16.12.2022 | 15:00 | Просмотров: 544

Мобилизацияламмыттар устудьуон оҕолоро өйөбүлүнэн туһаналлар

Саха сирин үрдүнэн барыта 250 устудьуон – анал байыаннай эпэрээссийэ оҕолоро өйөбүл миэрэлэринэн туһаналлар диэн брифиҥҥэ СӨ Үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Ирина Любимова иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Бүгүҥҥү күҥҥэ үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэни төлүүргэ 250 сайабылыанньа киирдэ, ол иһигэр 74 – үрдүк үөрэх кыһатын устудьуоннарыттан. Үрдээбит истипиэндьийэ кээмэйэ – 5 607 солкуобай. Итиэннэ тус сыаллаах үөрэх туһунан 102 дуогабар түһэрсилиннэ», – диэн иһитиннэрдэ миниистир.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕар олоҕуран, Үөрэҕирии уонна наука министиэристибэтэ устудьуоннары – анал байыаннай эпэрээссийэ оҕолорун өйүүргэ икки миэрэни олоххо киллэрэр. Онтон биирэ – тус сыаллаах үөрэххэ кинилэри кытта бастакы уочарат дуогабар түһэрсэр, иккиһэ – үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннарга, үөрэххэ ситиһиилэриттэн тутулуга суох, үрдэтиллибит истипиэндьийэни төлүүр. Итини таһынан, тус сыаллаах үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлиистэри регион территориятыгар баар тэрилтэлэргэ үлэҕэ киллэрэллэр.

Өйөбүл миэрэтин ыларга сайаапкалары МФЦ нөҥүө эбэтэр  электроннай көрүҥүнэн e-yakutia судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр порталларын нөҥүө ыытыахха сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
Сынньалаңңа | 13.08.2026 | 13:58
Өймөкөөҥҥө айантан санаалар
(Суоллааҕы бэлиэтээһиннэр)
Унтууну хайдах талабыт?
Тускар туһан | 11.08.2026 | 09:00
Унтууну хайдах талабыт?
Иистэнньэҥ Виктория Семенова унтууну хайдах таларга, харайарга сүбэлэрин "Киин куорат" ааҕааччыларыгар таһаарабыт.
СУЛУСТАР: Лермонтов уулуссатыгар Ирина Елизарова аатынан сквер тутуллан эрэр
Сонуннар | 14.08.2026 | 11:59
СУЛУСТАР: Лермонтов уулуссатыгар Ирина Елизарова аатынан сквер тутуллан эрэр
90-с сыллар умуллубат уонна умнуллубат «сулустара», намыын, намчы куоластаах Ирина Елизарова хит буолбут «Сулустар» ырыатынан ааттаммыт сквер киин куорат Строительнай уокуругар быйыл үлэҕэ киирээри турар.
«Төрүт үгэс – олохпут төрдө» бырайыак салгыы үлэлиир
Сонуннар | 13.08.2026 | 15:48
«Төрүт үгэс – олохпут төрдө» бырайыак салгыы үлэлиир
Барҕа диэн киһиэхэ удьуорунан бэриллэр өй-санаа күүһэ, онтон өй-санаа төһө күүстээҕий даҕаны, ол удьуор аймах, онтон сыдьааннаан бүтүн норуот барҕата – чөл, чэгиэн туруга, дойдуга таптала, бэриниилээх буолуута –  эбиллэр.