Моойторуга, сыаба суох ыт иһин сэрэтиинэн эрэ муҥурданар кэм ааста
Ахсынньы 22 күнүгэр СӨ Административнай буруйу оҥоруу туһунан кодексатыгар уларыйыылар киирбиттэрэ. Чуолаан, дьиэ кыылын көрүү-харайыы быраабылатын бастакы кэһии иһин тутатына 1000-тан 3000 тиийэ кээмэйдээх ыстараап олохтонно, быраабыланы хатылаан кэһии иһин – 3000-тан 5000 солкуобайга тиийэ ыстараап.
2023 сылга СӨ Ветеринарияҕа департаменын инспектордара олохтоох дьаһалталар, административнай хамыыһыйалар, прокуратура бэрэстэбиитэллэрин кытта 1027 эриэйдэҕэ сылдьан, 802 боротокуол толорулунна уонна 802 административнай буруй туһунан уураах ылылылынна. Ыттаах хаһаайыттарга уопсайа 689 600 солкуобай кээмэйдээх ыстараап түһэрилиннэ, 274 киһиэхэ сэрэтии бэрилиннэ. Быраабыланы кэһии сүрүн биричиинэтэ – дьиэлээх кыыллар дьэлликтээһиннэрэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу иннинэ, холобура, ыттаах хаһаайын, быраабыланы бастакы кэһии иһин сэрэтиинэн эбэтэр 1000-тан 1500 солкуобайга тиийэ кээмэйдээх ыстараабынан муҥурдаммыт буоллаҕына, билигин сэрэтии диэн суох, диэн СӨ Ветеринарияҕа департамена иһитиннэрэр.