19.04.2024 | 18:00

«Мин аҕам – саамай бастыҥ» бэстибээл-күрэх буолан ааста

Айыыһыт ыйа билиҥҥи кэм сахатыгар ордук эр дьоҥҥо хайыспыт, кинилэри өрө тутар, кинилэргэ анаммыт суолталаах анал күннэрдээх – Булчут күнэ, Аҕа күнэ, Уол оҕо күнэ...
«Мин аҕам – саамай бастыҥ» бэстибээл-күрэх буолан ааста
Ааптар: Наталья РУФОВА, Хатас
Бөлөххө киир

Бу үрдүкү салалтабыт киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин сайдыытыгар, бөҕөргүүрүгэр эр киһи оруолун үрдэтиигэ, чиҥэтиигэ туһуламмыт үлэтин түмүгэр тахсыбыт дьаһаллар. Дьиҥнээх эр киһи ис чиҥнээх, өрүһүлтэлээх өйүн өркөнүн туһалаахха туһаайар, наадалаахха наардыыр, олоххо баар моһоллору-мэһэйдэри туоруурга, дьон олоҕун туруктаах буолуутугар ураты көрүүнү киллэрэр.

Бу этиллибиккэ толору сөп түбэһэр «Мин аҕам саамай бастыҥ» диэн дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылыан ылбыт бырайыак ааптарынан «Тускул» Култуура киинин уус-уран салайааччыта Вилена Константинова буолар. Вилена Михайловна көҕүлээһининэн, Иннокентий Спиридонов салайааччылаах «Аҥаардас аҕалар» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүү тэрийиитинэн «Мин аҕам саамай бастыҥ» бэстибээл-күрэх 2019 сылтан Хатастааҕы «Тускул» КК быйыл үһүс төгүлүн үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Онуоха «Тускул» КК кэлэктиибэ ыалдьыттары, кыттааччылары аан айаҕыттан алгыстаах алаадьынан арчылаан көрсөрө үтүө өһүө буолара саарбаҕа суох.

Быйылгы бэстибээлбит үгэс курдук бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕиттэн саҕаланна. Дьэ, кимнээх кытыннылар?

Владимир Собакин – Таатта улууһун бэрэстэбиитэлэ, Тулагытааҕы Култуура дьиэтин хореограба. Владимир икки кыыс оҕолоох, улахана Ариана устудьуон, кыра кыыс Венера оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччитэ.

Сунтаартан сыдьааннаах Сергей Егоров кыыһа Айыына кыра эрдэҕинэ доруобуйатыгар хаарчахтааҕын этиҥ эппитин курдук соһуччу истэн, оҕотун доруобуйатын туһугар Дьокуускай куоракка олохсуйбут. Айыына билигин оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, куонкурус ыытыллар күнүгэр тиийэ хайыһарга оскуолатын чиэһин көмүскүүр дэгиттэр спортсменка, олоххо көхтөөх ыччат.

«Авиалесохрана» тэрилтэ парашютиһа Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Семен Пестряков соҕотох кыыһыныын, Дьокуускай куорат 5№-дээх оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Айнууратыныын иннэлээх сап курдук өрүү бииргэ сылдьаллар.

Сүрдээх сэмэй, ис-иһиттэн сааһыламмыт-наардаммыт курдук майгылаах Василий Борисов күрэххэ уһуйаан иитиллээччитэ кыыһыныын Асялыын Горнай улууһун саамай уһук Кэптин нэһилиэгиттэн кэлэн кытынна. Василий Семенович Кэптин орто оскуолатыгар оробуочайдыырын таһынан, саха төрүт дьарыгынан үөрүнэн сүөһүлээх-астаах, үүтү-сүөгэйи үрүлүтэ сүүрдээччи эмиэ кини.

Биэс оҕону оскуолаҕа үөрэттэрэр, уһуйааҥҥа сырытыннарар Иван Рожин Эҥсиэли хочотуттан төрүттээх. Иван Иванович билигин Дьокуускайга «Стройуниверсал» диэн тэрилтэҕэ снабженеһынан үлэлиир. Рожиннар күрэххэ бука бары кэлэн кытыннылар – уолаттар Альберт, Виктор, кыргыттар Юлия, Нелли уонна Виолетта.
Хаҥаластан төрүттээх-уустаах Василий Солдатов сэттэ саастаах Анжеликатыныын кытыннылар. Анжелика сүрдээх дьоһун киһи – аҕата долгуйа-долгуйа кэпсииригэр, аттыгар сиэттиһэн туран «Аҕаа, долгуйума, мин эн аттыгар баарбын» диэн уоскутара барыбытын даҕаны уран санаа уйаҕас долгунугар киллэрдэ.

Программист идэлээх Александр Павлов оҕолорун Эрсаннаах Айсены кытта ыраах Амма улууһуттан айаннаан кэлбиттэр. Александр Петрович улаатан эрэр уолаттарын иитиитигэр дьоһун болҕомтону уурарын сыл аайы оскуола төрөппүттэрин кэмитиэтигэр талыллара, «Бастыҥ төрөппүт» анал аат хаһаайына буолбута туоһулууллар. «Оҕолоргутун төлөпүөннэрин туспа уурдаран баран, атах тэпсэн олорон сэһэргэһиҥ, спорт, айар дьарык, оскуола олоҕун сэргээҥ» диэн сүбэтэ бүгүҥҥү түһүлгэ кыттыылаахтарыгар эрэ буолбакка, аныгы төрөппүттэргэ барыларыгар тоҕоостоох.

