19.10.2022 | 18:00

Мобилизация: Ким босхолонор бырааптааҕый?

Быстах хомуур билигин да салҕанан бара турар. Аармыйа сулууспатын ааспыт бэлэмнээх дьону бастакы уочарат ыҥыраллар. Бэбиэскэни военкоматтартан ураты тэрилтэ салайааччылара, дьаһалталара кытта туттарар бырааптаахтар.
Мобилизация: Ким босхолонор бырааптааҕый?
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Сокуоҥҥа олоҕуран, мобилизация болдьоҕун уһатыы уонна мобилизацияттан босхолонуу түгэннэрин үөрэтэн көрдүбүт. 31-ФС уонна 647, 664 Ыйаахтары ылабыт. Баар сокуоннарга эбии уларытыылар балаҕан ыйыттан саҕалаан этиилэр быһыытынан киирбиттэрэ.

 

1. Байыаннай сулууспаҕа быстах кэмҥэ барсыбат дьон

Доруобуйа туругуттан тутулуктаах. Ыалдьа сылдьар буоллаххытына, кылгас кэмҥэ “негоден” диэни оҥотторуохха сөп. Доруобуйа туругунан 6 ыйга диэри мобилизация болдьоҕун көһөрүөххэ сөп.

Ол аата:

– доруобуйата мөлтөөбүт кэмигэр байыаннай дьайыыларга барара тохтуо;

– көһөрүү алта ыйтан уһуо суохтаах;

– Отсрочканы мобилизациялыыр хамыыһыйа эрэ биэрэр. Хамыыһыйа састаабыгар быраастар киирэллэр. Кинилэр медицинскэй чинчийиини оҥороллор уонна медицинскэй сибидиэтэлистибэни биэрэллэр. Болдьоҕу көһөрүүнү үксүн араас тыраамба, эчэйии түмүгэр ылаллар (илии, атах тостуута о.д.а.)

 

2. Бронь оҥотторбут дьон

Олох көрдөрөрүнэн, бронь диэн үксүн араас таһымнаах чунуобунньуктарга бэриллэр. Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаастар оҥороллор. Сорох тэрилтэлэр үлэһиттэригэр бронь ылыахтарын сөп.

Бронь биэрии бэрээдэгин РФ Бырабыыталыстыбата олохтуур. Олох көрдөрбүтүнэн, көннөрү киһи бронь ылара сатамматын кэриэтэ.

 

3. Ыарыһаҕы көрөр-истэр киһи мобилизацияттан босхолонуон сөп

Көрүү-истии өйдөбүлүгэр ыарыһаҕы бастайааннай харайыы, кэтээһин оҥорор эбээһинэс киирэр.

 

Болдьоҕу көһөрүү бэриллэр:

 – ийэни, аҕаны көрүүгэ;

 – кэргэни көрүүгэ;

 – бииргэ төрөөбүттэри көрүүгэ;

 – эбэни, эһэни көрүүгэ;

 – иитэ ылбыт киһини көрүүгэ.

 

Бу быраабынан туһанарга МСЭ хамыыһыйатын түмүгэ хайаан да наада буолар. Оттон чугас аймах бастакы группалаах инбэлиит буоллаҕына, медико-социальнай экспертиза оҥотторор наадата суох.

Манна биир ноолоох – ыарыһаҕы атын көрүөн сөптөөх дьон баар буоллаҕына (эйигиттэн ураты атын оҕолордоох, бииргэ төрөөбүттэрдээх буоллаҕына), отсрочка оҥоһуллубат. Холобур, ыарыһах ийэтин көрөр уол мобилизацияҕа хабыллыан сөп, кини бииргэ төрөөбүт балтылаах – ийэтин көрүөн сөп, ол иһин уол байыаннай дьайыыга ыҥырыллар.

 

 

4. Опекуннар уонна попечителлэр

Бука барыларыгар отсрочка бэриллэр диэн буолбатах. Сокуоннай саастарын туола илик бииргэ төрөөбүттэригэр эпиэкэлээх эрэ киһиэхэ оҥоһуллар.

Манна эмиэ биир түгэннээх – оҕолору атын иитэр киһи баар буоллаҕына, опекуннарыгар отсрочка бэриллибэт. Холобур, иһээччи ийэлээх оҕолор бааллар, кинилэри ийэлэрэ иитэр эбээһинэстээх, онон опекуннара байыаннай дьайыыга ыҥырыллыан сөп.

 

5. Оҕолордоох дьоҥҥо

Түөрт оҕолоох дьон мобилизацияттан босхолоноллор – маны сокуон мэктиэлиир. Онтон Генштаб дьаһалынан (рекомендация) үс оҕолоох дьону байыаннай дьайыыга ылбат. Дьокуускайдааҕы военкомакка эрийэн билсибиппит, “Генштаб дьаһалын билинэллэр, үс оҕолоохтору ылбат буолбуттар”. Ол эрэн бу тиэмэҕэ киэҥник суруйар юристар сүбэлииллэринэн, отсрочканы оҥотторорго военкомакка дэбиэринэстээх киһини ыыппыт ордук буолар.

