18.12.2019 | 15:02

МИН КУОРАТЫМ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иллээх ыаллаһыы сылынан хаһыаппыт кэтэһиилээх бырайыагын салгыыр.

Гагарин оройуона куоракка киирэр аартык. Сөмөлүөтүнэн көтөн кэлбит дьон дьоллоох Дьокуускайга бу уокуругунан киирэллэр. Сэтинньи 20 күнүттэн уокурук салайааччытынан Дмитрий Шарипов ананан үлэтин саҕалаата. Салайааччы бу иннинэ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөлүөлэгин баһылыгынан үлэлээбитэ. Санатар буоллахха, Гагарин уокуруга киин куорат биир саамай элбэх нэһилиэнньэлээх уокуруга. Ол курдук, манна 26 тыһ. тахса киһи олорор, сирин иэнэ 13 654 607, 5 тиийэ м2. Уокурук дьаһалтатыгар 14 исписэлиис үлэлиир. Бүгүн саҥа салайааччы уокуругун бэлиэ миэстэлэрин сырдатар.

ГАГАРИН ӨРҮҮ САЙДАР КЭСКИЛЛЭЭХ

Биһиги уокурукпутугар чааһынай дьиэ элбэх - 1225, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ ахсаана – 144, онтон 72-тэ – таас, мас дьиэ ахсаана эмиэ 72. Уокурукка 51 оҕо уһуйаана уонна спортивнай балаһааккалар үлэлииллэр. Территория иһигэр үс уопсай үөрэхтээһин уонна биир коррекционнай оскуола бааллар. Биир бэлиэ тутуунан «Стерх” спорт комплекса буолар. Маны сэргэ тутаах тэрилтэлэрбит – 2№-дээх поликлиника уонна 3№-дээх полиция отдела. Быйыл уокурукка Иллээх ыаллаһыы сылынан уопсайа 110 араас хабааннаах тэрээһин ыытыллыбыт.

Саҥа анаммыт буоламмын, уокурук сайдарын уонна тупсарын туһугар туох баарбынан үлэлии сатыыбын.

ДЬОКУУСКАЙ ПУОРДА

Быйыл аэропортка Былатыан Ойуунускай аатын иҥэрдилэр. Аныгы авиацияны тыйыс тымныы усулуобуйаҕа тургутан көрөр пуордунан ааҕаллар. Тус бэйэм хоту улууска олорбут, үлэлээбит буоламмын, бу пуортан чаастатык сөмөлүөтүнэн көтөр этим.

ҮРҮҤ КҮӨЛ

Номоххо киирбит Үрүҥ Күөл – оҕо сылдьан элбэхтик балыктаабыт, сөтүөлэбит түөлбэм. Уокурук олохтоохторо сайын билигин даҕаны сөтүөлүүллэр, кыһын балыктыыллар эбит. Халлаан сылыйдаҕына манна мас  олордон, ыраастааһын уонна сайыннарыы үлэти ыытыахпыт.

ДЬОКУУСКАЙ ААНА

Бу объегы тутуу былырыын саҕаламмыта. Быйыл сайын баһылык эбээһинэһин толорооччу Анжелика Ахмедова салалтатынан үлэҕэ киирбитэ. Билигин уокурукпут биир кэрэ көстүүлээх объега буолан турар. Оҕо аймах манна тымныыны аахсыбакка сөбүлээн хаартыскаҕа түһэ, сынньана кэлэллэрин үгүстүк бэлиэтии көрөбүн.

Инникитин да бу курдук хабааннаах тутуулар олоххо киирэн иһэллэригэр баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....