Москваҕа Саха сирин оскуолаларын тутуутун дьүүллэстилэр
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, СӨ Экономикаҕа миниистирэ Петр Попов «ПроШкола» ХЭТ салалтатын кытта ВЭБ.РФ Судаарыстыбаннай корпорация концессионнай сөбүлэҥнэрин чэрчитинэн үөрэҕирии эбийиэктэрин тутуутун дьүүллэстэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ВЭБ.РФ кытта бииргэ үлэлээһин бырайыагынан Дьокуускайга куоракка уонна Жатай бөһүөлэккэ түөрт оскуола тутулла турар. Бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥнэргэ Ил Дархан Айсен Николаев ПМЭФ балаһааккатыгар 2021 сыллаахха, оттон ВЭФ чэрчитинэн 2022 сыллаахха илии баттаспыта. Дуогабар 10-15 сылга түһэрсиллэр.
Киин куорат 153-с кыбаарталыгар 990 миэстэлээх оскуола 2024 сыл бүтүүтүгэр диэри үлэҕэ киириэхтээх. Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор социальнай адаптацияларын төгүрүк суукканан үлэлиир комплекса эмиэ ити болдьоххо тутуллан бүтэрэ былааннанар. Комплекс иккис түһүмэҕэ – 200 миэстэлээх оҕо уһуйаана уонна 150 миэстэлээх интэринээт 2025 сылга үлэҕэ киириэхтээх. Кэлэр сылга Дьокуускай 143-с кыбаарталыгар 180 миэстэлээх 4-с №-дээх анал (коррекционнай) оскуола тутуута түмүктэниэҕэ. Жатай бөһүөлэгэр 360 миэстэлээх оскуола тутуллан бүтэн эрэр.
Миниистир Петр Попов эппитинэн, эбийиэктэр болдьоҕор үлэҕэ киирэллэрин курдук хонтуруолу күүһүрдүөххэ наада.
Санатар буоллахха, Арассыыйа Үөрэҕириитин министиэристибэтэ 2021 сыллаахха «Үөрэҕирии сайдыыта» судаарыстыбаннай бырагырааманы саҕалаабыта. Итиннэ олоҕуран, саҥа оскуолалары судаарыстыба уонна чааһынай тэрилтэлэр концессионнай сөбүлэҥ быһыытынан бииргэ үлэлээн, саҥа оскуолалары тутар кыахтаннылар. Ити саҥа оскуола тутуутун тэтимирдэн, олохтоох бүддьүөт ороскуотун аҕыйатан биэрдэ.