Муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдээтэ

Нэһилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ маннык буолла: үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ — 23 660 солкуобай; биэнсийэлээхтэргэ — 18 667 солкуобай; оҕолорго — 22 560 солкуобай.
I-кы зонаҕа (арктическай оройуоннар киирэллэр) муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар 25 396 солкуобай, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ — 27 682 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 21 840 солкуобай, оҕолорго — 26 395 солкуобай.
II-с зонаҕа (киин оройуоннар уонна Дьокуускай куорат киирэллэр) муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ нэһилиэнньэ дууһатыгар 21 272 солкуобайга тэҥнэстэ, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ — 23 187 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 18 294 солкуобай, оҕолорго — 22 109 солкуобай.
2023 сыллааҕы муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ, сыана үрдээһинин учуоттаан, ураты бэрээдэгинэн оҥоһулунна. 2022 сыл тохсунньу ыйын кытта тэҥнээтэххэ, муҥутаан тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 13,6% улаатта.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



