«МЭР-2022»: ураты, умнуллубат
Быйылгы «МЭР-2022» («Молодежь – энергия развития») дьыалабыай оонньуу бары өттүнэн ураты буолла. Кыттааччылар ый устата бииртэн биир сонун түһүмэххэ күрэхтэстилэр, 5 тургутууну аастылар. Барыта алта хамаанда, 45 эдэр исписэлиис кыайыы туһугар дьулуста.
Муус устар 20 күнүгэр кыттааччылар киин куорат баһылыга Евгений Григорьев бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэҕэ бырайыактарын көмүскээтилэр. Кыайыылаахтар дипломнарынан, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Итиэннэ Олохтоох дьаһалта каадырдарын резервэтигэр киирдилэр.
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр «МЭР-2022» кыайыылаахтарын уонна чаҕылхай кыттааччыларын билиһиннэрэбит.
Дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах уонна көдьүүстээх
Алена Неустроева ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтигэр үлэлиир. «МЭР» оонньууга быйыл бастакытын кытынна уонна хайыы-үйэ ситиһиилэннэ – “Бастыҥ оонньооччу” аатын ылла. Ол иннинэ “Саха сирин талааннарыгар” бэйэтин чаҕылхайдык көрдөрбүт. Ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэнэ.
Алена быйылгы оонньуу туһунан санаатын үллэһиннэ, хас биирдии түһүмэх хайдах ааспытын кэпсээтэ.
– Бырайыак толкуйдуур, көмүскүүр, уопсайынан, хамаанданан үлэ олус умсугутуулаах. «МЭР-2022» миэхэ саҥа доҕоттору, сонун көрсүһүүлэри бэлэхтээтэ.
Бастакы түһүмэххэ “Доруобай ийэ” диэн олох ыарахаттарыгар түбэспит ийэлэргэ аналлаах аахсыйаны ыытан бастаабыппыт. Иккис түһүмэххэ Саха сирин туһунан викторина буолбута. Үһүс түһүмэххэ Дьокуускай куорат Дууматыгар дебат ыытыллыбыта, онно эмиэ бастаабыппыт. Төрдүс түһүмэххэ Арассыыйаҕа Култуура нэһилиэстибэтин сылынан куорат устун квест биллэриллибитэ, онно эмиэ баалбытынан атын хамаандалары баһыйбыппыт. Бэһис түһүмэххэ – бырайыак көмүскээһинигэр иккис буолбуппут.
Хамаандабытыгар ахсыабыт. Бары доҕордостубут. Биһиги “Благоустройство” диэн блогка түбэспиппит. Бастакы көрсүһүүбүтүттэн бырайыакпытын толкуйдаан барбыппыт. Элбэх тиэмэни сыымайдаабыппыт. Сүбэлэһэн баран, «Концепция умный ИЖС-Якутск» бырайыагы оҥордубут. Онуоха Элбэх өҥөнү оҥорор киини кытта үлэлээтибит. Сыалбыт-сорукпут – дьиэлэрин-уоттарын тупсарыан баҕарар дьон биир сиртэн туһалаах иһитиннэриини ылалларын ситиһии. Ол курдук, дьиэ-уот регистрациялата кэлбит киһи туох сайаапканы толорорун, ханнык докумуоннары хомуйсарын, ханна барарын туһунан сиһилии информацияны билиэхтээх.
Манна эбэн эттэххэ, бу кыһалҕаны хамаандабыт кыттааччылара бэйэлэрэ көрсүбүттэр. Былырыын дьиэ, учаастак атыыласпыттар уонна ханнык докумуоннар ирдэнэллэрин, ханна илдьэн туттаралларын, уопсайынан, туохтан саҕалыылларын билбэттэр эбит. Онон бу бырайыак дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах уонна көдьүүстээх буолуоҕа диэн санааҕа кэлбиппит.
Бырайыакпыт салгыы сайдарыгар, силигэ ситэригэр өйөбүл ыллыбыт. Сыл бүтүөр диэри информацияны барытын Элбэх өҥөнү оҥорор киини уонна ситиминэн үлэлиир тэрилтэлэри кытта хомуйуохтаахпыт. Инникитин Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар туспа салаа быһыытынан киллэрэр санаалаахпыт.
