18.12.2019 | 11:58

МИН КУОРАТЫМ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 Иллээх ыаллаһыы сылынан хаһыаппыт “Мин куоратым” бырайыагын салҕыыр

Сайсары – киин куорат биир киэн туттар, элбэх нэһилиэнньэлээх уокуруга. Норуот номоҕор үгүстүк ахтыллар Тыгын бу күөл кытылыгар олорбута диэн билэбит. Манна быһа холоон 40 тыһ. киһи олорор. 595 дьиэ баарыттан, 468-һа – мас дьиэ. Уокурук хаарбах туруктаах дьиэлэрин өрөмүөннээһин, кыстыкка киллэрии, уокурук тупсаҕай көстүүтүн ситиһии, бөҕү тиэйтэрии, ыраастааһын – бу барыта баһылык Леонид БЯСТИНОВ салалтатынан быһаарыллар боппуруостар. Бүгүн баһылык сөбүлээн ааҕар хаһыатыгар киин куоратын бэлиэ миэстэлэрин сэһэргиир.

ЧОЧУР МЫРААН

Саха киһитэ айылҕалыын алтыһан, бултаан-алтаан тыыннаах буолан кэлбитэ. Куораппыт биир ытык сиринэн мин Чочур Мырааны ааҕабын. Манна сайыннары-кыһыннары сөбүлээн сынньанабын, күүс-уох ылабын. Саас халлаан сылыйдаҕына уокурук олохтоохторо кыттыылаах улахан субуотунньук тэрийэбит.

26 №-дээх ОСКУОЛА

Бу оскуолаҕа мин бастакы кылаастан сэттискэ диэри үөрэммитим. Син-биир хас биирдии киһи оскуолатын сылаастык саныыр, ахтар, туох сонуннааҕын билсэ-көрсө сылдьар. Куорат биир бастыҥ оскуолатыгар үөрэммиппинэн киэн туттабын.

УСТУДЬУОН КУОРАТА

Сэргэлээх. Куорат уола буолан, Сэргэлээх уопсайыгар олорботоҕум эрээри, бу сири олус күндүтүк саныыбын. Урут бу диэки олорбутум. Бастакы идэм – история учуутала.

УЙБААН ШАМАЕВ ОСКУОЛАТА

Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт. Мин манна 10-11 кылаастарга үөрэммитим. Лицей мин киһи буолан тахсарбар, улаатарбар, олоҕум суолун буларбар төһүү күүс буолбута. Уйбаан Шамаев оскуолата билиҥҥэ диэри биир бастыҥ үөрэх кыһатын аатын тута сылдьар. Манна сыллата өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан дьоҕурдаах оҕолор кэлэн үөрэх-билии  ылаллар.

ИЙЭ БОЛУОССАТА

Бу паамытынньыкАҕа дойду Улуу сэриитигэр ийэ оруолун үйэтитэр сыаллаах. Ийэ уобараһа хайа баҕарар норуокка, киһиэхэ хаһан даҕаны сүппэт ураты куттаах бэлиэ. Ийэ болуоссата былыргы сахалар түөлбэлээн олохсуйбут сирдэригэр турара, мин санаабар, саамай сөп. Куорат олохтоохторо бары сөбүлээн сылдьар, сынньанар, айылҕалыын алтыһар сирдэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....