«МИР» каартаны кыраныысса таһыгар киэҥник үлэлэтэр сорук турар
Быйыл, кулун тутар ыйтан саҕалаан, арҕааҥҥы дойдулар араас хааччахтааһыны киллэрбиттэрин түмүгэр, Арассыыйа электроннай каарталара үгүс дойдуга үлэлээбэттэр. Билиҥҥи туругунан «МИР» систиэмэнэн үлэлиир каартаны урукку Сойуус дойдуларыгар – Арменияҕа, Узбекистаҥҥа, Беларуссияҕа, Кыргызстаҥҥа, Таджикистаҥҥа, Казахстаҥҥа, итиэннэ Соҕуруу Осетияҕа, Абхазияҕа, тас дойдуларга – Турцияҕа, Вьетнамҥа, Соҕуруу Кореяҕа туһаныахха сөп.
Тас дойдулар дьыалаларыгар министиир солбуйааччыта Александр Панкин информациятынан, Азербайджаны, Кытайы, Египеты таһынан Бахрейн, Индия, Куба, Мьянма, Нигерия, Таиланд уонна онтон да атын судаарыстыбалары кытта үлэ ыытыллар. «Норуоттар икки ардыларынааҕы улахан төлөбүр систиэмэтиттэн Арассыыйаны таһааран кэбиһии түмүгэр «МИР» систиэмэни атын дойдуларга киллэрии күүскэ ыытыллар. Бу хайысханан үлэ салҕанар», – диир Александр Панкин.