18.08.2022 | 18:00

Минньигэстик аһааҥ

Минньигэстик аһааҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күөх помидортан ас арааһа

Ситэ буһа илик күөх помидор А уонна С битэмиининэн баай, В битэмииннээх, фосфордаах, калийдаах, цинк уонна селен элбэх. Ол иһин күөх помидор иммунитеты бөҕөргөтөр кыахтаах. Аска эбилик гыннахха, ас буһарар уорганнар үлэлэрин, сүрэх, тымыр систиэмэтин үлэтин тупсарар кыахтаах.

Хаан састаабын тупсарар буолан, ордук варикозтаах дьоҥҥо туһалаах.

Күөх помидорга триптофан диэн эттик баар, ол эттик сератонин оҥоһуллан тахсарыгар эппиэттиир, оттон сератонин үчүгэй настырыанньаны хааччыйар. Ол иһин күһүҥҥү курус санаа үөскүүр кэмигэр күөх помидору сиэбиппит быдан туһалаах буолар эбит.

 

Күөх помидор соланин диэн дьааттаах эттиктээх, ол эрэн бу икки киилэни биирдэ олорон турдахха эрэ доруобуйаҕа буортулаах буолуон сөп. Соланины дэбигэстик сууйан кэбиһиэххэ сөп – помидорбутун туустаах ууга сытыара түһэбит.

 

Грэцкэй эриэхэлээх сокууска

Киилэ аҥаара күөх помидору өлүүскэлэргэ кырбыыбыт, туустаан баран чаас аҥаара туруора түһэбит. Онтон уутун ыган баран кыра гына кырбастыыбыт.

100 г грецкэй эриэхэни бытарытабыт, помидорга эбэбит.

Кориандр бороһуогунан, хара биэрэһинэн тумалыыбыт. Аһыы гынарга, чили биэрэһи кутуохха сөп.

Чеснок, кыһыл эриэппэ луук кырбаан кутабыт, туустуубут. Яблочнай уксуһу кутан, биир чаас холодильникка туруора түһэбит.

Остуолга сибиэһэй килиэби кытта биэрэбит.

 

Духуопкаҕа буспут помидор

Бастаан соус бэлэмниибит. Иһиккэ 20 г ынах арыытын уулларабыт. Биир луугу кырбаан ыһаарылыыбыт. 10 % сүөгэйи кутан баран оргуйуор диэри туруорабыт. Туустуубут, тумалыыбыт.

1,5 кг күөх помидору өлүүскэлэргэ кырбыыбыт, туустаан баран чаас аҥаара туруора түһэбит. Онтон уутун ыган баран духуопка форматыгар сааһылаан уурабыт. Дьапталҕатын аайы панировка суухаратын кутан иһэбит. Бүтэһигэр бэлэмнээбит соуспутун кутабыт.

Духуопкаҕа 40 мүнүүтэ буһарабыт.

 

Соркуойдаммыт помидор

Биэс улахан күөх помидору туустаах ууга сытыара түһэбит (соланинын сууйабыт). Онтон төгүрүктүү кырбыыбыт, тууһуубут. 30 мүнүүтэ буолан баран уутун сүөкээн кэбиһэбит.

Үс иһити бэлэмниибит: бастакыбытыгар ыстакаан аҥаара бурдук кутабыт; иккис иһиппитигэр 2 сымыыты туустаан, биэрэстээн ытыйабыт; үһүспүтүгэр – панировкалыыр суухара.

Помидорбутун бастаан сымыыкка, онтон бурдукка булкуйабыт. Онтон эмиэ сымыыкка уонна суухараҕа булкуйан ылабыт, итии мас арыытыгар ыһаарылыыбыт.

Ханнык баҕарар соуһу кытта барсар.

 

Күөх помидортан икра

3 кг күөх помидору кырбаан баран мясорубкалыыбыт.

1 кг моркуобу, 1 кг болгарскай биэрэһи уонна биир чили биэрэһи эмиэ мясорубкаҕа эрийтэрэбит.

Барытын көстүрүүлэҕэ кутан баран ыстакаан 4/3 саахары, туус уонна биэрэс ким хайдах сөбүлүүрүнэн кутабыт.

40 мүнүүтэ устата буһарабыт. Ыстакаан аҥаара уксус эбэбит, өссө 5 мүнүүтэ тэптэрэбит.

Стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан хаһаанабыт.