Автомэхээнньик идэлээх Дьокуускай куорат Автодорожнай уокуругун бэрэстэбиитэлэ Александр Зайцев үс кырачаан кыыс оҕолоох.

«Бэйэни билиһиннэрии» түһүмэҕэр үгүстэр видеоролик, хаартысканан слайда бэлэмнээн кэлбиттэрин көрөн, дьиэ кэргэн бүттүүн үлэлээбитин итэҕэйэҕин.

«Мин аҕам  – бастыҥ повар» диэн салаат астыыр түһүмэх – бэстибээлбит биир кэрэхсэбиллээх, дьиэ кэргэн бары кыттыыны ылар чааһа. Оҕолор аҕаларыгар көмөлөһөн, күүтүллүбүтүн курдук, бары даҕаны олус минньигэс аһы астаатылар уонна тэрээһин кэнниттэн үөрэ-көтө амсайдылар. Манна Иван Рожин балыктаах, дьаабылакалаах «Нежный», Василий Борисов туустаах оҕурсулаах, убаһа эттээх «Охотничий», Семен Пестряков блинытыгар, утаҕар тиийэ «доҕуһуоллаах» «Овощной», Александр Павлов ресторантан итэҕэһэ суох киэргэтиилээх «Острый» салааттара тэҥнээхтэрин булбатылар. Аҕалар бүлүүдэлэрин бэриэнньиктээх, эрэһиинэ бэрчээккилээх бэлэмнээбиттэрэ хайҕаныан эрэ сөп.

Түргэн-тарҕан, ааҕыллыбыт-суоттаммыт туттууну-хаптыыны эрэйэр өссө биир түһүмэҕинэн үгэс курдук меценат, экстремал сүүрүк Владимир  Емельянов толкуйдаан оҥорбут «Хомуур күрэх» диэн кубиктары хомуйууга күрэх буолар. Манна Иван Рожин (35, 16), Александр Зайцев (36,16), Александр Павлов (37.28) инники күөҥҥэ сырыттылар.

Төрдүс быһаарыылаах түһүмэҕинэн талааны көрдөрүү буолла. Аҕалар бары даҕаны талааннаахтара, оҕолорун айар дьоҕурга көҕүлүүллэрэ сөхтөрдө. Семен Пестряков анал байыаннай дьайыыга сылдьар доҕотторугар анаабыт хоһооно, Иван Рожин кыыһын кытта вальс үҥкүүлэрэ, Александр Павлов уолаттарын кытта ырыалара, Василий Солдатов кыыһын уруһуйдара, Василий Борисов Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах ырыата көрөөччүлэри долгуттулар даҕаны, үөртүлэр даҕаны.

Түмүккэ бастакы миэстэ хаһаайынынан Иван Рожин тахсан, холодильник хаһаайына буолла. Иван Иванович тэрийээччилэргэ билиммитинэн, бу күннэргэ оруобуна холодильник көрдүүр, атыылаһар кыһалҕатыгар ыллара сылдьыбыт. Иккис бириистээх миэстэни Амматтан кэлбит Александр  Павлов ылан, саҥа улахан телевизорданнылар. Эмиэ ыраахтан, Горнай улууһуттан кэлбит Василий Борисов үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксэн, дьиэтигэр таҥас сууйар массыыналаах айаннаата. Маны таһынан Василий биир дойдулаахтарын аатыттан 50000 солкуобайы уу харчынан тутан, өрөгөй түгэнин биллэ! Итини таһынан Александр Зайцев «Cаамай спортивнай аҕа», Сергей Егоров «Саамай үөрүнньэҥ аҕа», Семен Пестряков «Саамай эр санаалаах аҕа», Владимир Собакин «Саамай креативнай аҕа» анал ааттарынан бэлиэтэнэн, ким даҕаны кытыыга анньыллыбакка, үөрүү кынатыгар олоруста, оонньообут эрэ барыта астыныы эйгэтигэр киирдэ.

Кыттааччылар бэйэлэрэ билиммиттэринэн, бу тэрээһин кинилэргэ кыайыыга дьулууру таһынан, алтыһыыттан астыныыны, көрсүһүүттэн үөрүүнү, билсиһииттэн биһирэбили биэрэринэн тэҥнээҕэ суох. Оттон «Аҥаардас аҕалар» уопсастыбаннай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Спиридонов бэлиэтииринэн, «Мин аҕам – саамай бастыҥ» бэстибээл-күрэх биир сүрүн ситиһиитинэн аҕалар бу күрэхтэн тирэнэн, бэйэлэригэр эрэллэрэ улаатан, олохторун саҥаттан оҥостоллоро буолар.

Түгэнинэн туһанан «Аҥаардас аҕалар» уопсастыбаннай түмсүү бэстибээл-күрэх ыытылларыгар өйөбүл-тирэх буолбут тэрилтэлэргэ, биирдиилээн урбаанньыттарга махталын биллэрэр: «Сахаэнерго», «Медиком», «СК-Мебель», «Колми», «Копиртехсервис», «Пиломатериалы» тэрилтэлэргэ, «Норма» маҕаһыыҥҥа, Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Миа» кафетыгар, «Эгэлгэ», «Дружба», «Сандал» маҕаһыыннарыгар, урбаанньыттар Г.А. Кырбасовка, М.М. Павловка уо.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....