Атын бырайыактары сэргии, сэҥээрэ иһиттим. Олоххо киирэллэрэ буоллар, куорат сайдыытыгар олус туһалыахтара этэ.
Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм. Омскайдааҕы техническэй университеты бүтэрбитим, энергетик идэтин баһылаабытым. Дойдубар төннөн кэлээт, киин куораппыт уларыйбытын, тупсубутун бэлиэтии көрбүтүм.
Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэлиэ сыл. Биһигини, Ыччат бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин, Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн амбассадордарынан анаабыттара. Онон тэрээһиммит элбэх, былааммыт киэҥ, – диэн сэһэргээтэ.
Алена көҕүлээһининэн Ыччат бырабыыталыстыбата “Билеты Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһу тэрийэн ыыппыт. Патриотическай күрэххэ үгүс үлэ киирбитин кэпсээтэ. “Саха сирэ, чахчы даҕаны, талааннаах ыччатынан баайын өссө күүскэ итэҕэйдим”, – диэтэ.
Бырайыакпытын баһылык хайҕаата
Роза Данилова – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ “Лингвистическая экология Арктики” норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-чинчийэр лабораториятын младшай научнай үлэһитэ. Устудьуон саҕаттан уопсастыбаннай олоххо көхтөөх. Ол курдук, Красноярскай куоракка ыытыллыбыт Кыһыҥҥы Универсиадаҕа волонтердаабыт. 2019 сыллаахха Роза “Время молодежи” өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл түмүгүнэн “Бастыҥ волонтер” ааты ылары ситиспит. Соҕуруу Сахалиҥҥа буолан ааспыт I кыһыҥҥы “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга волонтерунан үлэлээбит.
– Онус төгүлүн ыытыллыбыт «МЭР-2022» дьыалабыай оонньуу үбүлүөйдээх сыла буолан, уруккутааҕар уратытык ыытылынна. Бу иннинэ икки-үс күн буолара, быйыл биһиги ыйы быһа күрэхтэстибит. Үлэбитигэр мэһэйдэппэт гына бириэмэбитин аттаран сырыттыбыт. Бииртэн биир сонун түһүмэх ааста. Сорудахтара, ыйытыылара, тиэмэлэрэ барыта бэлиэ дааталарга анаммыт буолан, интэриэһинэй. Холобур, Дьокуускай куорат Дууматын туһунан элбэҕи биллибит-көрдүбүт.
Хамаандабытыгар сэттиэ этибит, үксэ – оскуола үлэһиттэрэ. Биэс түһүмэххэ барытыгар миэстэлэстибит. Аахсыйаҕа уонна викторинаҕа – иккис, дебакка, квест оонньууга – үһүс, бүтэһик быһаарыылаах түһүмэххэ бастакы буолбуппут. Онон кыайыылаах аатын сүктүбүт.
Биһиги Дьокуускай куоракка доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор сынньанар, оонньуур сирдэрэ суох эбит диэн санааттан “Инклюзивная площадка” диэн бырайыагы көмүскээтибит. Холобур, Наталья Водянова пуондата туппут балаһааккатыгар үксүн сүүрэр-көтөр, чэгиэн оҕолор сылдьаллар.
Инклюзивнай балаһааккабытын Култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар туруоруохпутун баҕарабыт. Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев идиэйэбитин тута сөбүлээбитэ. Социальнай хайысхалаах блокка сөптөөх уонна чахчы наадалаах бырайыагы толкуйдаабыккыт диэн хайҕаабыта. Биһиги балаһааккабыт ирдэбилгэ эппиэттиир тээбирининэн, тэрилинэн хааччыллыахтаах, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх.
Дьокуускайга 8 сыл олордум. Бу кэм тухары тапталлаах куораппыт биллэ сайынна диэн этиэхпин баҕарабын. Суол-иис оҥоһуллар, үгүс уһуйаан, оскуола тутуллар, куораппыт ырааһырар, көҕөрдүү, тупсарыы үлэтэ ыытыллара харахха быраҕыллар.
