24.01.2024 | 17:00

«Москвич» массыынанан — Үрүҥ Хайаҕа

«Москвич» массыынанан — Үрүҥ Хайаҕа
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Тымныыны тымныы диэбэккэ Саха сиригэр кэнники кэмҥэ элбэх киһи кэлэр буолла. Биллэн турар, суола-ииһэ, сымнаҕастык эттэххэ, уустук дойдуга бэйэлэрин тургутан көрүөн баҕалаахтар эрэ дьулуһаллар.
Ол курдук, бэйэлэрин эрэ буолбакка, олорор куораттарын аатын сүгэр сэбиэскэй кэм биир бастыҥ көлөтө «Москвич» массыынаны тургутан айаннаабыт Москва куорат блогердара социальнай ситимнэригэр Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр айаннаан тиийбиттэрин сырдаталлар. Бэлиэтээн эттэххэ, Үрүҥ Хайа Уһук Илин регионун саамай хоту сэлиэнньэтэ. Онон блогердар бэйэлэрин уонна сэбиэскэй «Москвич» тургутуутун этэҥҥэ ааспыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....