Биир оҕону соҕотоҕун иитэр киһи эмиэ отсрочка ылыан сөп. Оҕолорун ийэтэ суох иитэр эр киһи, оҕолоро 16-ларын туола илик буоллахтарына, отсрочка оҥотторор бырааптаах.

23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон оҕолоох аҕалары эбии иитимньилээх гына ааҕар туһунан сокуоҥҥа уларытыыны билигин да ырыта сылдьаллар. Олоххо киирэ илик.

 

6. Дьахталлары мобилизацияттан босхолооһун

Сорох кэрэ аҥаардар байыаннай дьайыыга ыҥырыллыахтарын сөп. 16 сааһын туола илик оҕолоох ийэ отсрочка ылар бырааптаах.

22 нэдиэлэттэн улахан хат дьахтар эмиэ мобилизацияттан босхолонор.

23 сааһыгар диэри күнүскү үөрэххэ үөрэнэр устудьуон оҕолоох ийэлэри босхолуур туһунан сокуон эмиэ ырытыыга сылдьар.

 

7. Оҕо күүтэр кэргэннээх эр дьоҥҥо отсрочка оҥоһуллуон сөп, өскөтүн:

– Кэргэнэ 22 нэдиэлэттэн улахан хат буоллаҕына;

– 3 оҕолоох;

– Оҕолоро 16 саастарын туола илик буоллахтарына.

Ол аата эр киһи үс 16 сааһын туола илик оҕолоох, төрдүстэрин кэтэһэр буоллахтарына.

Олоххо киирэ илик сокуон бырайыагар эмиэ оҕо сааһын 23-кэ диэри уһатыллыахтаах.

 

8. Ийэтэ түөрт оҕолоох буоллаҕына, уола отсрочка ылыан сөп:

– ийэтэ түөрт  эбэтэр онтон элбэх оҕолоох;

– оҕолор 8 саастарын туола иликтэр;

– ийэ оҕолорун аҕата суох, соҕотох иитэр.

Маннык түгэҥҥэ бу ийэ уола байыаннай дьайыыга ыҥырыллыбат.

 

9. Оборуона промышленнаһын үлэһиттэригэр

Оборуона промышленнаһын тэрилтэлэрин испииһэгэ — аһаҕас источниктарга суох информация. Эр дьон оннук тэрилтэлэргэ үлэлиир кэмнэригэр эрэ босхолоноллор.

 

10. Устудьуоннарга отсрочка бэриллэр:

– күнүскү эбэтэр күнүскү-кэтэхтэн үөрэх форматыгар;

– үөрэх бырагыраамата судаарыстыбаннай аккредитациялаах буолуохтаах;

– орто эбэтэр үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр буоллаҕына;

– научнай тэрилтэҕэ эбэтэр судаарыстыбаннай үөрэх кыһатын устудьуона буоллаҕына;

– бу үөрэнэр идэтин бастакытын ылар буоллаҕына.

 

11. IT-эйгэтин үлэһиттэрин босхолууллар

Отсрочка ыларга, аккредитациялаах тэрилтэҕэ үлэлиир айтишник буолуохтааххын. Маныаха тэрилтэ кэккэ ирдэбиллэргэ эппиэттиэхтээх:

 – информационнай технологиялар эйгэлэригэр үлэлиир;

 – айти эйгэтигэр оҥорон таһаарар, олоххо киллэрэр, үлэлэтэр;

 – Информационнай структура үлэтин хааччыйар.

Маннык тэрилтэлэр үлэһиттэрин испииһэгин  Генштабка ыыталлар.

 

12. Сибээс оператордарын үлэһиттэрэ сулууспаттан босхолоноллор

Арассыыйа сибээһин операторыгар үлэлиир буолуохтааххын. Тэрилтэ сибээһи хааччыйар, куттал суох буолуутугар эппиэттиир буолуохтаах:

 – сибээс ситимин тутуу;

 – дааннайдары обработкалыыр кииннэр;

 – сибээс ситимин үлэлэтэр.

 

13. Информация уонна сибээс ситимин систиэмэтин олохтуур тэрилтэ үлэһиттэрэ

Информация тэрилтэлэрин, холдиннар, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр отсрочка бэриллэр:

 – тэрилтэ учредителлэригэр;

 – эрэдээксийэлэргэ;

 – регистрациялаах СМИ-лэргэ;

– Теле-араадьыйа ханаалларга.

 

14. Үп-харчы эйгэтин үлэһиттэригэр отсрочка бэриллиэн сөп

Финансовай тэрилтэлэр чуолкай испииһэктэрэ суох. Маннык ирдэбиллэр олохтоммуттар:

– тэрилтэ национальнай төлөбүр систиэмэтин уонна финансовай ырыынак туруктаах буолуутун хааччыйар;

– бааннары салайар;

– уу харчыны кытта үлэлиир.

Ол аата Центробанк үлэһиттэрэ отсрочка ылаллар.

 

15. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара уонна Федерация Сэбиэтин чилиэннэрэ отсрочкалаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....