олорор дьиэлэрэ тутуллалларын, нэһилиэнньэ ортотугар көхтөөх үлэни ыыталларын бэлиэтээтилэр. Эдэр уолан Алексей Уваровскайга спортивнай уонна тус бэйэтин олоҕор өссө үрдүк ситиһиилэри баҕардылар.   

Дьоһун тэрилтэ салайааччыта, Дыгын оонньууларын сүрүн спонсора, “Прогресс” ХЭТ гендириэктэрэ Алексей Семенович Пинигин эҕэрдэ тылыгар Алексей Уваровскай курдук спорду өрө тутар уолаттар оҕолорго холобур буолалларын, кыайыы, ситиһии улахан үлэнэн кэлэрин, сүрүн сыал-сорук аныгы көлүөнэ ыччат чэгиэн-чэбдик, үлэҕэ-олоххо туһалаах дьон буоларга дьулуһуохтааҕар сытарын, саха норуотун култууратын, историятын сайдыыта эдэр дьонтон тутулуктааҕын, ыччат дьоммут дойдуларын таптыыр, патриот өйдөөх-санаалаах, наада тирээтэҕинэ, дойдуларын көмүскүүр, хорсун-хоодуот буолан тахсалларыгар эрэнэрин биллэрдэ. Албан ааты, үрдүк ситиһиилэри, кыайыылары уйар наадатын тоһоҕолоото, өссө үрдүк чыпчааллар баалларын, онно бэлэмнээх буоларга, Иннокентий Макаров, Николай Дьяконов, Иван Белолюбскай суолларын батыһарга ыҥырда. Евгений Николаевич Григорьев баһылыктаах Дьокуускай куорат дьаһалтатын, Константин Семенович Бурцев начаалынньыктаах куорат физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын тэрийэр, көҕүлүүр үлэлэринэн астынарын биллэрдэ.

Дьоро түгэни саха эстрадатын сулустара Павел Семенов, Сахаайа, Далаана, Кирилл Матвеев истиҥ, хомоҕой ырыаларынан киэргэтэн-тупсаран биэрдилэр.

Алексей Уваровскай:

— Оҕо эрдэхпинэ ийэбинэн убайым Николай Николаевич Ивановка өбүгэ оонньууларыгар эрчиллибитим. 2017 сыллаахха, 18 саастаахпар, Манчаары оонньууларыгар кылыыга 43 м 87 см көрдөрүүлэнэн, маастар нуорматын толорбутум. Сөбүлүүр, эрэнэр көрүҥнэрим – атах оонньуута, тутум эргиир, хапсаҕай. Тутум эргииргэ 71 эргийэммин, рекорд олохтуу сылдьыбытым. Тустууга Прокопий Прокопьевич Григорьев дьарыктаабыта, онон хапсаҕайга эмиэ базовайдаахпын. Оҕолорго өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэр этим. Бу кэлин күүһү-уоҕу хачайдааһыҥҥа, тимиргэ, тааска үлэлээтибит. Күҥҥэ иккитэ, нэдиэлэҕэ алта күн тиргиччи үлэлээн, эбиллэргин билэҕин, күүстээх дьарыктан «кайф” ылабын. Үчүгэйдик эрчилиннэххинэ, бэйэҕэ эрэл үөскүүр. Күрэхтэһии кэмигэр турукка киирии ис-испиттэн тахсан иһэр, публикаттан күүс ылабын, аһыллан киирсэбин. Көрөөччүлэр, түһүлгэ тэбэн биэрдэ, өйүүллэр, зарядтыыллар, туһалаата. Махталбын спонсордарбар – “Элит-Аква”, “Гедеонстрой” (дириэктэр А.В. Бурцев), “Бөҕөс” кроссфит тэрилтэтигэр биллэрэбин, витаминизациянан, аһынан-таҥаһынан хааччыйан, дьарыктанарбар бэйэлэринэн кэлэннэр, улаханнык көмөлөстүлэр. Тус олохпор инники былааным элбэх. Дыгын оонньууларыгар эһиил кыттыаҕым. Салгыы дойдубар дьарыктанан, өбүгэм тыынын иҥэриниэм. Миэхэ ыалдьыбыт, көмөлөспүт дьоҥҥо барыларыгар махтал!

Иванов Николай Николаевич – Кэбээйи Мастааҕын спортоскуолатын тириэньэрэ:

— Дэриэбинэҕэ оҕолор бары харах далыгар сылдьаллар. Бырааппын Лешаны оҕо эрдэҕиттэн көрө-билэ сылдьыбытым, хамсатан, айылҕалааҕын билэн, спорка чугаһатан, сүүрдэн-көтүтэн дьарыктаан барбытым. Атах оонньуутуттан саҕаламмыта.  Чэпчэки, түргэн хамсаныылардаах. Күрэхтэһиигэ наадыйан, Бүлүүгэ тахсар этибит. Мукучуга хапсаҕайдатарым. Ситиһиилэр сыыйа кэлэн барбыттара. Хапсаҕайга сыһыаннааҕа хара маҥнайгыттан биллибитэ. Мукучу хапсаҕайын оскуолата кынат биэрэ сытар, тэҥ саастыылаахтарын кытта күрэхтэһэн таҕыста. Дыгын оонньууларыгар күүскэ бэлэмнэннибит. Куоракка аралдьыйара элбэх буолан, быйыл анаан-минээн миэхэ, Мастааҕар кэлбитэ. Онно күн тура-тура дьарык эрэ. Ол түмүгэр результат кэллэ. Инникитин өссө да үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр кыахтаах. Айылҕата биэрэр кыаҕын өссө да көрдөрүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...