16.08.2022 | 12:00

Михаил Мишустин Онкологическай киин эбии үбүлээһинин өйөөтө

Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин бэнидьиэнньиккэ Дьокуускайга кэллэ. Кини сүрүн сыала – ойуур баһаарыттан уонна уу халааныттан тахсыбыт хоромньулар тула мунньаҕы ыытыы диэн иһитиннэрдэ СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Михаил Мишустин Онкологическай киин эбии үбүлээһинин өйөөтө
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин Саха сиригэр Онкология киинин тутуутугар эбии үбүлээһин туһунан этиини өйөөтө.

«Биллэн турар, ситэри тутуохха наада. Ирдэнэр докумуоннары бэлэмнээҥ, сыл бүтүөр диэри экспертиза бигэргэтиитэ түмүктэниэҕэ. Көмөлөһүөхпүт», – диэтэ премьер-миниистир өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана  Айсен Николаевтыын көрсүһүүтүгэр.

Айсен Николаев дьүүллэһии кэмигэр тутууну бүтэрэргэ эбии 2,8 миллиард солкуобай ирдэнэрин бэлиэтээтэ, итинтэн 2 миллиардтан тахса солкуобай — тэрили атыылаһарга.

«Кэнники сылларга дойду бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын элбэх саҥа эбийиэгэ баар буолла, холобур, кардиология киинэ, бу билигин онкология киинэ тутуллар. Матырыйаал уонна тэрил сыаната үрдээбитинэн сибээстээн тутууну ситэрэргэ эбии үбүлээһининэн өйөбүлү көрдөһөбүт. Билиҥҥи туругунан тутуу бэлэмэ 77%», – диэтэ Ил Дархан.

Эбийиэк уопсайа түөрт блоктаах буолуохтаах: поликлиникалар, эпэрээссийэлиир блок уонна стационар. Стационар  180 куойкалаах уонна хаһаайыстыбаннай блоктаах, манна биир сменаҕа 210 киһини көрөрү былаанныыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....