Тэллэйтэн кэтилиэт

Тэллэй – 300 г;

Хортуоппуй – 170 г;

Түргэнник буһар овсянка – 100 г;

Луук – 135 г;

Чеснок – 1 өлүүскэ;

Туус – 1 ч.нь.;

Хара биэрэс – быһах төбөтүгэр.

 

Бу кэтилиэккэ ордук шампиньон, масленок тэллэй барсаллар. Ол эрэн ханнык баҕарар ойуур тэллэйин туттуохха сөп – олус минньигэс сыттаах кэтилиэт буһан тахсар.

Овсянканы дириҥ иһиккэ кутабыт. 120 мл оргуйбут ууну эбэбит. Булкуйан баран сойута уурабыт. Овсянкабыт үллэр, элбиир, ууну барытын оборон ылар.

Тэллэйбитин үчүгэйдик сууйан туустаах ууга оргутабыт. Ойуур тэллэйин 15-20 мүнүүтэ оргуттахха сөп буолар, оттон шампиньону эбэтэр вешенканы 10 мүнүүтэ оргутабыт.  Буспут тэллэйи уутун сиидэлиибит, ыгабыт. Онтон бытархай гына кырбастыыбыт.

Хортуоппуйу түөркэлиибит, луугу уонна чесногу кыра гына кырбыыбыт. Петрушка кырбаан эбиэххэ сөп. Барытын холбоон, туустаан баран туруора түһэбит, оччоҕо ууланар, ол уутун ыган кэбиһэбит.

Тэллэйгэ хортуоппуйбутун эбэбит, тумалыыбыт. Илиибитинэн мэһийэбит, миискэ иһигэр үөһээттэн тамнааттаан фаршпытыттан салгынын таһаарабыт.

Илиибитин илитэн баран кэтилиэттэри оҥоробут. Панировка суухаратыгар булкуйан ыһаарылыыбыт. Кумааҕыга ууран, сыатын-арыытын оборторобут.

Тэллэйдээх уонна балыктаах салаат

Тэллэй – 200 г;

Туустаах балык – 250 г;

Хортуоппуй – 4 уст.;

Маринованнай оҕурсу – 3 уст.;

Күөх тума;

Оливка арыыта.

 

Бу салаакка ханнык баҕарар туустаах балык барсар. Састааба боростуой, оҥоһуллара түргэн, тотоойу.

Буспут хорутоппуйу, туустаах оҕурсуну кубиктыы кырбыыбыт.

Туустаах балыгы бөдөҥ соҕустук астыыбыт. Тэллэйи ууга буһарабыт, эмиэ кырбастыыбыт. Күөх туманы – укуруобу, петрушканы – туох баарынан, төһөнү сөбүлүүргүтүнэн.

Арыынан саппараапкалыыбыт.

Баклажаннаах, тэллэйдээх алаадьы

Хортуоппуй – 400 г;

Луук – 1 уст.;

Баклажан – 1 уст.;

Тэллэй – 140 г;

Сымыыт – 2 уст.;

Бурдук – 3 ост. нь.;

Араас тума.

 

Баклажан уонна тэллэй – бэйэ-бэйэлэригэр олус ханыылаһар, барсар астар. Алаадьы оҥорон, томатнай соуһу, кетчубу кытта сиэххэ сөп.

Хортуоппуйу уонна луугу түөркэлиибит, уутун ыгабыт.

Баклажаны, тэллэйи кыра гына кырбастыыбыт, уута кууруор диэри тэҥҥэ ыһаарылыыбыт. Хортуоппуйга холбуу кутабыт.

Бурдук, сымыыт, тума эбэн, тиэстэ мэһийэбит.

Икки өттүттэн саһарчы арыыга ыһаарылыыбыт.

Тэллэй фри

Тэллэй – 600 г. (тэҥ кээмэйдээх буолаллара ордук);

Сымыыт – 2 уст.;

Минеральнай уу – 40 мл;

Бурдук – 5 ост. нь.;

Разрыхлитель – быһах төбөтүгэр;

Панировка суухарата – 6 ост. нь.

 

Сымыыты, минералканы, сиидэлэммит бурдугу, разрыхлители барытын бииргэ ытыйан, кляр бэлэмниибит. Сөбүлүүргүтүнэн араас туманы эбиэххитин сөп.

Тэллэйи сууйан, куурдан баран, клярга уган ылабыт. Мас шпажкаларынан туттабыт.

Суухараҕа булкуйабыт уонна элбэх арыыга эбэтэр аналлаах фритюрницаҕа ыһаарылыыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...