Билиҥҥи ыччат ураты толкуйдаах, киэҥ билиилээх, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Эдэр киһи үүнэригэр-сайдарыгар аартыга аһаҕас, оннук үчүгэй кэмҥэ олоробут. Туохха барытыгар өрүү көхтөөх, улуу Былатыан Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов курдук Ийэ дойдугутугар бэриниилээх дьон буолуҥ, өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар бэйэҕит кылааккытын киллэриҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин, – диэн кэпсэтиибитин түмүктээтэ кыайыылаах хамаанда көхтөөх кыттааччыта.
Куоракка вакуумнай канализация наада...
Никита Федотов быйылгы күрэххэ бэйэтин чаҕылхайдык көрдөрөн, “Бастыҥ араатар” анал аат хаһаайына буолла. Кини М.К. Аммосов аатынан ХИФУ юридическай факультетыгар магистратураҕа үөрэнэр.
– Биһиги хамаанданан “Цифровая мэрия” диэн портал бырайыагын толкуйдаабыппыт. Бу Олохтоох дьаһалта сайтын иһинэн үлэлиэхтээх. Нэһилиэнньэ араас өҥөнөн туһанарыгар табыгастаах уонна судургу буолуохтаах. Холобур, гражданнар сайаапка биэрэллэригэр ханнык эрэ муниципальнай тэрилтэҕэ уочаракка турбакка, күнү-дьылы бараабакка, биһиги порталбытынан туһаныахтарын сөп. Кюар-коду эптэхпитинэ, бары өттүнэн табыгастаах буолуоҕа.
Ону сэргэ, ханнык эмит муниципальнай уоргаҥҥа эксперимент быһыытынан ЕСЭД диэн электроннай докумуоннары эргитэр систиэмэни судургу оҥорор нейро ситими киллэрэр санаалаахпыт. Оччоҕуна докумуоннары регистрациялыыр уонна тарҕатар уустуга суох буолуоҕа. Бу үлэ олус элбэх бириэмэни уонна сыраны эрэйэр. Ол иһин ханнык эрэ түргэн быһаарыыны ирдиир сайабылыанньа ханна эрэ тиийэн уһаан хаалар. Онон биһиги толкуйдаабыт нейро ситиммит көмөтүнэн үлэ түргэтиэхтээх. Маннык ситим инновация министиэристибэтигэр баар, онон муниципальнай тэрилтэлэргэ киириэн сөптөөх, кыаллыбат дьыала буолбатах.
Никита биир да кумааҕыта суох элбэх дьон иннигэр саҥара-иҥэрэ үөрэммит, хааһахтан хостуур курдук кэпсиир. Араатар искусствотын араас тиэхиньикэлэрин туһанабын диир. Филологическай факультет ыыппыт “Бастыҥ араатар” күрэҕин кыайыылааҕа.
– Биһиги куораппытыгар сайын аайы улахан ардах түстэҕинэ, киһи сатаан суолу туораабат, айаннаабат буолар. Хомунаалынай сулууспалар ууну хачайдыы тахсаллар. Бу – куорат сытыы кыһалҕата. Мин икки сыллааҕыта “Законодательные инициативы” күрэххэ Дьокуускай куоракка вакуумнай канализацияны киллэрэр туһунан этиини киллэрбитим. Ил Дархан Айсен Николаев өйөөбүтэ. Архитектура управлениетыттан Ленин проспега уонна Аммосов уулуссата быһа охсуһар сирдэригэр эксперимент быһыытынан бырайыаккын киллэриэххэ сөп диэн эрийэ сылдьыбыттара. Билигин санкция мэһэйдиир буолла. Тоҕо диэтэххэ гликолевай убаҕаһы Арассыыйаҕа оҥорботтор. Тас дойдулартан эрэ аҕалтарыахха сөп. Онон, хомойуох иһин, билигин бырайыагым олоххо киирэр кыаҕа суох. Инникитин кыаллыа, табыллыа диэн эрэнэбин.
Никита НПК-ларга, олимпиадаларга ситиһиилээхтик кыттар. Аспирантураҕа киирэр, олоҕун науканы кытта ситимниир санаалаах.
Ити курдук, онус үбүлүөйдээх оонньуу саҥа аартыктары арыйда, үгүс умнуллубат түгэннэри бэлэхтээтэ.