Можайскай уонна Рыдзинскай уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан ыытыллар Можайскай уонна Рыдзинскай уулуссаларын хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр.
Можайскай уулуссатын Севастопольская уулуссаттан Өктөөп 50 сыла автострадаҕа диэри кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнүгэр аспаал үлэтэ оҥоһуллан, бу күннэргэ 630 м усталаах уу аһардар уонна мунньар халдьалары тардыы уонна уот ситимин оҥоруу ыытылла турар. Өрөмүөннэнэр учаастак устатынан барыта 31 уот остуолбата туруорулунна.
Тротуар үлэтэ эмиэ түмүктэнэн эрэр, маны сэргэ суол кыраныыссаларын, сатыы туоруур бэлиэлэри уруһуйдааһын ыытыллар. Биэс сиргэ искусственнай оллуру оҥоруу хаалбыт.
Инньэ гынан былааннаах 690 м усталаах эбийиэк 90% бэлэм.
Рыдзинскай уулуссатын Жорницкайтан Халтурин уулуссатыгар диэри 528 м усталаах кэрчигэр сыстыһа сытар уулуссаларга уонна тиэргэннэргэ киирэр суолларга аспаал үлэтэ ыытыллар.
«Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын кылаабынай исписэлииһэ Игнатий Осипов чопчулуурунан, ГОСТ быһыытынан 5 мм диэри сөҥүүгэ аспаал үлэтин ыытар көҥүллэнэр.
«Сүрүн усулуобуйа – халлаан -10 кыраадыстан сылаас буолуохтаах. Үлэ графиктан хаалыыта суох баран иһэр. Алтынньы 30 күнүнэн түмүктэниэхтээх», – диир Игнатий Осипов.
Санатар буоллахха, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан ааспыт 2023 сылга Дьокуускай куоракка 30 км кэриҥэ усталаах уулусса-суол ситимэ тутуллан, өрөмүөннэнэн турар. Оттон 2019 сылтан чуолаан бу бырайыагынан киин куоракка барыта 133 эбийиэккэ 164 км усталаах суол нуормаҕа хоруйдуур гына оҥоһуллубута.
Быйыл, 2024 сыл түмүгүнэн, куорат суолларын 80% ирдэбилгэ сөп түбэһэр таһымҥа тахсыахтаах, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.